Бүгүн, муус устар 1 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүтээҕи айылҕа харыстабылын иснпекциятын кытта улуустааҕы киин бибилэтиэкэ тэрийиитинэн, Аан дойдутааҕы Көтөрдөр күннэригэр аналлаах «Поможем зимующим птицам» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи акцияҕа кыттыһан уһуйаан уонна алын кылаас оҕолоругар экологическай бырааһынньык тэрилиннэ.
Оҕолор кыра саастарыттан айылҕаны таптыы, харыстыы улааталларыгар туһаайыллыбыт тэрээһин ис хоһооно сүрдээх киэҥ буолла. Үөһээ Бүлүүтээҕи ураты харыстанар сирдэр старшай госинспектора Василий Васильевич Титов уонна айылҕа харыстабылын инспекциятын старшай госинспектора Зинаида Николаевна Данилова бу күн хайдах үөскээбитин, көтөрдөр тустарынан, кинилэр туох суолталаахтарын сүрдээх кэрэхсэбиллээхтик кэпсээн оҕолор, салайааччылар киэҥ сэҥээриилэрин ылла.
Ыытыллыбыт күрэххэ уопсайа 30 үлэ киирдэ, 59 оҕо кытынна. Күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтарга добун сурук уонна минньигэс бэлэх туттардылар. Маны тэҥэ хас биирдии кыттааччыларга Саха Республикатын экология министиэристибэтин туоһу суруга бэрилиннэ.
Кэлэр көлүөнэҕэ айылҕаны чөл хаалларарга, айылҕаны харыстыырга маннык экологическай тэрээһиннэр, акциялар, уруоктар элбэхтик ыытыллаллара кэрэхсэбиллээх. Бу тэрээһинтэн оҕолор элбэҕи билэн, көрөн тарҕастылар.





