Капитан Гастелло

Сэрии саҕаламмыт маҥнайгы күннэриттэн боруоҥҥа сэбиэскэй буойуттар хорсун быһыыларын тустарынан кэпсээннэр, Советскай информбюро иһитиннэриилэрэ дойду үрдүнэн киэҥник барбыта.
Олор истэригэр лүөтчүк хаппытаан Николай Гастелло умайбыт сөмөлүөтун немецтар бэнсиин тиэммит танкалаах бөлөхтөрүн диэкки түһаайан буомба буолан түһэн, өстөөх таанкаларын умаппыта.
Лүөтчүк Гастелло бу хорсун быһыытын туһунан Эллэй сонно тута “Капитан Гастелло” диэн хоһоонун суруйан “Кыым” хаһыакка от ыйын 25 күнүгэр таһааттарбыта. Онуоха, скобка иһигэр “Щорс туһунан ырыа” матыыбынан” диэн суруктаах этэ. Онон, бу ырыа бастаан М. Блантер муусукатынан ылланан барбыта, ол эрээри хампасыытар Марк Жирков атын муусуканы суруйбута.

Серафим Романович Кулачиков - ЭЛЛЭЙ

Марк Николаевич Жирков

Советский военный лётчик, участник трёх войн, в момент гибели занимал должность командира 2-й эскадрильи 207-го дальнебомбардировочного авиационного полка 42-й дальнебомбардировочной авиационной дивизии 3-го дальнебомбардировочного авиационного корпуса Дальнебомбардировочной авиации ВВС РККА в звании капитана. Погиб во время боевого вылета. Герой Советского Союза, посмертно

 
 
Капитан Гастелло

Эллэй тыллара
М. Жирков матыыба

Хараҥа былыт түүҥҥэ
Өлөрө – уора,
Халаатаан өрө көттө
Баай – басыыс суора.

Көппүтэ ону билэн,
Кэккэтин үөрдэн,
Сэбиэскэй ийэ сиртэн
Мохсоҕол бэрдэ.

Халлааҥҥа өстөөх биистиин
Гастелло харсар,
Хаанымсах хара күүстэн
Бииртэн биир умсар.

Халлааҥҥа хабыр этиҥ
Өрүтэ иүллэр.
Хаппытаан аалын көөртө –
Кытарар төлөн.

Баҕарбат билиэн барыан,
Батталы көрүөн.
Баҕарар сидьиҥ бииһин
Сиҥнэрэн өлүөн.

Үөһэттэн көрдө сиргэ
Үөр өстөөх баарын:
Туругур дьоллоох дойдум,
Туругур эйэ.

Умайар кутаа буолбут
Сөмөлүөт иннин
Танкалаах бөлөх диэки
Салайда кини.

“Баҕардар миигин төлөн
Түрүтэ сиэтин.
Басыыһы хампы түһүөм,
Хайаатар да, мин!”

Гастелло буомба буолан
Үөһэттэн түстэ.
Өстөөҕү үлтү тэптэ,
Буорунан типтэ.

Туойуоҕун Ийэ сиргэ
Төлөммүт иэһи!
Туойуҕун сүрэх аайы
Тыыннааҕын биһи!

Ким сырдык өлбөт дьыала
Кыайыытын була
Сэбиэскэй норуот дьолун
Турдалыы барар.

Мэлдьитин тыыннаах буола
Ыҥыра туруо,
Гастелло – норуот уола,
Гастелло – дьоруой.