
Владимир Павлов 1923 сыллаахха урукку Быракаан нэһилиэгэр — кэлин Өргүөт нэһилиэгэр холбоспут сиргэ — дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Володя кыра эрдэҕиттэн үлэни таптыыр, дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэҕэс буола иитиллибитэ.
Кини 1942 сыллаахха Советскай Армия кэккэтигэр ыҥырыллан, төрөөбүт-үөскээбит алаһа дьиэтиттэн араҕан, тапталлаах Ийэ дойдутун немецкэй-фашистскай талабырдьыттартан көмүскүү аттаммыта.
Биһиги бүгүн манна Володя туох геройдуу быһыыны оҥорон өлбөт үйэлэммитин туһунан кылгастык билиһиннэриэхпитин баҕарабыт.
Кини Челябинскай куоракка тиийэн, кылгас болдьохтоох артиллеристар курстарыгар үөрэммитэ. Бу курсу ситиһиилээхтик бүтэрэн баран өстөөҕү утары хабыр хапсыһыы уотугар киирбитэ. 1942 сыл бэс ыйын 15 күнүттэн I Украинскай фронт байыаһа буолбута. Онно кини ахсыс гвардейскай стрелковай дивизия бэһис противотанковай дивизиятыгар орудиены иитээччинэн сулууспалаабыта. Бу дивизия кэнники генерал Панфилов 316 №-дээх гвардейскай стрелковай дивизията буола кубулуйбута. Дивизия бэйэтин охсуһуутун Москва тулатыттан саҕалаан, өстөөҕү төттөрү үтэйэн, биһиги Ийэ дойдубутугар сэриинэн тоҕо ааҥнаан киирбит сидьиҥ үөннэргэ суостаах охсууну биэрбитэ — Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии историятыгар Панфилов аатынан стрелковай дивизия бэйэтин геройдуу быһыытынан умнуллубат страницаны суруйбута.
Биһиги Володябыт саҥа оҥоһуллубут 45 миллиметрдээх пушканан өстөөҕү харса суох урусхаллаабыта. Кини куруутун пехотаны кытта инники кирбиигэ сылдьыбыта. Ол сылдьан 1943 сыллаахха кулун тутар 3 күнүгэр Харьков куорат аттынааҕы ынырык кыргыһыыга Володя ыараханнык бааһырбыта. Володя ол кэнниттэн Алма-Атаҕа госпиталга сытан баран, бэйэтин дивизиятыгар төннүбүтэ. Ити бириэмэҕэ кини бииргэ сулууспалаабыт табаарыстара II Прибалтийскай фронт командованиетыгар киирэн, өстөөҕү утары геройдуу охсуһа сылдьаллара. Володя бэйэтин дивизиятыгар кэлээт эмиэ урукку орудиетыгар үлэлээбитэ.
Володя 1944 сыллаахха кулун тутар 31 күнүгэр бэйэтин орудиетынан өстөөх танкатын ытан умаппытын иһин «Хорсунун иһин» медалынан наҕараадаламмыта уонна гвардия рядовойун аатын ылбыта. Ити кэнниттэн 1944 сыллаахха от ыйын 17 күнүгэр хайы-үйэ гвардия ефрейтора буолбут Владимир Павлов өстөөх улахан бөҕөргөтүнүүлээх ДОТун уонна икки пулеметун саллааттарын кытта үлтү тэптэрбитэ. Онон пехота кимэн киирэригэр суол аспытын иһин Павлов «Слава» орден III степенинэн наҕараадаламмыта, итиэннэ бэс ыйыгар кини ССКП чилиэнигэр кандидатынан ылыллар чиэскэ тиксибитэ.
Панфилов аатынан гвардейскай стрелковай дивизия 1944 сыл от ыйын 18 күнүттэн ыла Латвия сирин өстөөхтөн босхолообутунан барбыта. Бу дивизия Харсава, Тилка, Лобана, Мадонна куораттары утуу-субуу босхолообута. Итиннэ буолбут кырыктаах кыргыһыыларга Владимир Павлов эр санаалааҕын, тулуурдааҕын көрдөрбүтэ.
Кини хорсун быһыытын көрдөрөр манна биир холобуру аҕалыахха сөп.
Бунканы хутор аттынааҕы Гайзингалн үрдэлгэ өстөөх улаханнык бөҕөргөтүнэн, биһиги чаастарбыт кимэн киириилэригэр улахан мэһэйи үөскэппитэ. Дьэ ол иһин дивизия командира гвардия майора Короленко биир киэһэ Владимир Павловы ыҥыран ылан баран киниэхэ маннык сорудаҕы биэрбитэ.
- Сарсыарда кимэн киириини саҕалаан, ити өстөөх бөҕөргөтүнүүтүн хайаан да суох оҥоруллуохтаах уонна чаас инники кимэн киириитин хааччыйыллыахтаах. Дьэ ол иһин эн бу түүн бэйэҥ батареяҕын өссө инники кирбиигэ киллэр, үчүгэйдик оҥостуҥ, маскировкаланыҥ, — диэн эппитэ.
Володя ити сорудаҕы ылан баран бэйэтин землянкатыгар кэлэн табаарыстарыгар Гена Тимофеевка, Федя Калаговка, Саша Парфеновка уонна да атыттарга бирикээс ис хоһоонун сиһилии билиһиннэрбитэ уонна бойобуой сорудаҕы толорууга бэлэмнэммитинэн барбыттара. Сарсыарда халлаан сырдыыта кинилэр бука бары инники кимэн киириигэ бэлэмнэниилэрин бүтэрбиттэрэ.
Сарсыарда туман көтөн эрдэҕинэ биһиги чаастарбыт өстөөҕү утары күүстээх уоту аспыттара. Володя өстөөх уоту аһар точкаларын чуолкайдык көрбүтэ уонна кинилэри суох оҥорорго соругу ылыммыта. Кини бастаан күүстээхтик уоту аһа сыппыт пушканы саҥарбат оҥорбута. Онтон бэйэтин табаарыстарын кытта 3 станковай, 2 ручной пулеметтар үлэлээһиннэрин үлтү тэптэрсибитэ. Дьэ ол кэнниттэн биһиги чааспыт «Ураа!» хаһыынан кимэн киириини саҕалаабыта.
Биһиги пехотабыт өстөөххө ыар охсууну оҥорон барбыта. Володя киниттэн сүүс метрдээх сиргэ өстөөх уоту аһар ДОТа аҥайан турарын көрбүтэ. Ол гынан баран снаряда бүтэн, быарынан сыыллан киирэн, ДОТ иһигэр хорҕойо сытан ытыалаһар саллааттарга гранаталары быраҕаттаабыта. Өстөөх уоту аһарын өссө күүһүрдүбүтэ. Ол да буоллар биһиги пехотабыт өстөөх ити бөҕөргөтүнүүлээх пуунун үлтү урусхаллаабыта. Герой саллаат ити ынырык охсуһуу бириэмэтигэр сэрии хонуутугар геройдуу охтубута. Командование ити кыргыһыыга көрдөрбүт хорсун быһыытын иһин Павлов Владимир Спиридоновиһы «Аҕа дойду сэриитин I степеннээх» орденынан өлбүтүн кэннэ наҕараадалаабыта. Чаас командира Володя аҕатыгар – Спиридон Павловка бу курдук суруйбута: «Эн уолуҥ гвардия ефрейтора Павлов Владимир Спиридонович бойобуой сорудаҕы хорсуннук толорбутун иһин «Аҕа дойду сэриитин I степеннээх» орденынан наҕараадаланна. Эн уолуҥ советскай Ийэ дойдутун туруулаһан көмүскүү сылдьан, 1944 с. атырдьах ыйын 27 күнүгэр герой өлүүтүнэн өллө. Эйиэхэ уолуҥ «Аҕа дойду сэриитин I степеннээх» орденын ыытан туран, Эн уолгунан биһиги киэн туттарбытын биллэрэбит. Биһиги норуоппут кини аатын үйэ тухары умнуо суоҕа. Бу үрдүкү правительственнай наҕарааданы кэриэстэбиллээхтик уура сылдьыҥ уонна бэйэҕит чиэһинэй үлэҕитинэн биһиги албан ааттаах Советскай Армиябыт модун күүһүн бөҕөргөтүүгэ көмөлөһүҥ»
Дьэ ити курдук Үөһээ-Бүлүү оройуонун урукку Быракаан нэһилиэгин ыччата төрөөбүт тапталлаах Ийэ дойдутун көмүскэлигэр тыынын толук ууран, Латвия сиригэр геройдуу охтубута.
Васильев И., пенсионер учуутал.
Өргүөт нэһилиэгэ / [хомуйан оҥордо А. А. Абрахов].- Дьокуускай- Сахаполиграфиздат, 2005.- С. 176-179.