Көрсүһүү

1941 сыл бүтүүтүттэн уонна 1942 сыл саҥатыттан сэрииттэн бааһырбыттар дойдуларыгар төннүтэлээн испиттэрэ. Чурапчы оройуонун Одьулуунуттан төрүттээх Гавриил Дмитриевич Ефимов 1944 сыллаахха түөһүгэр Кыһыл Сулус уордьаннаах, атаҕар бааһырыылаах эргиллибитэ. Кини хоһоонноро “Кыым” хаһыакка уонна “Хотугу Сулус” сурунаалга балай да бэчээттэнэн испиттэрэ. Ол хоһооннор истэригэр “Саха сиригэр”, “Кыргыс”, “Буойун доҕорбоор”, “Кыайыыга”, “Көрсүһүү” уонна “Сурук” курдук киһи өйүгэр-санаатыгар хатанар хоһооннор бааллара.

Гаврил Дмитриевич, оччотооҕу эдэр сааһыгар сөбүгэр элбэхтик аахпыт, элбэҕи билбит-көрбүт эдэр киһи этэ. Оҕо эдрэҕинэ Христофор Максимовтыын бииргэ үөрэммит, табаарыстаспыт. Оччотооҕу ыччат ыллыыр ырыаларын этигэр-хааныгар иҥэринэн сылдьар киһи этэ.

Кини “Көрсүһүү” диэн хоһоонугар Эллэй 1928 сыллаахха суруйбут “Үөскээбит алааспар”
диэн бэйэтин ийэтигэр анаабыт, отутус сылларга ыллана сылдьыбыт ырыатын сабыдыала улаханнык биллэрэ. Эллэй ити ырыата Павел Герман тылларын суруйбут “Кирпичики” диэн ырыа матыыбыгар олоҕуран, отутус сыллар саҥаларыгар ыллана сылдьыбыта. Гаврил Ефимов хоһоонун бастаан бэчээттэтэригэр эмиэ “Кирпичики” ырыа матыыбынан ылланар” диэн хос быһаарыылаах этэ.

Советский и якутский общественный деятель, педагог, писатель, поэт Гавриил Дмитриевич Ефимов

Көрсүһүү

Г. Ефимов тыл.
Биллибэт ааптар матыыба

Сэрии уотугар хас да сыл сылдьан,
Саллаат ыар кэмнэрин көрбүтэ.
Суумкатын сүгэн, суол устун хааман,
Дьиэтигэр төннөөхтөөн испитэ.

Үөскээбит сирэ, олорбут дьиэтэ
Иннигэр элэҥнээн көһүннэ.
Сүрэҕэ күүскэ тилигирии тэптэ,
Сүр күүстээх ахтылҕан билиннэ.

Халҕанын аһан дьиэтигэр киирдэ,
Үрдүгэр түһэн уолун уураата.
Үөрүүттэн долгуйан ытаата,
Төрөөбүт сирэ, олорбут дьиэтэ –

Сып-сырдык күлүмнэс күн тыкта…
Туойуоҕун, дьоруой саллаат туһунан,
Күн ийэ тапталын туһунан,
Кырдьаҕас ийэтэ билбэтэ.

“Кэпсээннээ, тукаам, ким-хайа этиҥ?
Хантан бу айаннаан иһэҕин?”
“Оо, ийээ, – диэтэ, – эн уолуҥ этим,
Ол дьиэбэр эргиллэн бу кэллим.

Кыа хааннаах сэрии уотуттан ордон,
Төрөөбүт алааспын мин буллум”.
“Көр, бу мин дьолбун, көмүс биэбэйбин
Көрөр дьэ күннэрдээх эбиппин”.

Төрөөбүт дьиэтэ үөрүүнэн туолла,
Күлүмнэс сып-сырдык күн көрдө.
Ыллыаҕыҥ, дьоруой саллаат туһунан,
Күн ийэ тапталын туһунан.