
Илья Дорофеевич Винокуров - Чаҕылҕан
Винокуров Илья Дорофеевич – Чаҕылҕан “Герой туһунан ырыа” саха биллиилээх ырыаһыта, артыыс,
кэлин Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ буолбут Алексей Попов матыыбын 1945 с. ыам ыйыгар суруйбута. 1944 с. сахаттан бастакы Советскай Союз Героя үрдүк ааты ылбыт хорсун саллаат Федор Поповка анаан суруйбута.
Ханнык баҕар ырыа бар дьон ыллаатаҕына ырыа буолар. Алексей Леонтьевич бэйэтэ ахтарынан кини бу ырыатын Верхоянскайтан төрүттээх талааннаах эдэр ырыаһыт Евдокия Слепцова бэйэтин репертуарыгар киллэрэн ыллаабыта. Ол ырыа тарҕаныытыгар улахан көмөлөөх буолбута. Оччоҕо араадьыйаннан сахалыы ырыаны ыллыырга үөрэтэргэ аналлаах биэриилэри ыыталлара. Биир оннук биэриигэ бу ырыаны үөрэппиттэрэ.1947 сыллаахха Саха АССР тэриллибитэ 25 сылыгар ананан тахсыбыт “Ырыанньыкка” бу ырыаны киллэрбиттэрэ.
Герой туһунан ырыа
(Ф. К. Попов кэриэһигэр)
Днепр тымныы долгуннарын
Туоруур саха уола,
Тула ууга бырдааттанар
Ардах буулдьа суола.
Туораан,— немец окуопатын
Күдэн-таһаан тэбэр.
Өстөөх үөрэ куоппатын диэн
Кэрдэр, кимэн киирэр.
Ахта өстөөх пулемета,
Өлүк — кини тула.
Онно аргыый сыылан үөмтэ
Саха туйгун уола.
Днепр тымныы долгуннарын
Кыһыл сэрии туоруур,
Өстөөх үөрүн бу самнаран
Көҥүл суолун солуур.
Арҕаа эмиэ ардах буулдьа
Ахсым уотун ыһар,
Немец пулеметун былдьаан,
Эдэр буойун ытар.
Днепр арҕаа эҥэригэр
Саха сирин булан,
Илбистээхтик сэриилэһэр
Саха туйгун уола.
1944

Советскай Союз Героя Федор Кузьмич Попов