Тыыннаахтар умнубат сыллара

Мин, Петр Одорусов, ырыа тылын суруйбутум. Николай Иванович Бойлохов мелодиялаабыта. Радомир Пантелеймонович Борисов музыкатын суруйбута.

Анна Петровна Дмитриева-Иванова ыллаабыта уонна кини толоруутугар Бүтүн Союзтааҕы «Мелодия» фирмаҕа грампластинка суруллан 1982 сылга тарҕаммыта. Бу грамзапиһы сорох кэмҥэ Волгоград Мамаев Курганыгар ыллаталлар. («Саха сирэ» хаһыат 11.12.1993 с. нүөмэригэр көр).

«Тыыннаахтар умнубат сыллара» Кыайыы 40 сылыгар 1985 сыллаахха биир бастыҥ патриотическай ырыа быһыытынан ССРС Композитордарын Союһун дипломунан наҕараадаламмыта.

Петр Поликарпович Одорусов

Тыыннаахтар умнубат сыллара

Тыһыынча тоҕус сүүс түөрт уон биир – түөрт уон биэс

Тыыннаахтар умнубат сыллара…

Адьырҕа өстөөҕү кыдыйар ытык иэс!

Андаҕар этиллэр тыллара…

Ол этэ: уот сэрии ынырык сыллара!

Тыыннаахтар умнубат сыллара!

Биир ньыгыл сомоҕо модун күүс оҥорон

Партия норуоту түммүтэ.

Абарыы-сатарыы дууһаны толорон

Барыбыт ньиэрбэтэ күүрбүтэ.

Ол этэ: уот сэрии ынырык сыллара!

Тыыннаахтар умнубат сыллара!

Хара-дьай өстөөххө дойдубут сорҕото

Хараабат хаанынан ытыыра…

Партизан күүһүттэн уордайбыт гестапо

Оҕону, дьахтары ыйыыра…

Ол этэ: уот сэрии ынырык сыллара!

Тыыннаахтар умнубат сыллара!

Күөҕүнэн чэлгийбит куораттар, селолар

Күл-көмөр, урусхал буолтара.

Бурдуктаах буолактар, сыһыылар, хонуулар

Эт-сэмнэх өлүктэн туолтара.

Ол этэ: уот сэрии ынырык сыллара!

Тыыннаахтар умнубат сыллара!

Хаан-хааҥҥа! Тыын-тыыҥҥа! Кырыктаах атаака

Хатанан хаалбыттар харахпар!!!

Ийэ-буор, сир-халлаан хаһыыта ынчыга

Иһиллэр курдуктар кулгаахпар!!!

Ол этэ: уот сэрии ынырык сыллара!

Тыыннаахтар умнубат сыллара!