Главная / Библионовости / Билии биһигэ – бибилэтиэкэҕэ “Библионочь-2025”

Билии биһигэ – бибилэтиэкэҕэ “Библионочь-2025”

Муус устар 25 күнүгэр О.Д.Федорова аатынан киин модельнай бибилэтиэкэҕэ сылын ахсын ыытыллар «Библионочь-2025» социальнай-культурнай аахсыйа ыытылынна. Быйылгы аахсыйа Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччилэр уонна Улуу Кыайыы 80 сылыгар ананна.

Тэрээһин экологическай киин арыллыытыттан саҕаланна. Киини үөрүүлээхтик арыйыыга Үөһээ Бүлүү улууһун үпкэ уонна экономикаҕа улуус баһылыгын солбуйааччы Марфа Игнатьева, киин библиотека дириэктэрэ Тамара Саввинова, улуустааҕы айылҕа инспекциятын салайааччыта Александр Архипов, СӨ үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, Бүлүү общественнай-экологическай комитет президиумун бэрэссэдээтэлэ, история билимин дуоктара Никита Архипов, Үөһээ Бүлүү сүрүн лесничэйэ Еремей Алексеев, Новосибирскай уобалас экологияҕа уонна айылҕа ресурсаларыгар министиэристибэтин хонтуруоллуур кэтээн көрөр управлениетын экологияҕа инспекциятын суһал харда отделын судаарыстыбаннай инспектора Николай Буртахов кыттыыны ыллылар, эҕэрдэ тыллары эттилэр. Сүрүннээн, бу киин үүнэр көлүөнэни иитэр-үөрэтэр өттүгэр суолталааҕын, айылҕаны харыстыырга, болҕомтолоох буоларга үөрэтэрин ыйдылар.

Диктант Победы - 2025

Бу күн бүтүн Россиятааҕы “Кыайыы диктана” акцияҕа кыттыстыбыт. Дьыктаан суруйуутугар оскуола оҕолоро уонна улахан дьон көхтөөхтүк кытыннылар.

Салгыы «Библионочь» үөрүүлээх чааһын Арассыыйа, Саха Сирин гимна ньиргиччи тыаһаан арыйда. Тэрээһиҥҥэ улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Иван Чычахов, улуус дьаһалтатын социальнай бэлиитикэҕэ управлениетын салайааччыта Айаана Кардашевская уонна О. Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека дириэктэрэ Тамара Саввинова кэлбит ыалдьыттары эҕэрдэлээтилэр.
Умнуллубат киэһэни Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум устудьуоннарын «Сиккиэр» үҥкүү ансамбыла (сал. Анастасия Васильева), «Айылгы» уопсастыбаннай түмсүү, Тамалакаан буойуттарын суругуттан оҥоһуллубут театрализованнай дьүһүйүү (сал. Октябрина Федорова) уонна Николай Чуручанов ылбаҕай ырыатынан тэрээһини ситэрэн-хоторон, киэргэтэн биэрдилэр.

“Стена памяти” акция “Библионочь” ураты долгутуулаах, үгүс кыттааччыны тардыбыт тэрээһининэн буолла. Бу улахан, дириҥ өйдөбүллээх тэрээһиҥҥэ нэһилиэкпит олохтоохторо кытыннылар, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыыны ылбыт, тыылга үлэлээн Кыайыыны уһансыбыт эһэлэрин, эбэлэрин хаартыскаларын анал истиэнэҕэ ыйаан, бар дьон билиитигэр-көрүүтүгэр таһаардылар.

Кэлбит ыалдьыттары тарбахтарыгар талааннаах улууспут кэрэ куолара Айыына Афанасьева сахалыы харысхал, Анна Ефремова – Таас «Үс кут» сахалыы ытарҕа, Алена Сата сибэкки уурар кашпо, улуустааҕы оҕо библиотекатын специалиһа Екатерина Семенова оҕолорго георгиевскай лентанан брошь оҥоттордулар.
“Дойду тыына” иистэнэр сыах анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар аһымал акция ыытта, хас биирдии кыттааччы бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрэн уолаттарбытын арчылыыр, араҥаччылыыр сиэлинэн “Дэйбиир” харысхал оҥордулар.

Дьулустана Яковлева төрөөбүт чыыһыланан нумерология өҥөтүн оҥордо. Уонна «VR»-шлемынан оҕолор араас оонньууларга киирэн оонньоотулар.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи психологическай киин Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын психологтара Вера Миронова уонна Дайаана Петрова анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьан суорума суолламмыт байыастар дьиэ кэргэттэригэр тренинг ыыттылар. Кэлбит ийэлэр, кэргэттэр санаалыын чэпчээн махтанан тарҕастылар.

«Мин тыыннаах эргиллиэм төрөөбүт дойдубар, Ийэбэр, бар дьоммор, эйэлээх олохпор…» диэн анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин кытта көрсүү төгүрүк остуолугар Үөһээ Бүлүүтээҕи тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччыта, «Боотур» баҕа өттүнэн анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэ сиригэр бойобуой дьайыыларга кыттыытын иһин мэдээллээх Семен Васильев, бойобуой дьайыы бэтэрээнэ, «Эр санааланыы» уордьан кавалера, урбааньыт, контрактник Николай Евсюков уонна «Дойдум тыына» иистэнэр сыах төрүттээччитэ, салайааччыт Васма Иванова ыалдьыттаатылар.

Маны тэҥэ мобильнай быраастар биригээдэлэрэ дьон доруобуйатын көрдүлэр, биэс араас аналиһы ылан түмүгү тутатына биллэрдилэр.
«Саллаат эбиэтэ» хону куухуната үлэлээн дьону-сэргэни босхо аһатан күндүлээтэ.
Бу киэһэ кинигэ атыыта таҕыста, библиокафе үлэлээтэ уонна «Кыайыыны түстээбит кэриэс маллар…» быыстапка туран дьон сэҥээриитин ылла.

Уон төрдүс төгүлүн ыытыллыбыт “Библионочь – 2025” тэрээһиҥҥэ кыттыбыт волонтердарбытыгар, ааҕааччыларбытыгар, көмөлөспүт урбаанньыттарбытыгар улуустааҕы киин библиотека аатыттан барҕа махталбытын биллэрэбит. Инникитин да ыытыллар тэрээһиммитигэр кэлэн кыттыыны ыларгытыгар баҕарабыт.