ТЫЫННАХТАР УМНУБАТ СЫЛЛАРА
П. Одорусов тыллара, Н. Бойлохов мелодията
Тыһыынча тoҕyc сүүс түөрт уон биир-түөрт уон биэс
Тыыннаахтар умнубат сыллара,
Aдьыpҕa өстөөҕү кыдыйар ытык иэс
Андаҕар этиллэр тыллара…
Хос ырыата:
Ол этэ уот сэрии ынырык сыллара —
Тыыннаахтар умнубат сыллара.
Биир ньыгыл coмoҕo модун күүс оҥорон
Партия норуоту түммүтэ,
Абарыы-сатарыы дууһаны толорон
Барыбыт санаатын күүрпүтэ.
Хос ырыата.
Хара дьай өстөөххе дойдубут сорҕото,
Хараабат хаанынан ытыыра…
Партизан күүһүттэн уордайбыт гестапо
Oҕoнy, дьахтары ыйыыра.
Хос ырыата.
Kүөҕүнэн чэлгийбит куораттар, селолар
Күл-көмөр урусхал буолтара.
Бурдуктаах буолактар, сыһыылар, хонуулар
Эт сэмнэх өлүктэн туолтара.
Хос ырыата.
Хаан-хааҥҥа! Тыын-тыыҥҥа! Кырыктаах атаака.
Хатанан хаалбыттар харахпар!
Ийэ буор, сир-халлаан хаһыыта, ынчыга
Иһиллэр курдуктар кулгаахпар.
ЖИВЫМ НЕ ЗАБЫТЬ НИКОГДА!
Перевод проф. ЯГУ Тамары Ивановны Петровой
Тысяча девятьсот сорок первый-пятый
Нам живым, никогда не забыть…
Святой долг — лютого уничтожить врага! –
Повсюду звучала присяга…
Это были кровавых сражений года!
Всем живым не забыть никогда!
В единый могучий нерушимый оплот
Партия собрала свой народ.
Великой яростью наполнялись сердца,
Вставала стеною вся страна.
Это были кровавых сражений года!
Всем живым не забыть никогда!
Цветущие наши села и города
В огне адском сгорали дотла,
Злобное гестапо истязало людей,
Казнило и женщин, и детей.
Это были кровавых сражений года!
Всем живым не забыть никогда!
Кровь — за кровь! Смерть — за смерть! Дикая атака
До сих пор предо мною в глазах!!!
Тяжелый стон и плач всей земли и неба
И сейчас раздается в ушах!!!
Это были кровавых сражений года!
Всем живым не забыть никогда!
«Кыым» хаһыат, 2009 с., ыам ыйын 7 к., стр. 32.

