ТЫЫННААХТАР УМНУБАТ СЫЛЛАРА
П. П. Одоруусапка — бэйиэккэ,
Н. И. Бойлоохопко — мелодиска,
А. П. Дмитриеваҕа-Уйбаныабаҕа ананар.
Түрбүөннээх сыллары саната,
Тыыннаахха куолакал охсоннор,
Тиийдилэр бар дьоммут сүрэҕэр,
Тэһииккээн утуйбат кэмигэр.
«Ол этэ уот сэрии ынырык сыллара —
Тыыннаахтар умнубат сыллара».
Уот сэрии кутаатын үөһүгэр
Ураатаат уоланнар сүүрдүлэр,
Улуукан кыайыыбыт иннигэр
Урутаан кыргыһа киирдилэр.
«Ол этэ уот сэрии ынырык сыллара —
Тыыннаахтар умнубат сыллара».
Төрөппүт сүрэҕин чопчута –
Түүн-күнүс кэтэспит ыччата
Төрөөбүт алааһар төннүбэт,
Төлкөлөөх түөрэҕэ быстыбыт.
«Ол этэ уот сэрии ынырык сыллара —
Тыыннаахтар умнубат сыллара».
Тоҥору, аччыгы аахсыбат
Тыыл, сэрии ыксаллаах сакааһа,
Тыа сирин үлэтэ уостубат
Тускуллаах олохпут туһугар.
«Ол этэ уот сэрии ынырык сыллара —
Тыыннаахтар умнубат сыллара».
Кэрэ чуор куолаһыҥ чоргуйар
Кыайыыны уруйдуур ырыаҕар,
Кимиэллээх муусука дуорайар
Кыайыыбыт үөрүүлээх ыһыаҕар.
«Ол этэ уот сэрии ынырык сыллара —
Тыыннаахтар умнубат сыллара».
И. СТЕПАНОВ-ЛЭГЭНТЭЙ
2010 с., ыам ыйын 20 күнэ, Үөһээ Бүлүү с.