Ырыаҕа абылаппыт дьон

Иркутскай куорат биир культуратын дьиэтин улахан саалата. Элбэх киһи мустубут. Манна 1972-73 сылларга ыытыллыбыт уус-уран самодеятельноһы Бүтүн Россиятааҕы көрүү түмүк концера бара турар. Анна Дмитриева ыллыыр:

«Тыһыынча тоҕус сүүс түөрт уон биир,
Түөрт уон биэс
Тыыннаахтар умнубат сыллара.
Адьырҕа өстөөҕү кыдыйар ытык иэс,
Андаҕар этиллэр тыллара…»

Баян баай дорҕооно доҕyһуоллаах эмиэ да өһүөннээх, эмиэ да өрөгөйгө, кыайыыга ыҥырар кэрэ-чуор дорҕооннор кутуллубуттарыгар саала сэргэхсийэ түһэр. Ол «уот сэрии сылларын» төлөн түөстэринэн тэлсибит аастыйан эрэр баттахтаах аҕам саастаахтар, хараастыбыттыы тутталлар.

Кинилэр харахтарыгар сэрии ынырыктаах хартыыналара субу көстөн кэлэр курдуктара. Ону өссө күүркэтэн биэрэрдии:

«Хаан-хааҥҥa! Тыын-тыыҥҥа! Кыырыктаах атаака
Хатанан хаалбыттар харахпар!
Ийэ буор, сир-халлаан
хаһыыта-ынчыга
Иһиллэр курдуктар кулгаахпар…»—
Ырыаһыт куолаһа чиҥ-чиҥник иһиллэр.

Ырыа бүтүүтүн саала cүһүөҕэр туран көрсөр. Намыраабат ытыс тыаһа. Үөрүүтүттэн атаҕа сири билбэт буолбут Анна Петровнаны Иркутскай олохтоохторо, лауреат буолбутунан эҕэрдэлээбиттэрэ, элбэх боппуруостары  биэрбиттэрэ.

Нөҥүө күнүгэр «Восточно-Сибирская правда» хаһыакка музыкальнай критик Э. Климова биһиги ырыаһыппытыгар үрдүк сыанабылы биэрбит ыстатыйатын  аахпыппыт.

Онтон эмиэ бу «Тыыннаахтар умнубат сыллара» диэн ырыа «Айан» ансамбль толоруутугар 1975 сыллаахха Малахов Кургаҥҥа мустубут буойуттарга иһитиннэриллибитэ.

Дьэ, итинник истибит эрэ барыта сөбулүүр ырыатын автордара кимнээхтэрий? Ырыа тылларын Исидор Барахов аатынан орто оскуола химияҕа учуутала Петр Поликарпович Одорусов суруйбута. Ити саас Кыайыы күнүгэр бэлэмнэнии үгэннээн турар кэмэ этэ. Эдэр авторы кэрэ-бэлиэ датаҕа тугунан кыттаҕын, диэн буолбутугар, черновикка сылдьар хоһоонун, музыкальнай оскуола учуутала мелодист Николай Иванович Бойлоховка «кистээн» көрдөрбүтэ. Николай Иванович, хоһоону хаста да ааҕан көрбүтэ уонна Анна  Петровнаны  ыҥырбыта.

Oл   киэһэ      үһүөн    хойукка диэри xohooҥҥo өлбөт-сүппэт тыын уган ыраах көтөр кынаты айбыттара. Үһүс күнүгэр, Бүлүү өрүс оҥойор үрдүгэр туруоруллубут биллибэт саллаат пааматынньыгар «Тыыннаахтар умнубат сыллара» диэн ырыа Анна Петровна толоруутугар аан бастаан дьүрүһүйбүтэ.

Ол күнтэн ыла ырыа Саха сирин киэҥ эйгэтин устун бэйэтин айанын саҕалаабыта. Эмиэ онтон бэттэх бу үс тыа сирин учуутала ырыаны айарга арахсыспат аргыстарынан буолбуттара.

Айар аартыкка кинилэр бииргэ айаннаабыттарыттан оҕо аймах уоһуттан түспэт уонунан ырыалар сурулуннулар.

«Күн  сирин  үрдүгэр Күн  курдук  саныырбыт Күн күбэй ийэбит — Биһиги маамабыт…» Эбэтэр: «Сайын ханна  куотарый? Caһaн  сүтэн  хааларый? Кыһын  Toҕo  буоларый? Куруук тымныы  турарый? Дьэ дьикти, дьэ дьикти, Дьикти,   дьикти   дии»,— диэн ырыалары, ама, хайа оҕо садын    иитиллээччилэрэ     ыллаабаттарый?

Мелодист идэлээх Н. И. Бойлохов 20-тэн тахса сыл дьаныһан үлэлээн норуокка таптатар хас да ырыа матыыбын айда. Олортон сүүмэрдээн «Бүгүн ыллыыр ырыабар», «Кырачааннар ыллыыллар» диэн 100-тэн тахса ырыалаах икки хомуурунньугу бэлэмнээтэ. Ол иһиттэн Петр Одорусов хоһоонноругар 30-тан тахса ырыаны суруйда.

Оттон П. Одорусов бэйэтэ да, бииргэ үлэлиир дьонноро, үөлээннээхтэрэ этэллэринэн, хоһоон суруйбакка өрөөбүт күнэ бэрт сэдэх. Оннук элбэх үлэтиттэн талан-талан «Бу дьоллоох олохпун туойабын» диэн хоһооннор хомуурунньуктарын Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар киллэрбитэ.

Үөһээ Бүлүү үс учуутала дьэ итинник бэйэлэрин сүрүн үлэлэрин таһынан утумнаахтык, айымньылаахтык уонна таһаарыылаахтык кыттыһан үлэлииллэр. Ол үлэлэрэ хоһоон буолан кутуллар, ырыа буолан дьиэрэйэр.

Е. АФАНАСЬЕВ,
Кыым хаһыат, 1979 с. алтынньы 18 к.