САХА  РЕСПУБЛИКАТЫН ҮТҮӨЛЭЭХ УЧУУТАЛА, САХА СИРИН СУРУЙААЧЧЫЛАРЫН СОЮҺУН ЧИЛИЭНЭ ПЕТР ПОЛИКАРПОВИЧ ОДОРУСОВ

Петр Поликарпович Одорусов 1931 сыллаахха Үөһээ Бүлүү II Үөдүгэй нэһилиэгэр колхозтаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.

1955 сылга Якутскайдааҕы педагогическай институту бүтэриэҕиттэн Үөһээ Бүлүүтээҕи Исидор Барахов аатынан оскуолаҕа химия учууталынан үлэлээбитэ.

Бастакы хоһооно 1967 сыллаахха бэчээккэ тахсыбыта. Хоһоонноро араас сылларга 35  хомуурунньукка, ол иһигэр 6 учебникка киирбиттэрэ. 114 хоһоонугар 29 мелодист ырыа айбыт.  

Петр Поликарпович «Тыыннаахтар умнубат сыллара» киэҥник тарҕаммыт ырыа автора.

П.П. Одорусов 1977 уонна 1980 сылларга республикаҕа ыытыллыбыт оҕолорго аналлаах уус-уран айымньы сабыылаах конкурстарыгар 2-с, 3-с бириэмийэлэри ылбыта.

Петр Поликарпович Одорусов 1980 сылтан «Коммунизм сардаҥата» хаһыакка штаты таһынан корреспонденнаабыта. 1970 сыллаахтан Бүтүн Союзтааҕы «Знание» общество чилиэнинэн талыллан элбэх агитационнай-маассабай үлэлэри тэрийэрэ. 1993 сыллаахха «Писатель Якутии» ассоциация чилиэнэ буолбута.

 

Хоһоонноро «Хотугу сулус» № 1 (1980), №1 (1983); «Чуораанчык» №3 (1988); «Чолбон» №1 (1996) сурунаалларга бэчээттэммиттэрэ уонна «Коммунизм сардаҥата», «Үөһээ Бүлүү», «Хоһуун», «Индигир уоттара», «Эдэр коммунист», «Кыым», «Бэлэм буол», «Кэскил», «Учуутал аргыһа», «Саха сирэ» хаһыаттарга тахсыбыттара.

1997 сылтан Саха сирин суруйааччыларын Союһун чилиэнэ, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, методист-учуутал, Саха Республикатын үтүөлээх учуутала, СР Президенин национальнай «Барҕарыы» фондатын бириэмийэтин лауреата, СР «Гражданскай килбиэн» анал бэлиэтин кавалера, Норуоттар икки ардыларынааҕы суруйааччыларын Союзтарын түмсүүтүн чилиэнэ, СР суруйааччыларын Союһун чилиэнэ, поэт, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах гражданина. Тыыл уонна педагогическай үлэ ветерана.   

 

Ытыктыыр учууталбар, сүгүрүйэр бэйээппэр
Петр Поликарпович Одорусовка,
кини уос номоҕо буолбут
«Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыатыгар аныыбын


 «Тыыннаахтар умнубат сыллара» —
Кырыылаах кытаанах кылыстар,
«Тыыннаахтар умнубат сыллара» —
Сууллубат суорба таас курдуктар.
Кириэппэс эбиттэр кинилэр —
Кэм-кэрдии кэрбиирин тулуйан,
Киил мастыы бигэтик тирэнэн,
Киһиттэн киһиэхэ бэриллэн,
Уонунан сыллары уҥуордаан
Сүүһүнэн сурэҕи угуттаан
Ыллана, туойулла тураллар!
Аастыйбыт баттахтаах
Учуутал убайым!
Туохха мин тэҥниэмий
Эн талба талааҥҥын?
Хайдах мин этиэмий
Махталым тылларын?
Оргууйдук баҕарыам
Доруобай буоларгар,
Бу орто дойдуга
Олоро туһэргэр.
Махталлаах сүрэхтэн
Ытыктыыр бэлиэбин
Хоһоонум тылынан
Хоһуйан этэбин:
Тыыннаахпыт тухары
Туойуохпут олоҕу!
Таптыахпыт ийэни,
Төлкөнү төрүттүүр
Төрөтөр оҕону!

Антонина ХОБУСАРОВА,
2010 сыл, муус устар ый.

Бэйиэт дьоло — ырыалара

         Биһиги, кириитиктэр, ханнык эмэ уус-уран айымньыны ырытаары гыннахпытына, туох-ханнык  иннинэ ураты уобарастары ирдиибит, көрдүүбүт. Ол гынан баран сороҕор, бэл поэзияҕа, олус судургутук суруллубут хоһооннор, тыллар бүтүн норуоту бүттүүнүн сэргэҕэлэппит, ырыа буолбут түбэлтэлэрэ баалларын мэлдьэһэр сатаммат. Холобур, саха литературатын аарыма кырдьаҕаһа Степан Тимофеев хаһан эрэ саллааттыы быһаччы: «Суох буоллун сэрии, суох буоллун өлүү! Туругур эйэ!» — диэбитэ кун бүгүнүгэр диэри ыллана сылдьар.

         Оттон кини курдук эмиэ сэрииттэн тыыннаах ордон кэлбит, олох иһин охсуһуу ыарын этинэн-хаанынан билбит Иннокентий Артамонов үөрүүтүн: «Мин мантан сэриигэ барбытым» — диэн ис сүрэҕиттэн долгуйан туран этэн кэбиспитэ норуот уоһуттан түспэт. Кини биир дойдулаахтара уус-алданнар ити тыллартан өрө көтөҕүллэн дьоннорун-сэргэлэрин сэриигэ элбэхтик атаарбыт сирдэригэр сэргэ туруорбуттара биллэр. Ол сэргэҕэ поэт ити тылларын оно быһан суруйбуттар. Автор онон саамай сөпкө киэҥ туттуон туттара: «Бу — ырыаҕа туруоруллубут күндү пааматынньык», — диэбитэ оруннаах.

         Эмиэ итинник кэриэтэ түбэлтэ бэйиэт Петр Поликарпович Одорусов айар үлэтигэр тахсыбыта. Билигин, баҕар, сорох хотугу, илин эҥэр улуус дьоно, ааҕааччылара оннук бэйиэт баар эбит диэн өйдүө да суохтарын сеп. Оттон: «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыа автора», — диэтэххэ саха дьоно бары: «Ээ, ол поэт эбит дуу!» — диэн саҥа аллайыахтара.

         Былырыын университет саха тылын уонна культурытан факультетын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбит И.П. Абрахова (П. Одорусов биир дойдулааҕа) кини туһунан дипломнай үлэни туйгуннук көмүскээбитэ. Онно этэринэн, бу ырыа бастаан «1941-45» диэн ааттанан тахсыбыт. Отут биир сыллааҕыта — Кыайыы 30 сылын көрсө. Онно поэт доҕоро Николай Бойлохов (эмиэ Үөһээ Бүлүү) сонно тута матыып айбыта кынат буолан, бу ырыа Саха сирин тилийэ көппүт. Бу айымньыны үгүс толорооччулар, хордар ыллаан араас дипломнары ылбыттара, фестивалларга миэстэлэспиттэрэ элбэх. Николай Бойлохов Россия Композитордарын сойууһун председателэ Тихон Хренников тус бэйэтин илии баттааһыннаах дипломун ылбыттаах. Ырыа музыката дойду радиотын фондатыгар үйэ-саас тухары хараллыыга ууруллубут.

         Дьэ, оннук киһи Петр Поликарпович Одорусов. Билигин ол «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыа тылларын ким суруйбутун, музыкатын ким айбытын да эппэккэ сир-сир аайы толорор буолбуттара ыраатта. Ордук сыл аайы Улуу Кыайыы бырааһынньыгын бэлиэтиир күннэргэ ол хойдор. Чахчы норуот ырыата буолла. Бу бэрт аҕыйах бэйиэккэ тиксэр дьол дии саныыбын. Сүүрбэһис уйэ бастын ырыатын ахсааныгар киллэриллибитэ да ону бигэргэтэр.

         Оттон оччо биллибит ырыа автора Петр Одорусов ити ырыаҕа туойуллар Кыайыы күнүн баттаһа ыам ыйын 10 күнүгэр 75 сааһын томточчу туолар. Кини бэйэтин түөлбэтин — ытык киһитэ, республикаҕа, Россияҕа үтүөлэрэ билиниллибит биология, химия учуутала. Сүүһүнэн үөрэнээччилэриттэн элбэх учуонайдар да тахсыбыттара, сорохтор наука доктордара, кандидаттара буолбуттара да ону кэрэһэлиир.

         Оттон айар үлэнэн утумнаахтык дьарыктаммыта эмиэ ыраатта. Оҕолорго аналлаах айымньылар, поэмалар уонна хоһооннор, таабырыннар хомуурунньуктарын хас да кинигэни таһааттарда. Олортон саамай «ыйааһыннааҕа», халыҥа «Күн ийэм алгыһын ыламмын» диэн ааттанан 2005 сылга Дьокуускайга күнү көрбүтэ. Саха Республикатын Суруйааччыларын сойууһун хаһыатыгар, «Өлүөнэ сарсыардатыгар» («Кыымҥа» анал сыһыарыы быһыытынан тахсар) кини айымньыларын маннык сыаналаабыттар: «Тыла-өһө уранынан, ыпсаҕайынан, хоһоону хоһоон дэтэр формата үчүгэйинэн» биһирэтэллэр, «киһини мүчүҥнэтэр көрдөөх этиилэрдээх, олоххо эрэллээхтик сыһыаннаһарга угуйар, көрүдьүөс тыллаах-өстөөх буолар» (2006 сыл, муус устар 27 күнэ). Дьэ, кырдьык да оннук.

         75 диэн киһи эрэ барыта тиийбэт дьоһун сааһа. Ону ол диэбэккэ бэйиэт Петр Одорууһап ити ахтыллыбыт кэлиҥҥи кинигэтигэр биир хоһоонугар умсугуйан туран эппит:

Эрэли элбэтэр саҕахтар!

Олоххо угуйар саҕахтар!

         Ытыктабыллаах биир идэлээхпитин ол саҕахтары батыһа тур, уһун айымньылаах үйэлэн диэн алгыыбыт.

Николай ТОБУРУОКАП,
Саха Республикатын Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
«Саха сирэ» хаһыат, 2006 с., ыам ыйын 4 к., 11 стр.

«Тыыннаахтар умнубат сыллара» авторы кытта соһуччу көрсүһүү

         Россия үтүөлээх, Саха Республикатын народнай артиһа Александр Самсонов муус устар 18-20 күннэригэр Үөһээ Бүлүүгэ командировкаҕа кэлэ сырытта. Кини сүрүн соруга — «Олоҥхо дойдута ыллыыр» диэн патриотическай ырыа региональнай конкурсун салайан ыытыы. Ол кэнниттэн артист сэрии уонна үлэ ветераннарын кытта икки күн устата үлэлээтэ. Бу — кини аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ Кыайыы 60 сылын туолуутун көрсө анаан-минээн оҥорбут Саха сирин 35 улуустарыгар олорор сэрии уонна үлэ ветераннарын кытта үлэлиир аналлаах программатын сорҕото буолар.

         2003 сыл муус устар 19 күнүгэр А.П. Самсонов П.Н. Тобуруокап аатынан культура дьиэтигэр ветераннары кытта көрүстэ. Бу көрсүһүү ордук долгутуулаах түгэнинэн артист бииргэ төрөөбүт убайа фронтан ыыппыт саһаран хаалбыт суруктарын көрдөрүүтэ уонна олортон кылгастык быһа тардан ааҕыыта буолла. Бу киһи-аймаҕы фашизм идэмэр иэдээниттэн саа-саадах күүһүнэн быыһыырга халбаннаабакка туруммут модун дууһалаах дьон кэнэҕэски көлүөнэҕэ эппит кэриэс-хомуруос тылларын А.П. Самсонов «Саһарбыт суруктар» диэн Савва Тарасов тылларыгар айыллыбыт ырыаны ыллаан доллоһутан дьону долгутта.

         Көрсүһүүгэ мустубут ветераннар ортолоругар Үөһээ Бүлүү биллиилээх поэта Петр Одорусов баарын билэн Александр Самсонов соһуйда даҕаны, үөрдэ даҕаны уонна поэт айбыт «Тыыннаахтар умнубат сыллара» диэн аатырбыт-суолурбут ырыатын мустубут дьоннуун бииргэ ыллаата.

         Нөнүө күнүгэр А.П. Самсонов Тамалакаан бөһүөлэгин кулуубугар мустубут элбэх ахсааннаах ветераннардыын сүргэтэ көтөҕүллэн туран үлэлээтэ. Манна ордук көхтөөхтүк Тамалакаан «Ааныска эбээ», Ороһу «Күбэйэ» уонна Нам «Көмүлүөк» диэн ветераннар түмсүүлэрэ кытыннылар.

Никита АРХИПОВ,
«Знание» общество отделениетын сэбиэдиссэйэ,
историческай наука доктора.
«Саха сирэ» хаһыат, 2003 сыл, ыам ыйын 8 к.

Учуутал уонна хоһоонньут

Исидор Барахов аатынан кырдьаҕас оскуолаҕа мэлдьи күлэ-үөрэ, олус чэпчэкитик туттан хааман-сиимэн  сэгэлдьийэ сылдьар учууталы оскуола да киирээт да бэлиэтии көрөҕүн. Бу химия учуутала Петр Поликарпович Одорусов, кини учууталынан үлэлээбитэ 26-c сыла буолла.   Петр Поликарпович 1955 сыл Якутскайдааҕы педагогическай институту бүтэрбитэ, онтон ыла төрөөбүт оройуонугар ананан кэлэн эдэр ыччаты иитиигэ үтүө суобастаахтык үлэлиир.

1961 сылтан CCKП чилинэ. Кини хас да сыл оскуола директорынан, уонтан тахса сыл иитии үлэ завуһунан үлэлээбитэ. Үксүн атын-атын оскуолалартан түмсүбүт IX кылаастарга классоводтуур. Онон мэлдьи иитии үлэ үгүс түбүгүн саннынан сүгэн, өйүнэн-саҥаатынан буһаран-хатаран элбэх түбүгү көрсөр. Итини таһынан Петр Поликарпович элбэх сыл оскуолатааҕы маҥнайгы сүһүөх партийнай тэрилтэ секретарынан үлэлээбитэ.

Петр Поликарпович үлэтигэр кыһамньытын иһин элбэх грамоталарынан,

махтал суруктарынан хайҕаммыта. РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, 1978 сыллаахха аттестация түмүгүнэн «учитель-методист» аатын ылбыта. 1980 сылга маҥнайгы cүһүөx партийнай   тэрилтэ    секретарынан үлэлии сылдьан Ленинскэй Бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыта.

Кини мэлдьи кылаас таһынан куруһуоктары үлэлэтэр, факультативы салайар, классоводтуур үлэтигэр саамай сүрүн болҕомтотун идэни таба талыыны сүрүннүүргэ уурар уонна ол үлэтин опытыттан табаарыстарыныын үллэстиһэр идэлээх.

            Петр Поликарпович мүнүүтэни даҕаны халтай хаалларары сөбүлээбэт идэлээх. Онон быыс эрэ буоллар хоһоон суруйарынан дьарыктанар. 1967 сылтан оройуонун хаһыатыгар бэчээттэнэр, маҥнайгы суруйбут «Сибэкки» диэн хоһоонуттан саҕалаан бэрт элбэх бэртээхэй хоһооннору суруйан оройуон уонна республика хаһыаттарыгар, «Хотугу сулуска» бэчээттэттэ. Кини хоһоонноро оҕолорго аналлаахтар уонна патриотическай иитэр суолталаахтар. Олортон 20-тэн тахса xoһоoҥҥo мелодия сурулунна, ордук элбэхтик самодеятельнай композитор Николай Иванович Бойлохову кытта табыллан айаллар. «Тыыннаахтар умнубат сыллара» диэн кинилэр айбыт ырыалара «Ыччат ыллыыр» диэн сборникка киирдэ, Дальнай Востоктааҕы ВАДП Бүтүн Союзтааҕы фондугар ылыллыбыта.

Кини Октябрьскай Революция 60 сыла туолуутугар оҕолорго аналлаах xohooннору суруйуу конкурсугар республикаҕа II миэстэни ылбыта. Оттон В. И. Ленин төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах конкурска III миэстэҕэ тиксибитэ.

«Бүлүү сирэ» диэн ырыата Якутскайдааҕы радио уонна телевидение хорун толоруутугар ылланар.

Петр Одорусов поэзия5а утумнаахтык уонна дьоҕурдаахтык хардыылыыр, өссө да таһаарыылаахтык ылсан үлэлииргэ бигэ эрэллээх.

Петр Поликарпович аҕыйах хонугунан 50 сааһын туолар, ол эрээри, майгыта элэккэйинэн, сылдьара сытыытынан-сымсатынан киниэхэ 40 саастан ордугу биэриэххин баҕарбаккын. Дьэ итинник эдэрдии эрчимнээх, үлэҕэ тэтимнээх киһи биһиги Петр Поликарповичпыт. Кини толоругаһын, дьулуурун үөрэппит оҕолоро эрэ буолбакка, ханнык бaҕapap эдэр киһи холобур оҥостуон сөптөөх.

Биир идэлээхтэрин ааттарыттан дьоҕурдаах автор, талааннаах. учуутал Петр Поликарпович Одорусов 50 сааһын туоларынан истиҥник эҕэрдэлээн туран ыччаты үөрэтэр, иитэр үлэтигэр үрдүк ситиһиилэри, айар үлэтигэр уостубат талааны уонна олоҕор дьолу-соргуну баҕарабыт.

М. ДАНИЛОВА,
«Чэчир» литературнай түмсүү салайааччыта.
«Комунизм сардаҥата» 1981с.   ыам ыйын 5 күнэ, стр. 2

Киниэхэ үөрэммит дьоллоохпун

(Үөһээ Бүлүү улууһугар үөрэхтээһин саҕаламмыта уонна Исидор Барахов аатынан орто аһыллыбыта 130 сылларыгар)

Мин кинини аан-маҥнай көрбүт күммүн олох умнубаппын. Кылаас аана сэниэлээхтик тэлэллэ түһээтин орто уҥуохтаах, номоҕон сэбэрэлээх, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх эдэрчи киһи тиэхэлээхтик мичээрдээбитинэн, эрчимнээхтик туттан-хаптан киирэн кэлбитэ. Кыбынан киирбит элэйбит тирии паапкатын учуутал остуолугар ыраахтан элээрдэ быраҕаат, атын киминэн да хатыламмат киириититтэн соһуйбут, сөхпүт сирэйбитин-харахпытын кэриччи көрүтэлээбитэ. “Мин Петр Поликарпович диэммин, эһиэхэ химияны үөрэтиэм”, — диэн бэйэтин дьэ, чахчы, ураты чаҕылхайдык билиһиннэрбитэ эбээт мин таптыыр, ытыктыыр уонна улахан убайым курдук истиҥник саныыр учууталым барахсан.

Мин Петр Поликарповичка икки сыл үөрэммитим. Учууталым үөрэтэригэр үчүгэйдик собуоттаммыт автомат курдук тохтообокко кэпсиирэ, химическэй элеменнэри латыынныы түргэн-түргэнник этэн субуруппахтыыра, дуоскаҕа формулалары, реакциялары кылыгырас буочарынан суруйан элэҥнэтэрэ мин курдук киһиэхэ үксүгэр кыайан иҥмэккэ, эт мэйиибэр хатаммакка да хаалара үгүс буолара. (Oл да курдук онус кылааһы бутэрбит аттестаппар химияҕа уонна омук тылыгар үс, физикаҕа, геометрияҕа, историяҕҕа биэс, атын предметтэргэ түөрт сыаналар тураллар.) Петр Поликарпович олус ирдэбиллээх учуутал буолан, оҕолор киниттэн толлоллоро, уруоктарыгар кичэйэн бэлэмнэнэллэрэ. Бэл, сороҕор, биһиэхэ кини уруогун кэнниттэн химия буолуохтаах атын кылаас оҕолоро кэлэннэр учууталбыт настарыанньата хайдаҕын кытта туоһулаһаллара да баар буолааччы. Учуу­талым биһикки икки ардыбытыгар хара мангнайгыттан истиҥ сыһыан үөскээбитэ, мин кинини хайдах эрэ улахан убайым курдук саныырым.

Учууталым хоһоон суруйуутунан хаһаанныттан утумнаахтык дьарыктанан барбытын билбэппин, ол эрээри 1967 сыллаахха оройуон хаһыатыгар оҕолорго аналлаах “Үнүгэс” уонна “Сибэкки” диэн бастакы хоhooннopo бэчээттэммиттэрэ. Билигин Петр Поликарпович тоҕус бэчээттэммит кинигэлээх, 80-ча ырыа буолбут хоһооннордоох, республикаҕа биир биллэр, киэҥ туттар поэппыт буолла.

Поэт тыла-өһө хомоҕойуттан, өйгө-санааҕа дэбигис тиийимтиэлэринэн, ылланымтыаларынан кини xoһooннopyrap идэтийбит уонна самодеятельнай композитордар айымньылаахтык үлэлииллэр, ырыа буолбут хоһоонноруттан отуччата иккилии, үстүү. түөртүү мелодиялаахтар. Кини хоһоонноро 17 араас хомуурунньуктарга, 11 үөрэх пособиеларыгар, программаларыгар киллэриллибиттэрэ.

Петр Поликарпович “Тыыннаахтар умнубат сыллара” диэн хоһоонугар мелодист Николай Иванович Бойлохов олус табыллыбыт мелодияны айан үйэлэргэ өлбөт-сүппэт суду патриотическай суолталаах ырыаны норуоттарыгар бэлэхтээбиттэрэ. Бу ырыа Aҕa дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии ынырык, тыыннаахтар умнубат сылларын санатан, өрөгөйдөөх набаат буолан Саха сиригэр эрэ дуораһыйбат, бүтүн Россия, ону ааһан урукку Советскай Союз уот сэрии сылларыгар күл-көмөр, урусхал буолбут куораттарын, билигин өйдөбүнньук-мемориалларын үрдүнэн эҥсиллэ кутуллар. Герой-куорат Сталинград (билиҥҥи аата Волгоград) номоххо киирбит Мамаев үрдэлин улуу мемориалыгар “Тыыннаахтар умнубат сыллара” диэн ырыа биир дойдулаахпыт Анна Петровна Иванова толоруутугар киһи этин сааһын аһан ньиргиэрдээхтик ыллана түспүтүн биир дойдулаахпыт, аатырбыт артиллерист Гаврил Пртодьяконовтыын бииргэ сэриилэспит, Сталинград оборонатын кыттыылааҕа Илларион Леонтьевич Омукчанов эт кулгааҕынан истибитин, ити ырыа ол улуу Мамаев үрдэлигэр сахалыы толоруллубутуттан долгуйа үөрэн сахатынан, өрөгөйдөөхтүк дуораһыйбыт саха ырыатынан киэҥ туттар санаа түөһүн иһин толорон сүргэтэ көтөҕүллүбүтүн туһунан республика “Саха сирэ” хаһыатыгар 1993 сыллаахха ахсынньы ый 11 күнүнээҕи нүөмэригэр суруйбутун аахпыттаахпын.

Петр Поликарпович “Эдэр сааспыт кэрэтэ” диэн хоһоонугар республика народнай артыыһа Аркадий Алексеев дьоһуннаах ырыаны суруйан үтүөлээх артистка Раиса Захаровалыын дуэттаан толорууларын көрөөччүлэр мэлдьи дохсун ытыс таһыныытынан көрсөллөр. Биллиилээх самодеятельнай композитор уонна ырыаһыт Степан Васильев кини тылларыгар суруйбут “дойду киэргэлэ “Маҥан хаар” диэн ырыата радионан, телевидениенан бэриллэрин мэлдьи сэргии истэбин.

Учууталым ырыа буолбут үгүс хоһоонноро бар дьоҥҥо ыллана, сэҥээриллэ туралларыттан үөрэн, кини 1974 сыллаахха химияны үөрэппит, ол эрэн классоводтаабатах 10 “б” кылааһын оҕолоро бары кыттыһан учууталларын ырыа буолбут хоһооннорун толору хомуурунньугун “Сүрэх баҕатынан” диэн ааттаан 500 экземплярынан бэчээттэтэн таһааран, учууталларыгар суду бэлэҕи оҥорбуттара да элбэҕи этэр дии саныыбын. Ити дьикти бэлэх — үөрэппит учууталга ис сурэхтэн махтаныы бэлиэтэ эрэ буолбатах, ити улахан поэты билиҥҥи, кини айар дьоҕуругар, талааныгар үөрэнээччилэрин курдук сыанабыллара буолар.

Учууталым төһө да сааһырдар, эдэрдии эрчимин ыһыкта илик, тулалыыр дьонугар үтүө энергияны ыһa-тоҕо сылдьар киһи, кинилиин көрсөн бэрт кылгастык да кэпсэтэн аастахха күнү быһа сэниэлээхтик, чэбдиктик сылдьаҕын. Кини мэлдьи ыксыы, тиэтэйэ сылдьар буолар, уулусса yҥуоруттан икки илиигин холбуу тутан өрө уунан эҕэрдэлээн aaһapa, “ну, да-да” диэн хайаҕыы түһэн ылара санааҕын көтөҕөр, сүргэҕин кынаттыыр.

Учуутал эрэ үөрэппит оҕотунан киэҥ туттубат, үөрэммит оҕо учууталынан эмиэ киэҥ туттара, “мин киниэхэ үөрэммитим” диэн учууталын дууһатын истиҥ иэйиитин, сүрэҕин сөҕүрүйбэт сылааһын билбитинэн учууталыгар үйэтин тухары махтанара куруук баар буолар. Сырдыкка, кэрэҕэ угуйбут тапталлаах учууталбынан, убайым тэҥэ саныыр киһибинэн, Саха Республикатын үтүөлээх учууталынан, Россия үөрэҕириитин туйгунунан, Саха Республикатын Суруйааччыларын союһун чилиэнинэн, Саха Республикатын Президенин иһинэн улэлиир Национальнай “Барҕарыы” фонда лауреатынан, Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах гражданина Петр Поликарпович Одорусовынан мин эмиэ киэҥ туттабын.  

Уйбаан ЧЫЫЧААХАП,
РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
«Чолбон» сурунаал 2007 сыл. Кулун тутар ый, стр.43

Сайда турдун сахабыт тыла!

Саха халандаарынан дьыл оройуттан саҕаланар олунньубут — Төрөөбут тыл, сахалыы сурук-бичик ыйа. Бу сахаларга бырааһынньык, үөрүү-көтүү ыйа. Тоҕо диэтэххэ, тылбыт — төлө туппат төрүт баайбыт. Саха диэн омук баар буолуутун дуу, симэлийиитин дуу быһаарар саамай сүрүн бэлиэбит. Дэлэҕэ этиэхпит дуо, «сахалыы тыллаах буоламмын саха дэнэбин» — диэн.

Бу сахалыы тыл, сурук-бичик күнүгэр анаан мин биир сүрэхтэн сүппэт ырыа тылыгар-өһүгэр санаабын этэбин. «Тыыннаахтар умнубат сыллара» диэн мин биир кэмҥэ үөрэнэн, мэник-тэник оҕо сааска бииргэ оонньоон-кулэн, айдаарсан ааспыт атаһым Бүөтүр Одорууһап суруйбут байыаннай-патриотическай ырыата. Ырыа тыла-өһө, ис хоһооно, ылланар матыыба, ыллаан толорор дьиҥнээх, соҕотох ырыаһыта Аана Уйбаныаба куолаһа даҕаны, туттан туран толороро даҕаны — бука барыта хайдахтаах даҕаны киһини долгуппат, күүрдүбэт, элбэҕи эргитэ санаппат буолбат. Барыта соҕотох Аана Уйбаныаба эрэ толороругар анаан айыллыбыт курдук, син биир «День Победы» ырыа Лев Лещенко эрэ толоруутугар барсарын кэриэтэ. Бу ырыа күүрүүлээх, өрө көтөҕүллүүлээх, өстөөххө өһү-сааһы, дьон абатын-сататын этэр тыллара тугу-тугу санаппаттарый?! Төһө да улуу сэрии сылларыгар оҕо буолан сылдьыбыт иһин, бу ырыаны иһиттэргин эрэ сэрии туһунан аахпыт кинигэн, көрбут киинэн өйгөр-санааҕар тиллэн кэлэр, бэйэн нэһилиэгин аччык-хоччук, илдьиркэй таҥастаах-саптаах оҕолорун, улэһит-хамначчыт дьонуҥ-сэргэтин саныыгын, сэрии ынырык хартыыната хараххар субу баардыы көстөргө дылы буолар.

Кырдьыга даҕаны, 1941-1945 сыллары билигин баар, тыыннаах киһи хайаан умнуо буоллаҕай! Адьырҕа өстөөҕү кыдыйар ытык иэһинэн өрө күүрэн төһөлөөх сэбиэскэй саллаат кырыктаах кыргыһыыга — өлөр өлүү уот айаҕар ыстаммыта. Ийэ дойду иннигэр өстөөҕү кыдыйарга андаҕайбыта буолуой?! Бу ытык андаҕар этиллэр кэмигэр:

Биир ньыгыл сомоҕо модун күүс оҥорон
Партия норуоту тумпутэ,
Абарыы-сатарыы дууһаны толорон
Барыбыт ниэрбэтэ күүрбутэ.

Норуот сомоҕолоһуута, аармыйа тыылга, тыыл аармыйаҕа көмөлөһүүтэ, хардарыта өйөһүүтэ, тыыл сүдү өйөбүлэ-көмөтөкыайыыны уһансыбытын ааптар тоһоҕолоон бэлиэтиир, ол иһин «биир ньыгыл сомоҕо, модун күүс» диэн тыллары туттар. «Оҥорон» диэн туохтууру туттан оччотооҕу партия ыйыыта күүстээҕин, наадалааҕын уонна сөптөөҕүн ыйар дии саныыбын. Норуоту түмэр сыаллаах итинник күүстээх бэлиитикэни норуот сөптөөхтүк ылынан сэриигэ туруммутун ырыа тыллара этэллэр. Тыыл көмөтө олус күүстээҕин уонна булгуччу наадалааҕын өйдөөбүт дьон: «Тыылга да син биир боруоҥҥа курдуга», — диэн ахталлар, туох үлэ, үөрэх барыта ол кэмҥэ өстөөҕү кыайыыга туһаайыллыбытын этэллэр. Норуот кыайыыга эрэлин, санаата кытаанаҕын ааптар «ньыгыл», «модун күүс» диэн тылларынан бигэргэтэр.

Бэл биһиги — сэриини сурах хоту эрэ истибит дьон харахпыт ууланар, абара-өһүрэ саныыбыт
— Күөҕүнэн чэлгийбит куораттар, селолар
Күл-көмөр, урусхал буолтара.
Бурдуктаах буолактар, хонуулар-сыһыылар
Өһүөннээх өлүүнэн туолтара, —
диэн тыллартан. Бу тыллар илэ-бааччы буолбут чахчыны уот харахха этэллэр.
Партизан күүһүттэн уордайбыт гестапо
Оҕону-дьахтары ыйыыра, —
диэн тыллартан киһи иэнэ кэдэҥниир, куйахата күүрэр. Санаан кэлин эрэ «Эдэр гвардия» дьоруойдарын, Зояны эбэтэр Юрий Гагарин дьиэтигэр күүстэринэн киирбит фашистар Юраны маска ыйаан эрдэхтэринэ ийэтэ баттаһа кэлэн ытаан-соҥоон өрүһүйбүтүн. Итинник дьулаан хартыына төһөлөөх тыһыынчата хатыламмыта буолуой?!

Ырыаны истэ олорон элбэҕи эргитэ саныыгын, хас күппүлүөт бүттэҕин аайы кэлэр:
— Ол этэ уот сэрии ынырык сыллара
Тыыннаахтар умнубат сыллара, —
диэн тыллары ааптар хатылаан иһэрэ тугу этэрий?

Бу сыллар норуот, бар дьон сүрэҕэр сүппэттии хатаммыттарын, өлбүт-тыыннаах өйүттэн-санаатыттан арахпаттарын санатыы. Өссө 1941-1945 сыллар аны хаһан да хатыламматыннар, кинилэр оспот бааһы хаалларбыт, харахха хатанан хаалбыт хартыыналара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, маннык буолбатын туһугар олорун, ол туһугар олоххут устата охсуһун диэн санатыы, сэрэтии, ыҥырыы буолар. Ынырык, хабараан хапсыһыыларга өлбүттэри тыыннааххыт тухары кэриэстээн, кинилэри умнуман диэн ынырыы.
— Тыын-тыыҥҥа, хаан-хааҥҥа!
Кырыктаах атаака
Хатанан хаалбыттар харахпар,
Ийэ буор, сир-халлаан хаһыыта, ынчыга
Иһиллэр курдуктар кулгаахпар, —
диэн тыллар улуу Маяковскай «ужас из железа выжал стон» этиитин санаталлар. Хас биирдии күппулүөт кэнниттэн кэлэр «ол этэ уот сэрии ынырык сыллара, тыыннаахтар умнубат сыллара» диэн ааптар патриотическай, модун күүстээх санаатын этэрэ ааҕааччыга, истэн олорооччуга өстөөххө, сэриигэ өһү-сааһы саҕар. Дьэ, кырдьык, итинник ыарахан түбэлтэлэри этэргэ-санатарга эрэ туттуохха сөптөөх тыл эбит «ынырык» диэн тыл. Одорууһап сахалыы тылы уот харахха, саамай туттуллуон сөптөөх сиригэр туттубут. Оттон биһиги күн бүгүн «ынырык» диэн тылы бэрт хойуутук, туох үчүгэйи, туох күндүнү, туох элбэҕи көрдүбүт да «ыыннырык үчүгэй» диэн киэргэтэ-киэргэтэ туттабыт. Ити тыл сэттээҕин өйдүүр суох.

Сахалыы тыыннаах, сахалыы тыллаах биһиги улууспут киһитэ ис сүрэҕиттэн таһааран суруйбут патриотическай ырыата өйү-санааны өрүкүтэр, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну, тапталы чахчы-бааччы этэр. Сэрии тиэмэтигэр суруллубут, кыайыыны уһансыбыт, кыайыыга кынаттаабыт, сүрэхтэн сүппэт ырыа! Бу ырыа «День Победы», «Синий платочек», «Огонек», «Катюша», «С чего начинается Родина?» ырыалары кытта биир кэккэҕэ турар. Маннык күүстээх өрө күүрүүлээх тыллаах, киһи дууһатын аймыыр, киһини эмиэ да ытатар, эмиэ да ыллатар ырыаны айбыт, айа, толоро сылдьар дьон, уһулуччу чорботон эттэххэ тылын суруйбут Бүөтур Одорууһап, матыыбын айбыт Ньукулай Бойлуохап, ырыаны кимиэхэ да холооно суох, уратытык толорор Аана Уйбаныаба — бу биһиги улууспут дьоно, биһиги киэҥ туттуубут буолаллар! Үөһээ Бүлүү дьоно ыллааталлар эрэ ханна баҕарар, хаһан баҕарар дьон субу ырыаны күүтэрин билэбин. Бу биһиги улууспут Аҕа дойду сэриитин, Улуу Кыайыытыгар аналлаах гиимнэ, бэлиэтэ, өрөгөйүн ырыата буолар дии саныыбын.

Сэрии тиэмэтигэр анаммыт бэрт элбэх сахалыы ырыа ортотуттан ким баҕарар чорботон бэлиэтиир, уһулуччу тутар ырыата буолар. Тоҕо диэтэххэ, кини норуот эрэйин-муҥун, сорун-кыһал5атын этэр, кэпсиир. Маныаха тэҥнээх ырыалар «Кыраман ыраах дойдуттан», «Гастелло», «Өргөскүн сытыылаа» бааллар.

Онон мин этэбин: төрөөбүт тылбыт — төлө туппат төрүт баайбыт. Кини этигэгэ, хомуһуна, байҕал курдук барҕа баайа, сир симэҕинии сиэдэрэйэ, кэрэтэ ырыаҕа-тойукка көстөр. «Тыыннаахтар умнубат сыллара» хайдах курдук долгутарый, киһини уолутарый-чачатарый? Истэн олордоххо туох эрэ кытаанах кэлэн уолуккун бүөлүүр курдук гынар, эккин тымныы хаарыйар, долгуйаҕын, хараҕын ууланар, ытаан да ылаҕын. Бэл, уоттаах сэрии дьиҥнээх кыттыылаахтара хайдах ылынан истэллэрэ буолуой?!

Бу ырыа курдук дьоһуннаах тыллаах-өстөөх ырыаны-хоһоону тылын-өһүн болҕойон, ис хоһоонун иҥэн-тоҥон истэр, ааҕар буолун дуу. Төрөөбүт тылгытын таптаан, харыстаан, ыраастык, атын омук тылын кыбыппакка саҥара сатаан диэн сүбэлиибин….

Туругура, сайда турдун сахабыт тыла! Ыллыы-туойа сылдьыаҕын «Тыыннаахтар умнубат сыллара» курдук күүстээх тыллаах, сахалыы патриотическай ырыалары!

Мария ЗОЛОТАРЕВА.
«Ил Тумэн Хотун Бүлүүгэ» хаһыат, 2007 сыл, олунньу 9 к.

Сугуруйэн туран махтанабыт

СР суруйааччыларын союһун чилиэнин, тыыл, педагогическай үлэ ветеранын, Сахабыт сирин үрдүнэн гимн буолан ньиргийэ сылдьар «Тыыннаахтар умнубат сыллара» диэн ырыа авторын Одорусов Петр Поликарповиһы 75 сааскын туолбуккунан Таатта улууһун, Баайаҕа нэһилиэгин ветераннарын ааттарыттан истинник эҕэрдэлиибит.

Бу ырыаны хас Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх күннэрин аайы оҕолуун-кырдьаҕастыын өрө күүрүүлээхтик ыллаан кэллибит. Кини аҕыйах күппүлүөттэригэр бар дьонун аһыытын-абатын, сэрии урусхалларын үмүрү тардан киллэрбитин ой дуорааныныы иһиллэргэ дылы. Ырыан өрөгөй ырыата буолан ыллана сылдьарыттан улаханнык сүгүруйэ астынабыт уонна махтанабыт. Эн айар ырыаларын өссө да дорҕоонноохтук иһиллэ турдуннар диэн алгыыбыт уонна бары дьолу баҕарабыт!

Ветераннар ааттарыттан Анастасия РАХЛЕЕВА,
ССРС доруобуйатын харыстабылын туйгуна,
Аҕа дойду сэриитин ветерана, политическай репрессия сиэртибэтэ.
«Забота Арчы» хаһыат, 2006 сыл, бэс ыйын 8 к.

Библиография

Кинигэлэрэ

Исидор Никифорович Барахов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи орто оскуола (1876-2001).— Дьокуускай: «Ардах»,  2001.— 172 с.

Күн-Ийэм алгыһын ыламмын.— Дьокуускай: ГУП НИПК «Сахаполиграфиздат», 2005.— 472 с.

Кырачааннарга хоһооннор.— Дьокуускай: Бичик, 2008.— 32 с.

Олоҕу туойабын /ред. И.Е. Иванов-Ороьуунускай.— Бүлүү, 1991.— 108 с.

Саха сирин кыыллара: таабырын-хоһооннор.— Дьокуускай: «Ситим» ЧИФ, 1994.— 23 с.

Саха сирин сайдар биһигэ: И. Н. Барахов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи орто оскуола 120 сыла.— Дьокуускай: ООО «Сапи-Торг-Книга», 1996.

Сахам сирин кыыллара: кырачааннарга хоһооннор.— Дьокуускай: Бичик, 2008.— 32 с.

Сахалыы саҥарабыт.— Дьокуускай: «Ситим» ЧИФ, 1994.— 48 с.

Сахалыы саҥарабыт. – Дьокуускай: Ситим, 1994.– 2-е изд. – 2008.- 48 с.

Сахам сирин кыыллара: кырачааннарга хоһооннор.— Дьокуускай: Бичик, 2008.— 32 с.

Сүрэх баҕатынан: ырыанньык.— Дьокуускай, 2004.— 160 с.

Үйэ үөскэппит геройа: поэма.— Үөһээ Бүлүү: Улуустааҕы киин библиотека кыраайы үөрэтэр отдела, 2000.— 99 с.

Чэйиҥ эрэ, ыллыаҕыҥ: оҕолорго аналлаах ырыанньык.— Дьокуускай: «Ситим» ЧИФ, 1992.— 32 с.

Бэчээккэ тахсыбыт ыстатыйалара, хоһоонноро

Ааккар махтал тиэрдэллэр: [народнай учуутал М. А. Алексеевка анабыл хоһоон] //Коммунизм сардаҥата.— 1978.— Балаҕан ыйын 30 к.

Баҕабыт күүһүнэн //Үөһээ Бүлүү.— 1996.— Балаҕан ыйын 26 к.

Күндү реликвия //Коммунизм сардаҥата.— 1985.— Муус устар 9 к.

Сүүрбэһис үйэ Улуу Учуутала: [народнай учуутал М. А. Алексеев] //Үөһээ Бүлүү.— 2007.— Муус устар 27 күнэ ; Ыам ыйын 1 күнэ ; Ыам ыйын 4 күнэ ; Ыам ыйын 15 күнэ ; Ыам ыйын 18 күнэ.-  С. 3; Учуутал аргыһа.— 2007.— Ыам ыйын 10 к.— С. 2-3.

Улуус кырдьаҕас оскуолата //Үөһээ Бүлүү.— 1996.— Тохсунньу 13 к.

Олоҕун уонна айымньыларын туһунан

***

Григорьев М. П. ҮөһээБүлүү улууһун суруйааччыларын төрүччүлэрэ / [М. П. Григорьев; ред.сэбиэт: В.С. Поскачин уо.д.а.; худ. Н.Д. Сибиряков]. – Дьокуускай: Дани-Алмас, 2015. – 220 с.

Үөһээ Бүлүү өҥ буоруттан… / [Адм. «Верхневилюйский улус  (район)»; сост. О.Д. Федорова, Г.А. Саввинова] . – Якутск : Медиа-Холдинг «Якутия», 2012. – 242 с. –

***

Архипов Н. «Тыыннаахтар умнубат сыллара» авторын кытта соһуччу көрсүһүү //Саха сирэ.— 2003.— Ыам ыйын 8 к.— С. 1.

Быралгы-Кухотов, Баһылай. Ол күһүн : [Саха Республикатын Суруйааччыларын Союһун чилиэнэ, Саха Республикатын үтүөлээх учуутала, “Гражданскай килбиэн” знак кавалера Одорусов Петр Поликарпович туһунан] // Үөһээ Бүлүү. – 2007. – Балаҕан ыйын 4 күнэ. – С. 7.

Васильева, Н. «… Талаһа кэбиһэн таһырдьа таһаартын…» //Саха сирэ.— 1996.— От ыйын 23 к.

Данилова, М. Учуутал уонна хоһоонньут //Коммунизм сардаҥата.— 1981.— Ыам ыйын 5 к.

Игнатьева, Е. Долгутуулаах көрсүһүү //Үөһээ Бүлүү.— 1992.— Муус устар 28 к.

Лукина, А. «Эйиэхэ үөрэммиппитинэн дьоллоохпут!» //Коммунизм сардаҥата.— 1991.— Ыам ыйын 25 к.

Кухотов, В.-Быралгы. Киэн туттабын //Ил Түмэн Хотун Бүлүүгэ.— 2006.— Ахсынньы 8 к.— С. 2.

Михайлова М. Барҕа махтал буолуохтун!: [Исидор Барахов аатынан орто оскуола учууталлара Одорусов П.П. о.д.а.] //Үөһээ Бүлүү.— 2009.— Алтынньы 2 к.— С. 4,5.

Мойтохонова А. Учуутал-поэт ыалдьыттаата //Үөһээ Бүлүү.— 1992.— Бэс ыйын 16 к.

Петр Одорусов кинигэтин презентацията //Үөһээ Бүлүү.— 1992.— Муус устар 30 к.

П. П. Одорусов Саха сирин суруйааччыларын Союһун чилиэнинэн ылылынна //Хоһуун.— 1997.— Ахсынньы 13 к.

П. П. Одорусовка «Саха Республикатын үтүөлээх учуутала» аат иҥэрилиннэ //Үөһээ Бүлүү.— 1996.— Алтынньы 16 к.

Петрова, В. Поэт Одорусов П. «Олоҕу туойабын» кинигэтин презентацията: [сценарий].— Үөһээ Бүлүү: Киин библиотека, 1991.— 4 с.

Петрова, В. Поэт Петр Одорусов «Чэйин эрэ, ыллыаҕыҥ» ырыанньыгын презентацията: [сценарий].— Үөһээ Бүлүү: Киин библиотека, 1993.— 4 с.

Полятинскай, В. Учууталбыт ырыата //Кэскил.— 2002.— Кулун тутар 8 к.— С.8.

Попов В. Биэс кинигэ презентацията: [П. Одорусов «Саха сайдар биһигэ» о.д.а.] //Үөһээ Булуу.— 1996.— Ахсынньы 3 к.

Рахлеева А. Сүгүрүйэн туран махтанабыт //Забота-Арчы.— 2006.— Бэс ыйын 8 к.

Семенов Г. Петр Одорусовка — Александр Самсоновтан //Саха сирэ.— 2004.— Муус устар ый 23 к.— С. 6.

Спиридонов, Д. Сылайбат-элэйбэт //Коммунизм сардаҥата.—1991.— Ыам ыйын 14 к.

Судинов, В. Талааннаах педагог //Коммунизм сардаҥата.— 1980.— Атырдьах ыйын 21 к.

Тимофеева, Ульяна Терентьевна.  Тыыннаахтар умнубат сыллара // Үөһээ Бүлүү. –

  1. – Ыам ыйын 17 күнэ. – С. 10.

Тобуруокап Н. Бэйиэт дьоло — ырыалара //Саха сирэ.— 2006.— Ыам ыйын 4 к.— С.11.

Урсун. Ырыа тылын айааччы //Чолбон.— 1996.— № 1.— С. 182.

Федорова И. Мин көҥүл сахабын, мин көҥүл киһибин.— Үөһээ Бүлүү, 2006.— 84 с.

Ыйылааскай, Б. Ити буолар киһи диэн //Үөһээ Бүлүү.— 1992.— От ыйын 11 к.

Чыычаахап, У. Киниэхэ үөрэммит дьоллоохпун //Чолбон.— 2007.— № 3.— С. 43.

Чыычаахап У. Киниэхэ уһуйуллубут, үөрэммит дьоллоохпун //Үөһээ Бүлүү.— 2006.— Алтынньы 13 к.— С. 4,5.

Чыычаахап, У. Учууталым туһунан //Ил Түмэн.— 2006.— Сэтинньи 17 к.— С. 9.

Судинов, В. Учитель — это творчество //Соц. Якутия.— 1982.— 25 февраля.