Песня «Тыыннаахтар умнубат сыллара», которая номинирована республиканским званием «Сто лучших песен ХХ в.», воистину стала гимном Победы для якутян. Авторами песни являются верхневилюйчане — поэт, педагог П. П. Одорусов и самодеятельный композитор Н. И. Бойлохов. Несмотря на то, что песня не сходит с уст певцов, звучит на многочисленных мероприятиях вот уже 55-й год, немногие знают, кто создал эту песню, как она зародилась, какой путь прошла за время существования.
В 2010 г. в рамках мероприятий, приуроченных к 65-летию Великой Победы, стало создание сайта “Тыыннаахтар умнубат сыллара” к 40-летию песни П. П. Одорусова, Н. И. Бойлохова “Тыыннаахтар умнубат сыллара”, на основании проекта заведующего отделом электронного фонда краеведческих документов центральной библиотеки Долгаевой Е. П. Реализация проекта началась с января 2010 г. с уточнения, выборки, систематизации документов, относящихся к теме создания песни, материалов о авторах, исполнителей песни, сбора воспоминаний, видеоинтервью. В итоге сбора документов, с апреля началась работа по созданию страницы на сайте МУ “ВВМЦБС”. Итоговым мероприятием стала презентация страницы “Тыыннаахтар умнубат сыллара” ырыа 40 сыла” в актовом зале Детского эстетического центра “Тускул” с участием автора песни П. П. Одорусова и первой исполнительницы песни А. П. Ивановой, родственников мелодиста Н. И. Бойлохова. В завершении мероприятия П. П. Одорусов, А. П. Иванова и жена мелодиста Н. И. Бойлохова А. Е. Федорова подписались на “Письме потомкам, жителям Верхневилюйского улуса в 2020 году”. Создание страницы на сайте МУ “ВВМЦБС” “Тыыннаахтар умнубат сыллара” ырыа 40 сыла” в свое время стало в нашем улусе большим событием, всеми выступающими был признан, как инновационный проект в истории культуры района. Мероприятие было показано по местному телевидению “Хотун Бүлүү”, в новостях НВК Саха.
Ытыктабыллаах Үөһээ Бүлүү 2020 сылын олохтоохторо!
Мөлүйүөнүнэн Советскай Союз дьоно ыар көлөһүннэринэн, кыа хааннарынан сырдык тыыннарынан толуктанан, тыыл дьонун сындалҕаннаах үлэлэринэн уһаныллыбыт Улуу Кыайыы 75 сыллын туолар үбүлүөйдээх күнүнэн ис сурэхпититтэн Эһигини барыгытын итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Быйыл 2020 сыллаахха Улуу Кыайыы 75 сылын бэлиэтиир сылга уон сыллааҕыта биир дойдулаахтаргыт Кыайыы 65 сылын хайдах бэлиэтээн ааспыттарын санаан-ахтан ааһаргыт саарбаҕа суох.
2010 сыл, Кыайыы 65 сыллаах үбүлүөйун улуус бары дьоно-сэргэтэ үрдүк таһымнаахтык өрөгөйдөөн, уруйдаан-айхаллаан көрүстүбүт, Ийэ буор туһугар, кэлэр кэнчээри туһугар, халлааҥҥа күн өрүү чаҕылыччы тыга турарын туһугар сэриилэспит, Кыайыыны уһансыбыт буойуттарбытын, тыыл бэтэрээннэрин ахтан-санаан, үйэтитэн, кэлэр ыччаттар дууһаларыгар суол, ытыктабыл, махтал хаалларар сыаллаах үгүс мероприятиелар ыытыллалларыгар кыратыттан кырдьаҕаһыгар тиийэ кыттыыны ыллылар.
Бүгүн, 2010 сыл ыам ыйын 22 күнүгэр киин библиотека көҕүлээһининэн Үөһээ Бүлүү сириттэн-буоруттан кынаттанан көппүт, Саха сирин дьонугар-сэргэтигэр 40 сыл усталаах туоратыгар Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии гимнынан буолбут «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыа электроннай сайта арыллар, сүрэхтэнэр өрөгөйдөөх күнүгэр ырыа автордара Петр Поликарпович Одорусов, Николай Иванович Бойлохов дьиэ кэргэттэрэ; ырыа бастакы толорооччута Анна Петровна Иванова; ырыа автордара үгүс сылларга бииргэ алтыһан, үлэлээн ааспыт дьонноро, коллективтара, нэһилиэнньэ киэҥ араҥата кэлэн олорор.
Мероприятие кыттыылаахтарын ааттарыттан, биһиги Эһиэхэ ырыа үйэ аҥаардаах үбүлүөйүнэй эстафетатын туттарабыт! Саха Кыайыытын гимнын 50 сыллаахх үбүлүөйун республиканскай таһымҥа бэлиэтиэхтэрэ диэн эрэнэбит!
Сэрии сорун, сэрии муҥун ким да хаһан да умнуо суохтаах! Өрөгөй ырыата норуокка өрүүтүн ылланарын тухары көҥүл, дьол туһугар өлбүттэр өлбөттөр, үйэттэн-үйэҕэ тыыннаахтар!
Аны 10 сылынан көрсүөххэ дылы, күндү биир дойдулаахтарбыт!
Ырыа автора: Одорусов П.П.
Мелодия автора Бойлохов Н.И.
кэргэнэ: Федорова А.Е.
Ырыа бастакы толорооччута: Иванова А.П.
«Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыа электроннай сайта арыллар, сүрэхтэнэр өрөгөйдөөх күнүн бары кыттыылаахтара.
Үөһээ Бүлүү; 2010 с.; ыам ыйын 21 к.; ДЭЦ актовай саалата.