О. Д. ФЕДОРОВА ҮТҮӨ ААТЫН ҮЙЭТИТИИ

Үөһээ Бүлүүтээҕи киин модельнай библиотека 2016 сыллаахтан О. Д. Федорова аатын сүгэр. Кини Үөһээ Бүлүүгэ библиотека үлэтэ сайдарыгар, саҥа эдэр үөрэхтээх кадрдары иитэн таһаарбыт, кинилэргэ элбэх сүбэни-аманы биэрбит, олоҕун бүүс-бүтүннүү библиотека үлэтигэр анаабыт кэллиэгэбитин, аҕа табаарыспытын, ытыктыыр салайааччыбытын, бэйэтэ тэрийбит, үлэлээбит библиотекатыгар бары биир санаанан улуус салалтатыгар сурук суруйан аатын иҥэртэрбиппит.

Библиотекаҕа киирбит эрэ бары, тэлгэһэтиттэн саҕалаан Ольга Дмитриевнаҕа анаммыт мэҥэ бэлиэни, дьиэ иһигэр киниэхэ анаммыт анал истиэндэни көрөн, билсэн киирэллэр. 

Олоҕун тиһэх сылларыгар диэри үлэлээбит кыраайы үөрэтэр отделыгар, Ольга Дмитриевна бэйэтэ иитэн-такайан таһаарбыт кыргыттара үлэтин салгыы сайыннараллар. Сыл аайы Россия үрдүнэн ыытыллар библиотека күнүгэр, дойдубут Үөһээ Бүлүү историятын, дьонун-сэргэтин, олоҕун чинчийиигэ, кыраайы үөрэтиини сайыннарыыга улахан кылааттарын киллэрэ сылдьар дьоҥҥо Ольга Дмитриевна аатынан бириэмийэни, кини оҕолоро, сиэннэрэ туруораллар.

О. Д. Федорова аатынан
анал бириэмийэ

2016 сылтан «За особый вклад в области библиотечного дела» диэн Ольга Дмитриевна Федорова аатынан, сүрүннээн улуус историятын чинчийэн үөрэтиигэ уонна үйэтитиигэ кылааттарын киллэрэ сылдьар биирдиилээн дьоҥҥо бириэмийэ олохтоммута. Анал комиссия быһааран бириэмийэ сылын аайы ыам ыйын 27 күнүгэр, библиотека идэлээх күнүгэр, туттарыллар.

Бастакы нүөмэрдээх удостоверениены уонна Ольга Дмитриевна улахан кыыһа Валентина Кимовна Каратаева анаабыт харчынан бириэмийэтин кыраайы үөрэтээччи, «Чэчир» айар түмсүү салайааччыта, Ольга Дмитриевна соратнига Иннокентий Васильевич Степанов ылар чиэскэ тиксибитэ.

Бу кэмҥэ төрөөбүт дойдуларын патриоттара, улуус историятын үйэтитиигэ уһулуччу кылааты киллэрсибит биэс киһи ааттанар, кинилэр бары Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаахтара. Сылын аайы ананар бириэмийэ тустаах дьонун булан иһиэҕэ.

Степанов Иннокентий Васильевич. 2016 сыл.

Поскачин Александр Семенович. 2017 сыл

Гурьева Наталья Филипповна. 2018 сыл

Константинова Мария Игнатьевна. 2019 сыл

Михайлова Мария Даниловна. 2020 сыл

Архипов Никита Деевич. 2021 сыл

Степанов Георгий Алексеевич. 2025 сыл