Документальнай киинэлэр ис хоһоонноро

«Билии тиһигин Далбар Хотуна» документальнай киинэ / Архыып, 2010 с.

«Билии тиһигин Далбар Хотуна»  диэн САССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ О.Д. Федорова олоҕун уонна үлэтин туһунан документальнай киинэ. Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотека архыыба. 2010 сыл.

Ольга Дмитриевна Федорова, САССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС культуратын туйгуна, Саха Республикатын Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах ветераннара, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах гражданина,  66 сыл устата библиотека үлэтин өрө тутан, улууска библиотека дьыалата сайдарыгар  улахан кылаатын киллэрбитэ. Улуустааҕы киин библиотека О.Д.Федорова аатын сүгэр. Ольга Дмитриевна төрүттээбит уонна үлэлээбит кыраайы үөрэтэр отделын фондатыттан үлэһиттэр наставниктарын туһунан 80 сааһыгар анаан устубут киинэлэрин көрөргүтүгэр ыҥырабыт. Киинэҕэ библиотека үлэһиттэрэ, Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторо, оҕолор кытталлар. «Хотун Бүлүү» ТРС оператора А.Старостин устуута.

“Үлэнэн дьоллонон…” О.Д. Федорова сыралаах үлэтигэр документальнай очерк

Бу сыл от ыйын 24 күнүгэр, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС культуратын туйгуна, Үөһээ Бүлүү бочуоттаах гражданина Ольга Дмитриевна Фёдорова төрөөбүтэ 90 сылын бэлиэтээтибит.

Убаастыыр, киэн туттар салайааччыбытын, наставникпытын ахтан-санаан куйаар ситимин нөҥүө О.Д. Фёдорова аатынан киин библиотека коллектива бэлэмнээбит устууларын көрүҥ-сэргээҥ!