Нэһилиэнньэҕэ чөл олоҕу пропагандалыыр сарсыардааҥҥы сэрээккэ бэрт сэргэхтик ааста. Ол курдук сарсыарда 9 чааска киин бибилэтиэкэ тэлгэһэтэ сэрээккэлээччилэринэн сэргэхсийдэ. Ыҥыра-угуйа ырыа, музыка кутулунна. Инструктор Вера Афанасьевна нэдиэлэ аайы кэлэн йога хамсаныыларын, эти-хааны чэбдигирдэр сэрээккэлэри оҥотторор.
Киһи хамсана-имсэнэ сылдьыахтаах. Чэгиэнник-чэбдиктик сылдьарбыт бэйэбититтэн тутулуктааҕын өйдөөн туран хас биирдиигитин оптуорунньук аайы сибиэһэй салгыҥҥа сэрээккэҕэ ыҥырабыт. Бука бары сэрээккэҕэ тахсыаҕыҥ, күн устата сөп буолар эрчимнэниэҕиҥ!









