О.Д.Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа, балаҕан ыйын 12 күнүгэр,
Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо Иванов Николай Николаевич олорон, үлэлээн ааспыт дьоһун олоҕун кэрэһэлиир
“Сэрии, сибээс, култуура бэтэрээнэ ИВАНОВ НИКОЛАЙ НИКОЛАЕВИЧ” кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста.
Кинигэни хомуйан оҥордулар Зинаида Николаевна Иванова, Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ байыаннай комиссариатын бэтэрээнэ, Россия уонна СӨ үлэтин бэтэрээнэ, Николай Николаевич төрөппүт кыыһа, Мария Васильевна Турантаева, СӨ култууратын туйгуна, СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыыга министирин бастакы солбуйааччыта, сиэн кыыһа.
Кинигэ сүрэхтэниитин иилээн ыытта улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Егорович Чычахов. Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар Николай Николаевич оҕолоро, сиэннэрэ, бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрэ.
Николай Николаевич Иванов 1927с. Харбалаах нэһилиэгэр төрөөбүт. Армияҕа сибээс ротатыгар сулууспалыыр кэмигэр сибээскэ үөрэммит телефоннай уонна линейнай хаһаайыстыбаҕа уонна кэлин отделение командира буолбут. Элбэх солдааты сибээскэ уонна үлэҕэ үөрэппит. 1945с. атырдьах ыйын 8 күнүттэн балаҕан ыйын 2 күнүгэр диэри Дьоппуон сэриитигэр Манчжурияны босхолоспут. 1951с. бэс ыйыгар демобилизацияламмыт – ол кэлэн дойдутугар сибээскэ үлэҕэ киирбит. 1952с. Николай Николаевич салайыытынан Маҥааска, Мэйиккэ, Дүллүкүгэ линия тардан телефон киллэрэн нэһилиэктэри абыраабыттар, онтон кэлин Харбалаах, Тамалакаан, Ороһу, Нам, Кэнтик линияларын тардыбыттар. Онтон 1963 сылтан почтовой сибээскэ көспүт. Нэһилиэктэргэ сибээс отделенияларын аспыт, отделение начальниктарын үөрэтэлээбит. 1971-1973с.с. Бүлүүгэ начальниктаабыт. 1980-1983с.с. Жиганскайга начальниктаабыт. 1984 сылтан Үөһээ Бүлүү музейыгар үлэлии киирэр, Прокопьев Анисим Григорьевичтыын музейы төрүттэспит киһи буолар.







