Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ төрүттэммитэ 100 сыла

Үөһээ Бүлүү бибилэтиэкэтиттэн куорсун анньынан

“Я прошу Вас, господа, и впредь поддерживать эти просветительные учреждения…

      Я обращаюсь к Вам, молодое поколение, любите и заботьесь об этих учреждениях и привейте эту любовь к последующим поколениям”.

                                                И.И. Крафт

       1925 сыллаахха балаҕан ыйын 14 күнүгэр төрүттэммит Саха сирин саамай бөдөҥ бибилэтиэкэтэ, билии-көрүү биһигэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ 100 сыла.

        Саха АССР Норуодунай хамыһаардарын сэбиэтин киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар Саха Национальнай бибилэтиэкэтин тэрийэр туһунан уураах таһаарыахтарыттан ыла 100 сыл ааста. Саха национальнай бибилэтиэкэтин тэрийэр туһунан “Автономная Якутия” диэн хаһыакка муус устар 25 күнүгэр 1925 сыллаахха тахсыбыта. Бибилэтиэкэ аата хаста да уларыйбыта, 1938 с.  Саха Киин су­­даарыстыбаннай бибилэтиэкэтэ диэн этэ, 1942 с. ­ Саха АССР судаарыстыбаннай научнай бибилэтиэкэтэ, ол кэннэ Александр Пушкин аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай бибилэтиэкэ буолбута уонна 1990 сылтан күн бүгүҥҥэ диэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ диэн ааттанар. Бибилэтиэкэ маҥнайгы ди­­риэктэринэн ССРС Наукаларын академиятын хамыыһыйатын ыҥырыытынан Наталья Николаевна Бурыкина үлэлээбит.

      1928 сыл алтынньы 1 күнүгэр бибилэтиэкэҕэ икки тиэхиньии­чэскэй үлэһит уонна сэбиэдиссэйи кытта барыта биэс киһи үлэлиирэ. 1928 сыллаахха Сибиир биллиилээх библиограба, Саха сиригэр библиография үлэтин төрүттээччи Н.Н. Грибановскай дириэктэринэн ананар. Кини кэлиэҕиттэн библиография сайдан барар, Саха сиригэр сыһыаннаах матырыйааллары хомуйаллар, “Саха сирэ” пуонданы тэрийэллэр. Ол эрээри 1929 сыл алтынньытыгар Грибановскай бэлитиичэскэй көрүүтүттэн сылтаан дуоһунаһыттан уһуллар. Грибановскай салайыытынан ааҕар саала уонна абонемент нөҥүө аан маҥнайгытын ааҕааччылары кытта үлэлэһэр буолаллар. 1949 сыллаахха бибилэтиэкэҕэ Александр Пушкин аата иҥэриллэр. 1950-1962 сс. дириэктэринэн  Богдан Чижик үлэлиир. 1973 сыл атырдьах ыйын 1 күнүгэр бибилэтиэкэ саҥа ­дьиэтэ тутуллар.  2003 сыллаахха Национальнай бибилэтиэкэ историческай дьиэтигэр култуура уонна ускуустуба өйдөбүнньүгүн статуһа иҥэриллэр.

     2015 сыллаахха СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ Арассыыйа 100 бастыҥ бибилэтиэкэтин иһигэр киирэр. 2019 сыллаахха СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ бибилэтиэкэ эйгэтигэр саҥаны киллэрии Бүтүн Арассыыйатааҕы үһүс күрэс кыайыылаахтарын кылгас испииһэгэр (шорт-лист) киирэр. 2019 сыллаахха Саха сирэ “Саамай ааҕар эрэгийиэн” диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэскэ үс бастыҥ иһигэр киирэр.  Национальнай бибилэтиэкэ “Кинигэ күүһэ” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйаны тэрийэн ыытан, өрөспүүбүлүкэбит бу улахан ситиһиигэ тиксэр. 1990 сылтан бибилэтиэкэ улуу поэт Пушкин аатын сүкпэтэр да, ааҕааччыларбыт билигин даҕаны “Пушкинка” диэн ааттыыллар.

       Үөһээ Бүлүү оройуонун киинигэр 1936 сыллаахха тохсунньу 15 күнүттэн бастакы бибилэтиэкэ тэриллэн үлэтин саҕалаабыта. Библиотекаҕа араас көлүөнэ ыччат, бибилэтиэкэрь араас сылларга үлэлээн уопут ылан үлэһит быһыытынан миэстэлэрин булалларыгар улахан тирэх буолбут сир. Өр сылларга Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотекаҕа директорынан үлэлээбит ССРС култууратын туйгуна, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ О.Д. Федорова директорынан үлэлээбит сылларыгар элбэх эдэр библиотекардар идэлэрин баһылыылларыгар үөрэтэн-такайан, сүбэ-ама биэрэн кини оскуолатын ааспыттар элбэхтэр.

Кинилэр улуустааҕы библиотекаҕа үлэлээн, уопутуран, идэ кистэлэнэригэр уһуйуллан өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Ол курдук Үөһээ Бүлүү библиотекатыгар үлэлээн, онтон куорсун анньынан үбүлүөйдээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтигэр араас сылларга үлэлээбиттэрэ уонна билиҥҥи бириэмэҕэ үлэлии-хамсыы сылдьаллар:

        Чоччасова Варвара Никифоровна  1978-1980 сс. МБА уонна комплектование отделын сэбиэдиссэйэ, 1980-1981 сс. библиограф, 1981-1982 сс. медодико-библиографическай отдел сэбиэдиссэйэ.

   Рожина (Буслаева) Мария Михайловна 1978 c. атырдьах ыйыттан бу сыл балаҕан ыйыгар дылы -комплектование отделын старшай библиотекара, 1978 с. балаҕан ыйыттан 1982 с. ыам ыйыгар дылы  методическэй отдел сэбиэдиссэйэ.

    Ханды Надежда Александровна 1985-1986 сс. медодико-библиографическай отдел сэбиэдиссэйэ.

     Ньурбаттан төрүттээх Федорова Лариса Алексеевна 1978-1990 сс. комплектование отделын редактора.

    Степанова Любовь Яковлевна 1978 -1981 сс. ааҕааччылары кытта үлэлиир отдел библиотекара, 1984-1985 сс. передвижка отделын библиотекара, 1992-1995 сс. оҕо библиотекатын сэбиэдиссэйэ.    

     Пелагейкина Галина Степановна 1981с. методист, 1981-1987 сс. библиотекарь, 1987 сс. научнай-техническай информация отделын сэбиэдиссэйэ, 1991-1999 сс. оҕо библиотекатыгар үлэлээбитэ.

    Алебастрова Елена Станиславовна 1989-1990 сс. оҕо библиотекатын, 1990-1993 сс. ааҕааччыны кытта үлэлиир отдел библиотекара.

      Алексеева Сардана Васильевна 1992-1993сс. информация уонна библиография  отделын сэбиэдиссэйэ.

     Ити курдук араас кэмҥэ эдэркээн кыргыттар Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотекаҕа үлэлээн ааспыттара, кинигэ киэҥ билиитин кистэлэҥнэрин арыйбыттара.   

       1976-1993 сс. Боотулуу нэһилиэгиттэн төрүттээх Дьокуускайдааҕы культуранай-сырдатар училище библиотечнай салаатын 1953 с. бүтэрбит Деллохова Анна Михайловна өрөспүүбүлүкэтээҕи А. С. Пушкин аатынан библиотекаҕа сүүрбэччэ сыл кинигэнэн хааччыйар уонна кинигэни харайар отделларга үлэлээбитэ.

Чоччасова В. Н.
Рожина-Буслаева М. М.
Федорова Л. А.
Ханды Н. А.

     Билиҥҥи бириэмэҕэ СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Лариса Романовна Никифорова научнай методическай киин кылаабынай библиотекарынан,  Сардана Николаевна Евдокимова  СӨ библиотечнай дьыалатын салайар киин кылаабынай библиотекарынан,  Сардана Васильевна Алексеева ааҕааччыны кытта үлэлиир салааҕа кылаабынай библиотекарынан, Елена Станиславовна Алебастрова СӨ НБ Саха сирин норуоттарын тылларын уонна култуураларын сыыппара эйгэтигэр үйэтитэр киинин сыыппараҕа көспүт докумуоннары  сааһылыыр салаатын кылаабынай библиограба.

      Кинилэр үлэлиир,  библиотекалара төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн үлэ үөһүгэр көрсөллөр, үлэннэн бэйэлэрин кылааттарын киллэрсэллэр.

Алексеева С. В.
Уҥаттан бастакы Евдокимова С. Н., Петрова Н. К., Саввинова Г. А. 2015 с., Үөһээ Бүлүү.

  Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ 100 сыллаах уһулуччу  өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн үлэлии сылдьар уонна ветеран коллегаларбытын Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека  коллективын аатыттан барҕа махтал тылларын тиэрдэбит, истиҥник эҕэрдэлиибит!

Улуустааҕы О. Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека

кыраайы үөрэтэр салаатын библиотекара

 Евдокия Буртахова

Хаартыскалар 

Директор О. Д. Федорова, методист М. М. Рожина
Л. Я. Степанова
Хаҥастан Г. А. Саввинова, Е. С. Алебастрова, А. В. Котоконова
Хаҥастан С. М. Давыдова, Л. Я. Степанова, П. Г. Мухоплев, С. П. Прокопьева