Ырыа куттаах хоһоонньут
Мин Уйбаан Ороһуунускай бэйиэти устудьуоннуу сылдьан билбитим. Оччолорго, 70-с сылларга, биир курска үөрэнэр уолум Иван Сорокоумов кини «Кэрэчээнэ» хоһоонугар бэртээхэй ырыаны айбытын ыллаан биэрэр этибит. И. Сорокоумов бу хоһооҥҥо 5 мелодия айыллыбыт үһү диэн күлэр буолара. Сүрдээх нарын кэрэ ырыа этэ, билигин ханнык мелодия хаалбыта буолла. Онтон 80-с саҕаланыыларыгар Ньурбаҕа олордохпуна, Ксенофонт Дмитриевич Уткин билиһиннэрбитэ. Онон Уйбаан Ороһуунускайы куруук билэр киһим курдук саныыбын. Кэлин кыыһа Гуннара саха салаатыгар үөрэнэ киирбитэ, поэзиянан үлүһүйэр этэ. Варвара Потаповаҕа дипломнай үлэ суруйуом, салайааччы буол диэбитин аккаастаабытым, тыый, поэзияны аахпаппын да, өйдөөбөппүн да диэбитим. Б. Н. Попов салайбыта, кини Варвара Потапованы үчүгэйдик билэр киһи этэ. Онон үлэлэрэ тахсыылаах буолбута, Гуннара поэтесса 50 сааһын көрсө «Варвара Потапова айар үлэтэ» диэн кинигэни Ньурба типографиятыгар бэчээттэтэн таһаарбыта. Мин Гуннара «Эдэр коммунист» хаһыакка бэчээттэппит «Варялыын кэпсэтии» диэн улахан ыстатыйатын бэркэ сэҥээрэн аахпытым, саҥа жанры олохтоото дии санаабытым.
Иван Еремеевич тулаайах үөскээбит эбит, быраатын көрбүт-харайбыт. Ол да иһин олус оттомноох, эрдэттэн олоҕун торумнанан, өйдөөн-дьүүллээн көрөр киһи буола улааттаҕа. Оскуолаҕа үөрэниэҕиттэн актыыбынай оҕо. Оттон устудьуоннуу сылдьан, ураты көрүүтүнэн, билиитинэн-көрүүтүнэн барыларын сөхтөрөр эбит. Каникулугар соҕуруу сылдьар, норуоттары билсэр, М. К. Аммосов олоҕун суолун үөрэппит. Ол сылдьан научнай тиэмэтигэр таба тайаммыт, топонимиканан дьарыктаммыт. Сир-дойду ааттарын туһунан бэрт кэрэхсэбиллээх ыстатыйалары хаһыаттарга бэчээттэппит. Учуонай буолуохтаах эбит. Ону кытта Иван Еремеевич дьикти эйгэлээх киһи, эмчит буоларын саха эрэ барыта билэр. Бу эйгэҕэ элбэҕи оҥорбут, үгүс дьону үтүөрдүбүт, сүппүттэри булбут, ол да иһин элбэх үрдүк наҕараадаларга тигистэҕэ. Кырдьыга да, этэллэрин курдук, сытыыта-хотуута да суох буоллар, аламаҕайа бэрт, киһилии сыһыаннаах буолан, элбэх омук дьонун кытта билсибит, доҕордоспут. Итиниэхэ эбии Ю. И. Васильевы-Дьаргыстайы өйдөөтөхпүнэ, Үөһээ Бүлүүлэр айанньыттар эбит буоллаҕа дии саныыбын. Үөһээ Бүлүүлэр, чахчы да, дьикти дьон. Кинилэр суруйааччыларын наһаа да үрдүктүк туталлар, сыаналыыллар, чиэстииллэр. Суруйааччылара да бары саха норуотугар биллэр улуу дьон.
Уйбааны оскуолаҕа бииргэ үөрэнэр доҕотторо улааттаҕына, суруналыыс буоларыгар саарбахтаабаттар эбит. Ол курдук элбэхтик суруйар, хаһыаттарга бэчээттэнэр да эбит. Учууталын көмөтүнэн бастакы хоһоонун хаһыакка бэчээттэппит. Уонна эмиэ кини сүбэтинэн Намҥа олорор Бүөтүр Тобуруокапка сатыы тиийэн хоһооннорун көрдөрбүт. Поэт элбэҕи сүбэлээбит, үгүстүк үлэлииргэ, чочуйарга эппит. Онон уол поэт алгыһын ылбыт курдук сананан, айар суолга эрэллээхтик үктэннэҕэ… Устудьуоннуур сылларыгар Эрчимэн салайар «Сэргэлээх уоттара» куруһуогар дьарыктанар, көхтөөх айар ыччат ортотугар сылдьар. Варвара Потапова, Василий Дедюкин, Иннокентий Левин, Урсун уо.д .а. кэлин улахан суруйааччы буолбут дьону кытта алтыспыта эмиэ төһө элбэҕи биэртэ буолуой.
Уйбаан дойдутун аатын ылынан Ороһуунускай диэн псевдонимнаммыт эбит. Ол курдук кини дойдутун аатырдыан баҕардаҕа, ол курдук төрөөбүт дойдутугар махталын биллэрдэҕэ.
Уйбаан Ороһуунускай 45 кинигэни таһаарбыт. Ол иһигэр хоһооннор, ыстатыйалар, очеркалар. Ырыаларын кинигэлэрэ элбэх эбит.
Уйбаан Ороһуунускай хоһооннорун аахтахха, кини олох оргуйар үөһүгэр сылдьара көстөр, били Софрон Данилов этэрин курдук, «тыгыалас тымыра», олох тыыннаах ириитимэ биллэр. Хоһоонньут тиэмэтэ олус киэҥ — төрөөбүт дойду, араас сир-дойду, айылҕа, сэрии тиэмэтэ, улуу дьону үйэтитии, тулалыыр эйгэтэ, үлэ, оскуола, эдэр ыччат, доҕордоһуу, таптал уонна анабыллар бааллар. Манна барытыгар кини тус олоҕун кэрчиктэрэ көстөн кэлэллэр. Олоҕун оскуолаҕа, ыччакка анаабыт киһи оҕолорун таптыыр, махтанар, кинилэри кытта тэҥҥэ эдэр, эрчимнээх сүрэхтээх буолар.
Уйбаан Ороһуунускай дойдутун уратытык таптыыр, уоһуттан түһэрбэккэ ыллыыр, Бүлүү эҥэр киһитэ буолан — аҕата Ньурба киһитэ, үүммүт сирэ Үөһээ Бүлүү, Сунтаарга оскуолаҕа үөрэммит, Ньурбаҕа үлэлээбит, онон бу дойдуларга анаабыт хоһоонноро, ырыалара эрэ дэлэйдэр. Олор үгүстэрэ бу сирдэр гимнэрэ буолбуттар — «Хотун Бүлүүм, эн буолууй», «Үөһээ Бүлүүм — үрдүк үөрүүм», «Дойдум миэнэ — Ороһум», «Сургуулук — быйаҥнаах Сургуулук», «Боотулуу, Боотулуу барахсан», «Дүллүкү», «Көтөрдөөххө» уо.д.а. Дойдутугар Ороһуга элбэх да хоһоону суруйбут, этэргэ дылы, хас көрдөҕүн аайы дойдутун таптыыр, киэн туттар.
Бэйиэт оҕо сааһын долгуйа ахтар — «Дойдубун ахтабын»:
Оҕо саас кэрэтин
Олуһун өйдүүбүн,
Омуннаах иэйиитин
Омоонун көрдүүбүн…
Манна кини кырачаан сылдьан сүүрбүт-көппүт, оонньообут сирдэрин ааҕыталыыр. Кэриэй олордубут оҕуруотун өйдүүр, ачаахтаах тиит маһын ахтар.
«Аҕабын саныыбын» хоһооно олус долгутуулаах — манна кини төрөппүтүн күндү сэбэрэтин сүрэҕэр сөҥөрө сылдьара көстөр, аҕатын кытта төһөлөөх кэпсэтиэ, үөрүө-дьоллонуо, кэс тылын толорбутунан аҕатын дьоллуо этэй:
Арай тиллэн кэллин
Аҕам уонна эттин:
Кэриэс тылым туолбут,
Кэрэ бэлиэ буолбут…
Бэйиэт төрөөбүт сириттэн тэйбэккэ үлэлээн-хамсаан, бары дьоҕурун манна анаабыт, ол да буоллар бу үтүөкэннээх дойду кинини үөскэппитигэр иэһин өссө да ситэри төлүү илигиттэн хараастар:
Төрөөбүт дойдубар иэстээхпин,
Таптыырым бэрдиттэн күүстээхпин…
Хас киһи эрэ барыта төрөөбүт дойдутугар тапталын итинник үгүстүк эппэтэ буолуо. Оттон бэйиэт дууһата уйана бэрт, кини куруук таптыан, туойуон баҕарар, оччоҕо санаата өссө сайдар, күүһүрэр, ол туһунан «Поэт дууһата» хоһоонугар этэр:
Поэт диэн — уйаннааҕар уйан…
Поэт бэйэтэ кырдьык иһин умайар…
Ол курдук бэйиэт олох кыһалҕаларыттан туораабат. Экология тиэмэтигэр суруйбут «Күннүүн кэпсэтии (диалог)» хоһоонугар Күн барахсан сирин дьонуттан бэркэ кэлэйбитин, айылҕаны атаҕастыыгыт диэн хомойбутун биллэрэр. Айылҕаны кытта тэҥҥэ сылдьар буоллаххытына, оҕолорунан билиниэҕин этэр.
Хоһоонньут үлэ дьонун айхаллыыр. «Сайылыгым кыргыттара» хоһоонугар кыайыгас, хорсун кыргыттары сөҕөн этэр:
Илгэлээх ардахпыт кэмигэр
Истиҥник иэйэннэр ыатылар,
Үүт, арыы, сүөгэйбит күөлүгэр
Үрүмэ сүүрүктэр куттулар…
Бэтэрээннэргэ махталын биллэрэр. Кыайыы туһунан патриотическай ырыалара-хоһоонноро эмиэ үгүстэр. Уопсайынан, киниэхэ анабыл хоһооннор элбэхтэр. Доҕотторугар, аймахтарыгар, үлэ дьонугар, биир дойдулаахтарыгар анаабыт. Ону дьоно үөрэ-көтө ылынар, махтанар буолуохтаахтар. Ону кытта кини норуот биллэр дьонугар эмиэ хоһооннорун анаабыт — Алампаҕа, Бараховка, Степан Федотовка, Раиса Захароваҕа уонна, биллэн турар, бииргэ алтыспыт Варвара Потаповатыгар.
Киниэхэ таптал тиэмэтэ уһулуччу күүстээх. Кэргэнигэр аныыр хоһоонноругар тапталлаахтар харахтарынан таайсалларын туһунан суруйар:
Харахтарыҥ кэпсииллэр…
Хомойбуттуу көрбүт хараххар
Күһүҥҥү ардах уута бычалыйар,
Хап-хара синньигэс хаастаргар
Көлүкэчээн долгуна долгуйар…
Бу кэрчиккэ чахчы хомойбут, кэлэйбит көстүүнү маннык ойуулуур.
Күндү көмүс кэргэммэр
Күннүү кыыһа тэтэрбиккэр
Күлэр-үөрэр тиэргэммэр,
Күлүмүрдэс сарыалбар…
Киһиэхэ күндү киһитэ сарыал буоллаҕа, дьоллоох киһини күлэр-үөрэр тэлгэһэтэ күүтэн турдаҕа.
Бэйиэт саха кыыһын кэрэттэн кэрэтик ааттыыр — Кэрэчээнэ, Туллукчаана, Кэскилээнэ, Көмүсчээнэ, Айылҕаана, Сахачаана, Сахаайа уо.д.а. Саха эдэр кыргыттарын таптыыр даҕаны, киниэхэ «Кэрэчээнэ», «Тохтоо, сүтэн хаалыма», «Сүрэхпэр ньургуһун тылынна», «Оо, кэрэ да эбиккин» уо.д.а. хоһооннорун аныыр:
Сүрэхпиттэн таптал кыымын
Саҕар курдук мичээрин,
Эдэр сааһым ахсым атын
Үүннүөх эбит эн көрүүҥ…
Биллэн турар, хоһоонньут эдэр кыргыттары батыһа сылдьан таптыыр диэн буолбатах, кини киэн туттар кэрэ кыаҕынан, эйгэтинэн, Пушкин ойуулуурун курдук: как мимолетное виденье, как гений чистой красоты. Ороһуунускайы саха кыыһыгар гимн ыллаабыт поэт диэххэ сөп. Уонна норуот ыллаатын диэн киниэхэ анаан бу хоһооннорун кини аатыттан суруйар, ол курдук саха эдэр кэрэ кыыһа саха норуотун кэскилэ, киэн туттуута, таптала буолар.
Уйбаан Ороһуунускай хоһоонноругар элбэх да ырыа айыллыбыт. Элбэх мелодистар айбыттар, биир дойдулаахтарыттан биллиилээх мелодистартан Е. Поликарповтан, В. Коротовтан, В. Ксенофонтовтан, Д. Санниковтан, А. Моргусовтан уо.д.а. саҕалаан Аркадий Алексеевка тиийэ. Ороһуунускай ырыа куттаах буолан, хоһоонноругар бэйэтэ эмиэ мелодия айбыт.
Кини хоһоонун ырыаҕа анаан суруйар эбит. Ол да иһин хоһоонноро тэҥ сүһүөхтээх, строка иннигэр уонна кэннигэр рифмалардаах силлабиканан суруллубуттар. Строфата үксүгэр түөртүү строкалардаах, анал рефреннээх, строкатыгар сүһүөхтэрин ахсаана үксүгэр 7-8-тыы буолар эбит. Ону кытта, биллэн турар, эмиэ ырыаҕа сөптөөх сырдык, ыраас санаалаах, кэрэ, нарын уобарастардаах. Бэйиэт ырыатын норуот уоһуттан түһэрбэккэ ыллыырыттан төһө эрэ муҥура суох үөрэрэ, дьоллоноро буолла. Онон Уйбаан Ороһуунускай айар олоҕор араас элбэх талаанынан биллибит, айар олоҕор үгүһү айбыт-туппут, ааҕааччы билиниитин- махталын ылбыт, ааҕыллар-ылланар дьоллоох айааччы буолар.
Варвара ОКОРОКОВА,
филология билимин доктора, ХИФУ бэрэпиэссэрэ, литератураны ырытааччы.
Ороһуунускай Уйбаан. Кэрэчээнэ, миэхэ ыллаа: хоһооннор, ырытыылар, ыстатыйалар /[хомуйан оҥордулар: Н. Е. Винокуров-Урсун, Г. И. Байгильдина-Ороһуунускайа].- Дьокуускай: Дани-Алмас, 2020.- С. 12-16.
Улуу Кыайыы саастыылааҕа этэ…
(Кылгатыллан бэчээттэннэ)
Аҕабыт Кыайыынан сыдьаайбыт төлкөлөөх буолан, сэрии тиэмэтигэр элбэхтик үлэлээбитэ. Ол курдук, аан маҥнай 1972 сыллаахха И. К. Васильевтыын “Саллаат сиппэтэх суола” диэн кинигэни Дьокуускайга сахалыы таһаартарбыттара. Онтон нууччалыы тылбаастаан “Шел солдат” диэн Ригаҕа 1977 сылга бэчээттэппиттэрэ. Бу барыта Латвияҕа сэриилэһэ сылдьан Александр Матросов хорсун быһыытын хатылаан геройдуу өлбүт Үөһээ Бүлүү Быракаанын уола Владимир Павлов туһунан этэ. “Айхаллан, Улуу Кыайыы”, “Айхаллан, Кыайыы күнэ” кинигэлэргэ Ньурба, Үөһээ Бүлүү сэрии бэтэрээннэрин ахтыылара бэчээттэммиттэрэ. Советскай Союз Геройа Н. Н. Чусовскойга анаан икки хоһоону айбыта. “Кэнчээри кэскилин иннигэр”, “Улуу Кыайыы күнэ” (Афанасий Моргусов мел.), “Биллибэт саллаат уҥуоҕар” (Иван Федоров мел.) о.д.а. ырыалар тылларын суруйбута. Итини таһынан икки орденнаах буойун Владимир Павловынан сибээстээн, 1985-1986 сс. “Норуоттар доҕордоһуулара – Улуу күүс” диэн девиһинэн Үөһээ Бүлүүгэ икки төгүл Латвия делегациятын көрсүһүүнү тэрийбитэ. “Уопсайынан эттэххэ, бу даатаҕа төрөөбүппүнэн киэн туттабын уонна ытык иэһим курдук санаан төһө кыахпынан үлэлии сылдьабын”, – диэбитэ биир интервьютугар биһиги аҕабыт.
Ырыанньык-бэйиэт быһыытынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр ырыаларынан “Кэрэчээнэ” (Данил Санников мел.), “Тохтоо, сүтэн хаалыма” (Аркадий Алексеев мел.), “Үөһээ Бүлүүм – үрдүк үөрүүм” (Валерий Донской мел.), “Эйигинэ суох ылламмат”, “Оһуохайдьыттар ырыалара” (Николай Чуручанов мел.), “Бараахап туһунан ырыа” (Василий Ефимов, Тимофей Шестаков мел.) о.д.а. буолаллар. Кини бэйэтэ: “Ырыаҕа анаан туспа суруйа сатыыбын. Москваҕа 1976 сыллаахха аатырбыт нуучча ырыанньык-поэта Михаил Матусовскай үбүлүөйүгэр түбэһэн сылдьан ырыаҕа анаан суруйар санааны ылыммытым”, – диирэ.
Суруналыыс быһыытынан оройуонун хаһыатын аргыс оҥостон, өрүүтүн да араас тиэмэҕэ ыстатыйалары, зарисовкалары, очеркалары биэрэ турааччы. “Забота-Арчы” хаһыат хайа тэриллиэҕиттэн киэн туттар биир дойдулаахтарын, боростуой үлэһит дьон тустарынан ыстатыйаларын, саҥа хоһооннорун бэчээттэтэрэ, иллээх коллектив истиҥ доҕоро этэ. Кини хас биирдии күнүн туһалаахтык атаарара, кыра блокнотугар быллааннаан күнүн аттаран суруна сылдьааччы, миигин да оннук үөрэппитэ. Сарсыарда эрдэ туран оробуочай остуолугар суруйа-бичийэ олорооччу, бэйэтин кытта итир-ботур кэпсэтэр да курдуга, киҥинийэн ыллыыра. “Олох диэн – охсуһуу”, “Дьон туһугар!” — диэн чаҕылхай олоҕун суолдьут сулустаах бэргэн тыллара буолбуттара. Ханнык да билсиитэ, улахан дуоһунастаах аймахтара суох тулаайах уолчаан кыра сааһыттан бэйэтин хара дьүккүөрүнэн, күүстээх санаатынан, аһыныгас сүрэхтээх биир дойдулаахтарын ороһулар көмөлөрүнэн киһи-хара буолбута. Аҕа быһыытынан барыбытыгар олус сымнаҕаһа, ураты кыһамньылааҕа. Дьиэбитигэр айар талааннаах доҕотторо-атастара, суруйааччылар ыалдьыттыыллара. Норуот эмчитин быһыытынан хоту дойдуларга, Анаабырга, Өлөөҥҥө, Абыйга, Муомаҕа идэтинэн сылдьааччы, кэрэ айылҕатыттан күүс-уох ылан астынан аҕай кэлээччи. Аҕабыт үйэ чиэппэрдээх кэмҥэ норуоту эмтээһиҥҥэ уонна ууга түһэн сүппүт 100-тэн тахса киһини көрбүөччүлээн булан биэрбитин 1999 с. Москваҕа норуоттар икки ардыларынааҕы “Планета тиллиитэ” диэн норуот эмчиттэрин Ассоциациятын ученай сэбиэтэ үрдүктүк сыаналаан, Улуу Петр I орденынан уонна академик Иван Павлов, академик Владимир Вернадскай орденнарынан наҕараадалаан турар.
Гуннара Байгильдина-Ороһуунускайа,
кыыһа, СР бэчээтин туйгуна.
“Забота-Арчы” хаһыат, 2020 сыл, атырдьах ыйын 20 күнэ, 21-с сирэй.
Поэт, норуот эмчитэ, ученай…
1998 сыл бүтүүтэ, 1999 сыл саҥата Иван Еремеевич Ивановка-Уйбаан Ороһуунускайга элбэх үөрүүнү аҕаллылар. Кини Россия Суруйаачыларын союзтарын чилиэнинэн ылылынна. “Планета барҕарыыта” диэн Аан дойдутааҕы ассоциация ученай Совета академик званиетын иҥэрдэ уонна норуот эмчитин быһыытынан уһулуччулаах ситиһиилэрин иһин ити үөһэ ахтыллар ассоциация, ону сэргэ айылҕа уонна общество тустарынан наукалар Аан дойдутааҕы Академиялара олохтообут Петр Великэй орденынан наҕараадаланна. Киниэхэ Саха Республикатын Президенэ М. Николаев 1999 сыл олунньу 25 күнүнээҕи Ыйааҕынан Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитин Бочуоттаах аата иҥэрилиннэ.
Иван Еремеевич Иванов 1946 сыллаахха атырдьах ыйын 9 күнүгэр Үөһээ Бүлүү оройуонугар Ороһу нэһилиэгэр колхозтаах ыалга төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ эрдэ өлөннөр, интернат көмөтүнэн үөрэнэн, орто оскуоланы бүтэрбитэ. Кини тулаайах хаалан, оҕо эрдэҕиттэн олох аһыытын-ньулуунун билэн улааппыта, дьон эрэйин-кыһалҕатын сүрэҕэр чугастык ылына үөрэммитэ.
Үөрэххэ, сырдыкка тардыһар эдэр уол Норуоттар Доҕордоһуулара орденнаах, М. К. Аммосов аатынан Саха Государственнай университетыгар саха тылын салаатыгар үөрэнэ киирэн, университеты 1971 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Кинини Тыл, литература уонна история институтугар аспирантураҕа хаалларбыттара, кини онно Бүлүү умнаһын нэһилиэктэрин сирдэрин ааттарын үөрэппитэ, топонимика боппуруостарынан дьарыктаммыта. 1992 сыллаахха “Үөһээ Бүлүү сирдэрин ааттара” диэн научнай-популярнай кинигэтин таһаартарбыта. Ол кинигэтигэр сирдэр ааттара сахалыы, эбэҥкилии тыллартан төрүттээхтэрин, олор хайдах үөскээбиттэрин сиһилии ырытар, олору Үөһээ Бүлүү оройуонун былыргы историятын, археологиятын, этнографиятын кытары Бүлүү сүнньүгэр сахалар хаһан, хантан кэлэн олохсуйбуттарай? — диэн боппуруоска эппиэт биэрэргэ көмөлөһөрө саарбаҕа суох.
Иван Еремеевич Үөһээ Бүлүү оройуонун хаһыатыгар үлэлиир кэмигэр үчүгэй дьоннор, кинилэр ситиһиилэрин тустарынан элбэх ыстатыйалары, очеркалары суруйан бэчээттэппитэ, оннуктарынан, “Туобуйа геройдара”, “Дьөһөгой оҕотун дьоруота”, “Учууталлар барахсаттар”, “Улуу кыайыыны уһансыбыттара”, “Уруйдан кыайыы күнэ”, “Айхаллан Улуу Кыайыы” о.д.а. кинигэлэрэ буолаллар. 70-с сылларга кини сценарийынан кылгас кээмэйдээх документальнай, телевизионнай киинэлэр уһуллубуттара.
Иван Еремеевич I-гы Хаҥалас, Чаппанда, Хадан оскуолаларыгар директорынан, 1982-1984 сс. Ньурбаҕа “Норуоттар доҕордоһууларын” музейыгар научнай үлэһитинэн, Ленинскэй комсомол аатынан бириэмийэ лауреата Ньурбатааҕы Государственнай-драматическай театр директорынан, Исидор Барахов аатынан совхоз профкомун председателинэн, Үөһээ Бүлүү дьаһалтатын баһылыгын көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээн сылдьыбыта.
Иван Еремеевич киһиэхэ эрэ барытыгар бэриллибэт, айылҕаттан айдарыылаах көрбүөччү идэлээх. Кини Саха сиригэр народнай медицина маҥнайгы магистрынан уонна бакалаврынан буолбута. 1974 сылтан норуот эмчиттэрин Аан дойдутааҕы ассоциацияларын чилиэнин быһыытынан нэһилиэнньэ ортотугар бэрт туһалаах, көдьүүстээх үлэни ыытар, дьоннору араас ыарыылартан эмтээн үтүөрдэр. Үгүс дьону арыгы дьаллыгыттан быыһаата.
Иван Еремеевич көрбүөччү быһыытынан барыта 60-тан тахса киһи ууга дэҥнэммитин, ханна уу түгэҕэр тибиллэн сыталларын чопчу ыйан биэрэн, көмүс уҥуохтарын көтөхтөрдө. Милицияҕа буруйдаахтары буларга көмөлөспүт түбэлтэлэрэ да бааллара. Кини көрбүөччү дьоҕурун туһунан бэрт элбэҕи кэпсиэххэ сөп этэ…
Иван Еремеевич суруйааччы Егор Петрович Шестаков-Эрчимэн аатын дириҥ махталынан ахтар, кинини айар тыл абылаҥар уһуйбут учууталынан ааҕар. Ол курдук Иван Еремеевич университекка үөрэнэр сылларыгар “Эдэр коммунист” хаһыат иһинэн үлэлиир литературнай түмсүүгэ сылдьыбыта. Түмсүүнү Эрчимэн салайара. Түмсүүгэ саха уһулуччулаах суруйааччылара, Күннүк Уурастыырап, Суорун Омоллоон, Семен Данилов, Моисей Ефимов о.д.а. ыалдьыттыыллара, айар маастарыстыба туһунан санааларын үллэстэллэрэ. Кинилэр муударай тыллара-өстөрө эдэр уол дууһатыгар умнуллубат үтүө өйдөбүлү иҥэрбитэ. Ити түмсүүттэн суруйааччылар Уйбаан Ороһуунускай, Инн. Левин, Урсун, Варвара Потапова, журналистар Былбанаева, Евдокия Тимофеева үүнэн тахсыбыттара.
Уйбаан Ороһуунускай 13-14 сааһыттан хоһоону суруйан барбыта, хоһоонноро “Бэлэм буол”, “Костер” сурунаалларга бэчээттэммиттэрэ. Ол суруйуулара биһирэнэн, “Орленок” лааҕырга сынньанар дьолго тиксибитэ.
Уйбаан Ороһуунускай барыта уонча хоһоон, кэпсээн кинигэлэрин бэчээттэттэ. Олор истэригэр “Бүлүү эбэм тилиннин”, “Бүлүүбүтүн өрүһүйүөҕүҥ”, “Биһиги Бараахаппыт” уо.д.а. хоһоон, ырыа кинигэлэрэ бааллар. Кини тылыгар мелодистар, композитордар 150-ча ырыаны айдылар. Уйбаан Ороһуунускай сорох айымньылара монголлуу, киргизтии, болгардыы тылларга тылбаастаммыттара. Кини тэттик кэпсээннэри, юмористическай сценкалары эмиэ суруйар.
Иван ФЕДОСЕЕВ.
“Чолбон” сурунаал, 1999 сыл, 6-с №, 71-72 сирэйдэр.