Главная / Библионовости / Эдэркээн саастарбыт Эрчимнээх кэмнэрэ – эн КОМСОМОЛ

Эдэркээн саастарбыт Эрчимнээх кэмнэрэ – эн КОМСОМОЛ

О.Д. Фёдорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа алтынньы 29 күнүгэр,
«Эдэркээн саастарбыт Эрчимнээх кэмнэрэ – эн КОМСОМОЛ» диэн дьоһуннаах тэрээһин ыытылынна.
🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻🔺🔻
Тэрээһини иилээн ыытта 1974-1975сс. Үөһээ Бүлүү совхоз комсомольскай тэрилтэтин босхоломмут сэкэрэтээрэ, 1979-1983сс. Комсомол Томпо оройуонунааҕы райкомун бастакы сэкэрэтээрэ, Үөһээ Бүлүү компартиятын салайааччыта Георгий Алексеевич Степанов.
Тэрээһиҥҥэ оччотооҕу эдэркээн саастарын, комсомольскай кэмнэрин күүрээннээх үлэтин-хамнаһын, ырыатын – тойугун санаан-ахтан сэһэргэстилэр.
Бэлиэтээн эттэххэ, дьоро киэһэбитигэр Үөһээ Бүлүү техникумун устудьуоннара устуоруйаны сэргээн-кэрэхсээн кэлэн кыттыыны ыллылар.
Ону тэҥэ “Аалай уоттаах сулуһум, айар-тутар суолдьутум – эн комсомол!” диэн урукку эдэр эрчимнээх комсомоллар олохторун кэпсиир кинигэнэн, хаартысканан быыстапка көрдөрүүгэ туран кэлбит дьон сэҥээрэ көрдүлэр.
Ол саҕанааҕы күүрээннээх, үлэҕэ-үөрэххэ сирдиир ырыалар ылланнылар.