Главная / Библионовости / Ааҕар балаҕаҥҥа Сомоҕолоһуу күнэ

Ааҕар балаҕаҥҥа Сомоҕолоһуу күнэ

Бүгүн, О.Д.Федорова аатынан киин бибилэтиэкэҕэ, Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах «СОМОҔОЛОҺУУ – БИҺИГИ КҮҮСПҮТ» диэн медиа-уруок
буолан ааста. Бу тэрээһиҥҥэ М.Т.Егоров аатынан №2 орто оскуола 6 кылааһын үөрэнээччилэрэ кэлэн кыттыыны ыллылар.
Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ оҕолорго бу Сомоҕолоһуу күнэ диэн хайдах төрүттэммитин, дойдубутугар араас норуот олорорун бэлиэтээн кэпсээбиттэрин оҕолор сэҥээрэн иһиттилэр. Ону тэҥэ араас хайысхаҕа арахсан тургутук күрэҕэ, дойдубут араас норуоттарын оонньууларын, таабырыннарын таайдылар. Оҕолор дуоһуйа, астына оонньоон, бириис ылан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.