Корякин Николай Павлович-Уран Ньукулай

Корякин Николай Павлович

1940 с. ахсынньы 22 күнүгэр Ээйиккэ колхозтаах Корякин Павел Алексеевич, Корякина Татьяна Павловна дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Биир ыйдааҕар Үөһээ Бүлүүгэ Боотулуу нэһилиэгэр Көтөрдөөххө, төрүт сирдэригэр, дьоно көһөн кэлбиттэрэ. Аҕата эрдэ өлөн, сүрүннээн эһэлээх эбэтигэр иитиллибитэ. Кыра сааһыттан колхоз үлэтигэр, булка уһуллубута. Боотулуу сэттэ кылаастаах оскуолатын уонна Далыр орто оскуолатын ахсыс кылааһын бүтэрэн баран, Якутскайдааҕы педучилище – физкультурнай отделениетын 4 сыл ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрэн баран, Үөһээ Бүлүүтээҕи И. Барахов аатынан орто оскуолаҕа физкультура учууталынан анаммыта. Үс сыл устата спортивнай оскуоланы общественнай саҕалааһын быһыытынан үлэлэппитэ. Уонна 1967-1971 сс. Магаданнааҕы пединститут историко-филологическай факультетын историк специальноһынан бүтэрэн И. Барахов аатынан орто оскуолаҕа история учууталынан үлэлээбитэ. Кэлин Нам орто оскуолатын директорынан, райком инструкторынан, детдом директорынан, Ороһу отделениетын управляющайынан, М. А. Алексеев аатынан республиканскай гимназияҕа иитэр завуһунан, Д. С. Спиридонов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи 4 №-дээх орто оскуолаҕа үрдүк категориялаах учууталынан үлэлии сылдьыбыта.

          Көҥүл тустууга ССРС спордун маастарын, Саха АССР хапсаҕайга спордун маастарын нуорматын толорбута. “Отличник физической культуры и спорта” диэн бэлиэлээх, “Саха Республикатын спортка үтүөтүн иһин”  диэн бэлиэ знактаах. Спортка, культураҕа, үлэтигэр элбэх үгүс сүүһүнэн грамоталардаах, махтал суруктардаах. Кэнники сылларга хомусчут, тойуксут уонна оһуохайынан дьарыктаммыта. Элбэх фестиваль, конкурс кыайыылааҕынан буолбута. Н. П. Корякин 2021 сыл алтынньы ый 15 күнүгэр уһун ыарахан ыарыыттан күн сириттэн барбыта.

“Ураҥҥа махтал” кинигэттэн

Чаҕылхай спортсмен, биллиилээх оһуокайдьыт, тойуксут, уус тыллаах хоһоонньут

Былыргы Кутаҕайаан аҕатын ууһуттан төрүттээх бырааппын Николай Павлович Корякин туһунан туту да суруйбакка сылдьыбыппын. Кини биһиги Көтөрдөөхпүт эрэ буолбакка, бүтүн Үөһээ Бүлүү улууһун, республика кытта билинэр, киэн туттар киһитэ.

1940 сыллаахха Суптуй Байбалын улахан кыыһа Татыйаан уонна Павел Корякин дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Ийэлээх аҕата Николай кыра саастааҕар арахсаннар, эмиэ мин курдук, эбэлээх эһэтигэр иитиллибитэ. Онон кырдьаҕас дьон оскуолатын баран, кыратыттан үлэҕэ-хамнаска эриллэн үүнэр сааһыгар ыарахаттартан чаҕыйбат киһи буола улааппыта. Боотулууга киирэн, интернакка олорон үөрэммитэ, боччумнаах киһи буолара эрдэттэн биллибитэ, учууталларга көмө киһи этэ, тэрээһин, иитии боппуруостарыгар сыһыаннааҕа биллибитэ.

 Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэрэн, 1964 сыллаахха Үөһээ Бүлүү Исидор Барахов аатынан орто оскуола учууталынан үлэлээбитэ. Хайа күн оскуолаҕа үлэлиэҕиттэн ыччаты эт-хаан өттүнэн эрчийбитинэн барбыта, чэпчэки атлетикаҕа, көҥүл тустууга үүнэр ыччаты бэйэтин тула муспута. Сити күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһугар спорка болҕомто ууруллубута, бастакы ситиһиилэргэ тирэнэн физкультурнай хамсааһын саҕаламмыта.

Николай Павлович 1971 сыллаахха пединституту бүтэриэҕиттэн төрөөбүт улууһугар дьон-сэргэ астынарын курдук үлэлээбитэ — Нам орто оскуолатыгар директорынан уһуннук үлэлээбитэ, ону тэҥэ биир кэмнэ Ороһуга управляющайынан үлэлээн, тыа сирин бары үлэтин ымпыгар-чымпыгар тиийэ үөрэппитэ, үлэни өрө тарпыта, республикатааҕы гимназияҕа саха торүт культуратын үөрэтиигэ умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыта. Билиитэ-көрүүтэ элбэҕинэн, тыла ууһунан уонна дьоҥҥо сыһыана үчүгэйинэн киэҥник биллэр. 1970 сыллар бүтүүлэригэр Үөһээ Бүлүүгэ сайыҥҥы ыһыахтарга сылдьан, Николай Павлович тустууну тэрийэн ыытарын, тустааччылары микрофонунан уустаан-ураннаан хос быһааран нэһилиэнньэҕэ сэргэхсийиини таһаарарын олус сөбүлээн, эккирэтэ сылдьан истэрим.

Өйдөөбүккүт курдук, Николай Корякин аатырбыт тустуук. Хапсаҕайы, көҥүл тустууну спорт профессиональнай таһымыгар таһаарбыт дьоннортон биир саамай чаҕылхайдара, бэриниилээхтэрэ буолар.

Саха спордун төлөннөөх пропагандиһа, журналист Александр Васильев-Көрдүгэн хапсаҕайы, тустуу историятын сиһилии суруна сылдьарыттан маннык чахчылары устан ыллым:

“Корякин Николай Павлович-Уран Ньукулай — ССРС спордун көҥүл тустууга маастарын үрдүк аатын Үөһээ Бүлүүттэн маҥнайгынан ылбыта, Саха АССР спордун хапсаҕайга маастара, ССРС физическэй культураҕа уонна спорка туйгуна, Саха Республикатын спордун ветерана, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, оһуокайдьыт, тойуксут, алгысчыт.

Дьокуускайдааҕы 1 №-дээх педагогическай училищеҕа үөрэнэр сылларыгар коҥүл тустууга РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тренерэ Николай Волковка эрчиллэн, РСФСР тыатын сирин спортсменнарын 1965, 1966, 1967 сыллардааҕы чемпиона (Москва, Нальчик, Чита). Саха АССР уолаттарын 1960 сыллааҕы кыайыылааҕа, республика улахан дьонун 1965 сыллааҕы чемпиона, 1966 сыллааҕы үрүҥ комүс призера. Магадаҥҥа педагогическай институкка үөрэнэр сылларыгар уобалас уонна куорат түөрт төгүллээх чемпиона.

Хапсаҕайга Манчаары Баһылай 1973 с. IV спартакиадатын абсолютнай чемпиона, Саха АССР норуоттарын 1966 с. V спартакиадатын чемпиона, Нам оройуонугар ыытыллыбыт республика чемпионатын кыайыылааҕа. Сибиир уонна Дальнай Восток норуоттарын спорт национальнай көрүҥнэригэр спартакиадатын үс төгүллээх чемпиона. Василий Степанов-Буучугурас бирииһигэр 1973 с. республика IX турнирын абсолютнай чемпиона”.

Көстөрүн курдук, көннөрү сыыппаралар ис хоһооннорун тохтуу түһэн өйдүү-өйдүү аахтахха, элбэх сыра-сылба, көлөһүн, илистии тахсыбытын, хайа сиргэ, төһө киһи ортотугар, туох суолталаах күрэхтэһии буолбутун санаатахха, биир киһиэхэ баппат элбэх ситиһиилэр суруллубуттар.

Дьиктитэ баар — Николай Павлович курдук сэмэй киһи аҕыйах буолуо, наар дьон туһунан, доҕотторун туһунан кыһаллар түбүккэ сылдьааччы.

Сүүрбэччэ сыл устатыгар спорт эйгэтин тутуһан, тустууга Үөһээ Бүлүүтүн аатырдан баран аны атын өттүнэн бэйэтин талаанын сайыннаран, ырыатынан-тойугунан, оһуокайы этээччинэн, хомусчутунан аатыран турда. Бу туһунан өссө убайбыт И. И. Долгунов “Көтөрдөөх” диэн кинигэтигэр сөҕөн-махтайан бэрт эрдэ суруйбут эбит. Таптыыр быраатын бэркэ билэр киһи быһыытынан Көтөрдөөх биллэр оһуокайдьыттара Хооно Сэмэни, Ыылаах кыыһа Кисиэнньэни, Хараарыс Балбаараны, Долгунов Сэмэни, Киһилээхэбэ Марыынаны, Тиитэп Баһылайы, Киһилээхэп Бүөтүрү оҕо эрдэҕиттэн истэн улааппыта элбэҕи биэрдэҕэ диэн билгэлээн суруйбут. Дьэ, кырдьык!

Сивцев Василий Тарасович,

Саха народнай поэта.

Дьокуускай к., 2012 с.

                        “Боотулуулар” кинигэ төрдүс чааһа, 121-с сирэй.

Степанов ИВ

Уран Ньукулай уус тыла

            Биһиги улууска эрэ буолбатах, ситэри эттэххэ, Саха сирин киэҥ нэлэмэн иэнигэр, ханна оһуокай дьиэрэйэр ырыата иһиллэр – онно Уран Ньукулай тойуга дуорайар. Бүлүү түбэтин биир биллэр оһуокайдьыта буолан, аат былдьаһа, саргы тардыһа илин эҥэр үгүс улуустарын Тааттанан, Амманан оһуокай этэн, тойук туойан бириистээх миэстэлэрин тутан кэлэр. Оттон уол оҕо оту-маһы тардар одьунаас сааһыгар охтоохтон охтубатах, холун этэ хойдон, сиһин этэ ситэн, дуулаҕа бухатыыр кэриэтэ кимиэхэ да иннин биэрбэтэх тустуук кэмэ тохтоон, аны оһуокай-тойук, туойсуу тылын баһылаан, хоһоон айар үлүскэнигэр үлүһүйэн киирдэ.

Айбыт хоһоонноро тэҥ сүһүөҕүнэн сэттэ-тоҕус сүһүөхтээх субурҕаны субурута тардар, тылын ууһа оһуокайдьыт уран тыла дьүөрэлэһэр, саха норуотун тойугун тутулун аллитерацияны тутуһан хоһоонун киэргэтэр.

            Айар үлэтэ тахсан иһэрин чахчытынан Манчаары туһунан номох поэманы айан “Чолбоҥҥо” бэчээттэттэ. Бэрт киһи бэтиэхэлээх диэбиккэ дылы, аны олоҥхоҕо ылсан эрэр. Онно да бастакы хардыыта ситиһиилээх.

            Уран Ньукулай тойуксут буолан, тыл музыкальнай эйгэтин билэр буолан, үгүс хоһоонноро ырыаҕа олус барсаллар. Ону таба көрөн мелодистар Алексей Степанов, Николай Чуручанов, Иван Иванов о.д.а. сүүрбэччэ ырыаны айдылар, ону дьон бэркэ ылынар. Оттон Ульяна Доҕооробо төрөөбүт буоругар анаммыт Боотулуулар тустарынан хос ырыаны айда.

Иннокентий Степанов-Лэгэнтэй

“Боотулуулар” кинигэ төрдүс чааһа, 125-с сирэй.

Тустуук Кэрээкин

       Николай Павлович Корякин дьонун төрүт сирдэриттэн I Боотулуу Көтөрдөөҕүн Күөрэлээх эбэтиттэн бэрт ыраах, Өлөөн улууһун Ээйик нэһилиэгэр 1940 с. ахсынньы 22 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Бу дойдуга кыһын өр кэмҥэ күн тахсыбат, үөрэммэтэх дойдуга дойду дьоно тэһийбэт, төрүт түөлбэлэрин ахтар, туоххаһыйар эбиттэр. Ону таһынан уута, аһа-үөлэ дойду сиртэн чыҥха атын үһү. Онон буолуо, кыракый Корякин ийэтэ Татыйаана Павловна хонон турдаҕын ахсын дойдутун, Күөрэлээҕин, дьонун-сэргэтин ахтара-суохтуура күүһүрдэр-күүһүрэн, тэһийбэт-тулуйбат уонна 1941 сыл тохсунньу эргэтигэр, 1 ыйдаах кыракый Коляны уонна 3-4 саастаах уолун Баһылайы илдьэ 35 көс ыраах Күөрэлээххэ айанныырга быһаарынар. Айан табанан буолара, ол саҕана таба айанын суолуттан атын суол суоҕа, таба күннүгэ күҥҥэ 5 көс эбит, онон 7 хас күн айанныырга суоттаналлар. 

 Ээйик дьахталлара, Татыйаана дьүөгэлэрэ, дойду сир дьахтара булгуруйбат, күүстээх санааны ылынан, тохтотор кыахтара суоҕун өйдөөннөр, айаҥҥа көмөлөһөллөр, ичигэс таҥас-сап, турку сыарҕа бастыҥа, бөҕөтө тэриллэр, бастыҥ буур табалар бэлэмнэнэллэр. Дьүөгэлэрэ Татыйаанаҕа айанныан иннинэ маннык сүбэлииллэр: “Айаныҥ ыраах, Ыйыласка диэри дьиэ-уот суох, оҕоҥ ыалдьыан сөп, тоҥуон, итииргиэн сөп, өссө ытаан-соҥоон баран тыыммат буолуон эмиэ сөп, оччоҕуна таҥаһын ньылбы тутан баран көмүрүө хаарга сытыараар, тыынан кэллэҕинэ айаҥҥытын салгыыгыт” —  диэбиттэр. Кыра Корякин бэрдин-бэрт айаны тулуйбут, этэҥҥэ айаннаан кэлбиттэр, баччаҕа тиийиэх, улахан олоҕу олоруох түһэ үөһэттэн айдарыллан кэллэҕэ. Дойдутугар кэлэн I Боотулуу Сэбиэтигэр төрөөбүтүн туһунан докумуон оҥоһуллар, Ээйиккэ төрөөбүт уол дойдутугар төрөөбүтүн туһунан сибидиэтэлистибэ ылан — Ньукулай Павлович Корякин диэн ааттанар.

            Сыл аҥарын кыайбат кэминэн Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаланар, дойдуга аас-туор олох саҕаланар, бу сэрии аймалҕана Күөрэлээҕи тумнубат. Дьон бастыҥа, үлэни кыайара сэриигэ бараллар. Коля Корякин сааһа ситэн Боотулуу оскуолатыгар үөрэнэ киирэр, үрдүкү кылаастарга үөрэнэ сылдьан физкультура уруоктарын сөбүлээн элбэхтик сүүрэр-көтөр, тустан барар онон үөһэ кылаастарга балачча бэлэмнээх тахсар.

            Үөһээ Бүлүүгэ, Саха сиригэр тустууну сөбүлээччилэрэ ССРС, Саха АССР спордун маастара Николай Корякины — “тустуук Кэрээкин” диэн ааттыыллар. Саха сиригэр, Үөһээ Бүлүүгэ элбэх киһи тустар, урут да тустара, ону баардылаабакка дьон-сэргэ Ньукулайы эрэ итинник үтүө аатынан ааттаабыт. Ити маннык быһаарыллар. Николай Павлович тустар кэмигэр өрүү үчүгэй бэлэмнээх, эрчиллиилээх, сүрдээх үчүгэй албастардаах, өссө этиэххэ наада үчүгэй спортивнай формалаах, уурбут-туппут курдук быччыҥнардаах, дьон хараҕар быраҕыллар бөҕөс этэ. Үөһэ суруйбутум курдук ыраах Өлөөн Ээйигиттэн киирэн, оскуолаҕа киириэр диэри I Боотулуу Көтөрдөөҕөр эһэтин ааҕынан, аймахтарынан кэлэ-бара сылдьан Боотулуу сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирэр. Тыа оҕолоро оҕус муннун кыайыахтарыттан оттоһон-мастаһан бараллар, адьас кыратыгар Аҕа дойду Улуу сэриитэ буолар, аас-туор олох 5-6 сыл салҕанар, Ньукулай эһэтэ аах сүөһүлээх-астаах буолан уонна Көтөрдөөх ааттыын да бултаах-алтаах дойду буолан, бу ыар кэми тулуһан оскуола боруогун атыллыыр. Үөрэниэххэ, билиэххэ-көрүөххэ диэтэххэ, сэрии кэнниттэн ыарахан кэм этэ да, Ньукулай үөрэнэр баҕата бэрт буолан сылтан-сыл дьаныһан үөрэнэн 7 кылаастаах оскуоланы бүтэрэн, 8 кылааска Далыр орто оскуолатыгар үөрэнэ кэлэр. Бэһис, алтыс, сэттис кылаастарга үөрэнэр кэмигэр Тамалакаантан сыдьааннаах учуутал математикаҕа үөрэтэ кэлэр. Василий Васильевич Прокопьев Дьокуускайга саҥа үөдүйэн эрэр көҥүл тустууну оҕолорго үөрэтэр, бэйэтэ соччо тустубатах киһи эбит эрээри, Саха сирин бастакы көлүөнэ бөҕөстөрө тусталларын көрбүт эбит, ону үөрэтэр. Николай Корякин тустууну сөбүлээн ис дууһатыттан баҕаран туран эрчиллэр. Ол саҕана тустарга усулуобуйа хантан кэлиэй, биир гимнастическай мааттаахтара, Ньукулай Далыр оскуолатыгар кэлээт да Кырыкый уола Петр Яковлевтыын биир тылы булан эргэрбит гимнастическай мааттарыгар эргэ таҥаһы, оту холбоон, абырахтаан бэйэлэрин кытта үөрэнэр оҕолору тустууга эрчийэн бараллар. Далыр оскуолатыгар кинилэр үөрэнэр кэмнэригэр аатырбыт спортсмен, сүүрүүгэ, атах оонньуутугар республика рекордсмена Андрей Иванович Донской үөрэҕин саҥа бүтэрэн кэлбит кэмэ этэ, онон оскуолаҕа, нэһилиэккэ улахан сэргэхсийии тахсыбыта. Оскуолаҕа спартакиада, нэһилиэккэ күрэхтэһии бөҕө тэриллибит, дьоҕурдаах оҕолор биллэн-көстөн барбыттар. Тустууга Федот Ксенофонтов, Петр Яковлев, Николай Корякин Саха сирин оҕолорго күүстээх тустууктара буолбуттара. Оҕолорго теннис, волейбол, атах оонньуута, сүүрүү оҕолор күннээҕи дьарыктара этэ.

            Николай Корякин тустарын таһынан үчүгэйдик ойоро, сүүрэрэ. Оройуон чиэһин 1958 с. сүүрүүгэ, атах оонньуутугар республика Спартакиадатыгар көмүскээбитэ, маны таһынан ити сыл көҥүл тустууга оҕолорго Саха АССР чемпиона буолар. Ити курдук, Далыр оскуолатын үөрэнэн бүтэрэн учууталын сүбэтинэн табаарыһа Петр Яковлевтыын Дьокуускайга тиийэн 1961 с. 1 №-дээх педучилищеҕа үөрэнэ киирэллэр. Дьэ, манна уолаттар анал тренергэ, буолаары буолан Саха АССР-га соҕотох анал үөрэхтээх, тустууну Саха сиригэр атаҕар туруорсубут аатырбыт Николай Николаевич Волковка түбэһэллэр. Волков бу кэмҥэ Саха сирин кылаабынай тренерэ этэ. Училищеҕа бииргэ үөрэммит уолаттара үгүстэрэ ССРС спордун маастардара буолбуттара. Бииргэ үөрэммит уолаттара Н. Николаев (Сунтаар), Н. Григорьев (Таатта), В. Емельянов (Хаҥалас), Моисей Литвинцев (Чурапчы), Юрий Васильев (Сунтаар), Иннокентий Протодьяконов (Чурапчы) Николай Корякин кэнниттэн утуу-субуу ССРС спордун маастардара буолбуттара. Бары кэриэтэ Саха АССР чемпионнара буолбуттара. Николай Корякин Волков салалтатынан 1961-1964 сс. күүскэ дьарыктанан ССРС спордун маастара буолар, Саха сирин 1965 с. чемпиона, 1964 с., 1966 с. Саха АССР 70 кг ыйааһыннаахтарга иккис миэстэни ылар. Николай Павлович кэлин маннык кэпсээн аһарааччы: “Волковка дьарыктанарбытыгар уолаттар бары умсугуйан, баҕаран туран эрчиллэрбит, бары Советскай Союз маастара буоларга дьулуһарбыт, тренербит улахан ирдэбиллээх, эппит сорудаҕын толотторор, ону таһынан сатабыллаах тренер этэ. Мин кини салалтатынан тустарым тухары сөбүлээн туттар албастарбын мельницаны, высеты күүскэ, сэттэ көлөһүн тахсыар диэри хатылыырым. Икки сыл дьарыктанан баран Дьокуускай куорат орто үөрэх заведениеларын чемпиона буолбутум, онон Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын аанын тоҥсуйбутум уонна 1964 сыллааҕы РСФСР чемпионатыгар кыттыбытым. Россия чемпионатыгар ойоҕоспор эчэйии ылан баҕам хоту тустубатаҕым”, — диэбиттээх.

            Николай Корякин сулустаах, саамай табыллан тустубут сыла 1965 сыл. Бу дьыл Магадан куоракка үөрэххэ киирэр. Баҕарбыт, соруктаммыт үрдүк үөрэҕэр киирэр. Үөрэҕэ — историк. Бу дьыл көҥүл тустууга Саха АССР 70 кг ыйааһыннаахтарга чемпион буолар. Бу Саха АССР көҥүл тустууга чемпионата X төгүлүн ыытыллыбыта, бу чемпионакка Николай Корякин Саха сирин үгүс күүстээх бөҕөстөрүн, ол иһигэр Ф. Эверстовы (Чурапчы), Валерий Кузнецовы (Дьааҥы), Сидор Поповы (Чурапчы) хототтуур уонна сэтинньи ыйга Нальчик куоракка Россия тыа сирин бөҕөстөрүн турнирыгар кытта барар, онон Буучугурас бастакы куоталаһыытыгар тустубакка хаалар. Бу тустууга хамаанданан куоталаһыы эбит, Саха сириттэн Сидор Попов хамаандаҕа киирбит. Бастакы тустуутугар Корякин Осетия бөҕөһө спорт маастарыгар Лалиевка тэҥ тустууга 1 очконан хотторор уонна 2-с эргииргэ бэйэтин киһитигэр Сидор Поповка ырааска хотторор, онон 7 ыстырааптыыр очколаах чуут-аҕай күрэхтэһииттэн туораабат. Санаата түһэн, мөлтөөн олорор кэмигэр Сунтаар бөҕөһө А. Габышев: “Ньукулай, аны барыларын ыраастык уурталаа, оччоҕо бастыаҥ”, — диир, тренерэ Д.П. Коркин: “Күрэхтэһии саҥа саҕаланна, “мельница”, “высет”, “накат” албастаргын туһан, күүскэ туһун”, — диэн сорудахтыыр. Николай бу олорон санаатаҕына икки эргиир эрэ буолбут, саҥа тустан эрэбин, утарсааччыбар 1 эрэ баалы биэрдим, ону да сэрэтиинэн хоппута, кырдьык да тустан баран хаалыахха диэн бэйэтигэр күүстээх сорук туруорунар. Үһүс эргииргэ Карелия күүстээх бөҕөһүн “мельницалаан” ырааска быраҕар, 4-с эргииргэ Московскай уобалас бөҕөһүн эмиэ “мельницалыыр”. Ол курдук, бастакы күн бүтэр. Сарсыныгар бэһис эргииргэ Дагестан бөҕөһүн хара маҥнайгыттан баһыйа тутан, ыган-түүрэн түмүгэр “мельницалаан” ырааска уурар. Бу кэмҥэ кинини сэрэтиинэн хоппут осетин Лалиев травма ылан туоруур, Сидор Попов иккитэ очконан хотторор уонна биирдэ тэҥнэһэн 8 очколанан 5-с эргииринэн туоруур. Суол аһылла түһэр, финалга икки бөҕөһү иккиэннэрин эмиэ “мельницатыгар” түбэһиннэртиир. Сайыныгар Улан-Удэ куоракка Сибиир, Уһук Илин норуоттарын спорт национальнай көрүҥнэрин Спартакиадатыгар 70 кг буряттыы тустууга чемпион буолар, бу күрэхтэһиигэ биир дойдулааҕа Степан Степанов (Түргэн бөҕө) “Хуреш” тустууга бастыыр. Ити дьыл Николай Корякин Магадан куоратын, уобалаһын чемпиона буолар, аны хапсаҕайга Саха сирин чемпиона буолар. Сыл түмүгүнэн тустуук Николай Корякин көҥүл тустууга ССРС, хапсаҕайга Саха АССР,  “Барильдан” тустууга РСФСР маастарын нуорматын толортуур, ол эрэн буряттыы тустуу маастарын аатын тоҕо эрэ иҥэрбэтэхтэрэ, бэйэтэ сэмэйэ бэрт буолан ыйыталаһа да барбатаҕа.

            Тустуук Николай Корякин төрөөбүт улууһугар Үөһээ Бүлүүгэ көҥүл тустууга Саха сирин маҥнайгы чемпиона, ССРС спордун маҥнайгы маастара, буряттыы “Барильдан” тустууга Сибиир маҥнайгы чемпиона. Кини тустубутун тухары 70 кг ыйааһыннаахтарга тустубута, бу ыйааһыҥҥа дьон чулуулара, күүстээхтэрэ, сымсалара, сүһүөхтээхтэрэ мустан тустар ыйааһыннара. Н. Корякин 1965 с. ситиспит кыайыытын, РСФСР тыатын сирин бөҕөстөрүн түһүлгэтин 1966 с. Москваҕа, 1967 с. Казань куоракка эмиэ хатылаабыта. Итини таһынан 1966 сыллаахха Ижевскэй куоракка Николай Корякин РСФСР чемпионатыгар алтыс миэстэни ылбыта. Көҥүл тустууга өрдөөҕүтэ соҕус оройуоннарынан, зоналарынан тустан сүүмэрдэнэн баран республика чемпионатыгар түмсэллэрэ. Ол кэмҥэ Николай Корякины кытта бэйэтин оройуонугар, Бүлүү зонатыгар биир да киһи тэҥҥэ тустубат этэ. Кини тустар 70 кг ыйааһыныгар оччолорго Саха сиригэр Владимир Данилов, Альберт Захаров, Федор Эверстов, Сидор Попов, Николай Неустроев, Валерий Колодезников, Степан Юмшанов, Владимир Андросов уо.д.а. тусталлара, үгүстэрэ Россия чемпионнара, призердара, бары спорт маастардара, бу дьону кытта биһиги бөҕөспүт илин-кэлин түһүспүтэ.

            Аны хапсаҕай тустуутугар тохтуур буоллахха, 1965 с., 1966 с., 1968 с. Саха АССР чемпиона, 1973 с. Манчаары Спартакиадатын абсолютнай чемпиона. 1973 с. Николай Павлович финалга Ньурба ааттааҕын Анатолий Афанасьевы икки атаҕар киирэн охторон Үөһээ Бүлүүлэр үөрүүбүт үрдээбитэ. Бу тустууга Николай Корякин финалга туста тахсыан иннигэр сүрдээхтик бэлэмнэммитэ, итийбитэ-кутуйбута, адьас “кыыла” турбут этэ, саас да баран эрэрэ, 33 саастааҕа, маннык түгэн ылбычча бөҕөскө тиксибэтин биллэҕэ, тустуутун түмүктүүр хапсыһыыта буоларынан хайаан да бу хапсыһыыны хоторго суоттанан киирбит буолуохтаах, түмүк да оннук буолбута, адьас кылгас бириэмэҕэ хоппута.

            Бу тустуук Корякин ситиһиитэ 42 сыл анараа өттүгэр буолбута, ол тухары бу ситиһии хатылана илик, кэлэр 2017 сылга уолаттарбыт дьэ хайаһаллар. Николай Павлович үөрэҕин бүтэрэн кэлэр уонна үлэ үөһүгэр түһэр. Учуутал, тренер, оскуола директора буолуталыыр. Оҕолору көҥүл тустууга бэркэ эрчийэн эрдэҕинэ, оччотооҕу салалта атын үлэҕэ көһөрөр. Ол эрэн табаарыһа В.А. Бырдакаровы кытта сүбэлэһэн талааннаах оҕолору Чурапчыга тустуу оскуолатыгар ыыталлар. Ол түмүктээх буолар, сыыйа бэйэтин кэнниттэн ССРС спордун маастардара Үөһээ Бүлүүлэргэ баар буолаллар. Үөрэппит оҕолоро соҕуруу үөрэнэн кэлэн кини үлэтин салҕаан спортивнай оскуолаҕа тустууга  оҕолору, үөрэнээччилэрэ сыыйа Россия, Саха сирин чемпионнара буола иитиллэн тахсаллар, айымньылаах үлэ салҕанар.

            Николай Павлович Корякин тустуук быһыытынан үүнэн-сайдан тахсарыгар кинини эрчийбит, үөрэппит тренердэригэр, Саха АССР, РСФСР үтүөлээх тренерэ Н.Н. Волковка, Саха АССР, РСФСР, ССРС үтүөлээх тренерэ Д.П. Коркиҥҥа махтала улахан.

            Николай Павлович адьас чөл олохтоох киһи, 70 сыл тухары 1 сото табаҕы тардыбата, 1 үрүүмкэ арыгыны испэтэх, туруоруммут сыалын ситиһэр, дьаныардаах, бар дьонугар үчүгэйи эрэ түстүүр. Кини билэр да, билбэт да дьонугар олоҕун тухары бэйэтэ да билбэтинэн элбэх үтүөнү-сырдыгы тарҕатан кэллэ. Улахан убайбыт, тустуук Кэрээкин дьэ итинник үтүөкэн олоҕу олорон кэллэ, билигин тустуук Кэрээкин-Уран Ньукулай диэн аатынан норуокка биллэр. Айбыт аар айылҕабыт барахсан киһиэхэ биэрдэҕинэ наар толору биэрэр, сорохтору адьас да мэлитэр. Тоҕо оннуга буолла? Ол эрэн, кыратык да айылҕа бэрсибитин бэйэҥ дьаныаргынан, сыраҕынан, чөл олоххунан, сыраҕынан бүөбэйдээн таһаараҕын, оннук киһи Уран Ньукулай. Ол курдук, Уран Ньукулай тустуук, хоһоон суруйар, ырыа айар, алгысчыт, олоҥхоһут, тойуксут, оһуохайдьыт, ааттаах уран тыллаах сэһэнньит, аны көҥүллээх тимир ууһа эбит. Биир киһи холугар олус элбэх, киһи сөҕүөн курдук дьарык буолбатах дуо? Бу ааттаммыт дьарыктарга Уран Ньукулай дьонтон хаалсыбат, өссө инники сылдьар. Итинник киһини этэн эрдэхтэрэ, киһи кэрэмэһэ, Саха Саарына диэн. Онон Н.П. Корякин туһунан билиһиннэриини бүтэриэх иннинэ кини массыына саахалыгар түбэспэтэҕэ буоллар 76 сааһыгар да тэп курдук сылдьыахтаах этэ, билигин да үлэ-хамнас ортотугар сылдьар, өссө от оттоон дьиэ кэргэнин күүһүнэн сөптөөх сүөһүнү ииттэр. Ол сөп эбит. Николай Павлович адьас оҕо эрдэҕиттэн үүтүнэн, быырпаҕынан, сибиэһэй аһылыгынан, булдунан, балыгынан аһаан баччаҕа чэгиэн-чэддик кэлбит эбит.

            Николай Павлович Корякин өр сыллаах үтүө олоҕо-дьаһаҕа кэмигэр сөптөөх соҕустук сыаналаммыта, кини ССРС физическай культуратын туйгуна, СР культуратын туйгуна, СР үөрэҕириитин туйгуна, “СР физкультураҕа уонна спорка үтүөлэрин иһин” знак кавалера, СР спордун ветерана, СР үлэҕэ ветерана, Үөһээ Бүлүү улууһун, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин, Боотулуу нэһилиэгин, Ороһу нэһилиэгин бочуоттаах гражданина.

Константин Мандаров

“Үөһээ Бүлүү — сымсалар, быһыйдар, күүстээхтэр төрүүр төрүт түөлбэлэрэ” кинигэ,

163-с сирэй