1876 с. уруккута Куорамыкы дэриэбинэтигэр “Верхне-Вилюйская одноклассная народная школа” диэн аһыллыбыт. Оскуола аата биир кылаастаах буолан баран, 4 кылаас объемунан үөрэтиллэрэ. Күннээҕи үөрэх уруогун ахсаана 4 буолара. Онтон оскуоланы бүтэрии 4 сыллаах этэ. Үөрэтиллэр предметтэринэн нуучча тыла, суот үөрэҕэ, таҥара үөрэҕэ – “Закон божий” диэн уонна нэдиэлэҕэ биирдэ уруһуй уруога баар буолааччы. История, география, айылҕа үөрэхтэрэ көрүллүбэт этилэр. Нэдиэлэҕэ 6 үөрэх күнэ буолааччы. Сэттис күнэ, воскресеньеҕа, таҥара 6 күн устата барыны бары айан баран сынньаммыт күнэ диэн үөрэппэттэрэ.
Монастырев В. Г. учуутал бириэмэтигэр оскуола оҕотун ахсаана 15-18-ка тиийэр этэ.
Куорамыкы оскуолата 1876 сылтан 1903 сылга дылы оскуолаҕа сөбө суох тииптээх дьиэҕэ үөрэппит. Ол дьиэни кэлин 1911 сылга диэри улуус быраабатын дьиэтэ гына сылдьыбыттара. Билигин оннуттан да суох.
1903 сылтан ылата оскуола дьиэнэн, билиҥҥитэ Райсоюз дьиэтэ этэ. (Советскай уулусса “Факел” маҕаһыын). Типовойа суох буолан баран уруккутааҕар киэҥ, ордук дьиэ этэ. Бу дьиэни Г. Потапов бэйэтигэр туттан баран, хааһына үбүгэр оскуолаҕа атыылаабыт. Бу дьиэлэр корпустарын сурук салгыыта чэрчилээн көрдөрүөм. (См. Чертеж 1-2) 1956 сыл.


Капитон Спиридонович Кардашевскай ахтыытыттан быһа тардыы.
Бастакы оскуола. Маҥнайгы учуутал /хомуйан таһаарааччы Львова А. Я. – Дьокуускай, 1996. – С. 13-14.
***
1937 сыллаахтан саҥа оскуола тутуллан бүтэн үлэҕэ киирбитэ. Оскуола тутуутугар маһын нэһилиэктэринэн түһээн түһэрэн тастарбыттара, киллэртэрбиттэрэ. Нэһилиэктэртэн элбэх ахсааннаах болуотунньуктар хомуллан үлэлээбиттэрэ. Ити улууска маҥнайгы бөдөҥ уустук тутууну оччолорго кииннээн салайбыттара Дмитрий Федоров (Миикээ), прорабынан Семен Магдисов, Елисей Налыйдыров, Герасим Яковлев буолан үлэлээбиттэрэ.
Софрон Иванович Докторов ахтыытыттан быһа тардыы.
Исидор Барахов аатынан орто оскуола 120 сыла : (ахтыылар) /Үөһээ Бүлүү үөрэҕин упр. ; [хомуйан оҥордо И. Е. Ороһуунускай]. – Покровскай, 1996. – С. 9.
Саха биллиилээх фольклору хомуйааччыта, кыраайы үөрэтээччитэ Дмитрий Иванович Дьячковскай-Сэһэн Боло Бүлүү оройуоннарыгар экспедиция тэрийэн баай матырыйаалы хомуйар. Кини 1938 сыл бэс ыйыгар Үөһээ Бүлүүгэ кэлэ сылдьан түһэрбит хаартыската
