Кулун тутар 20 күнүгэр, сааскы күн сырдыгынан сыдьаайан турар кэмигэр, Аан дойдутааҕы Поэзия күнүн көрсө, Арассыыйаҕа Норуоттар сомоҕолоһууларын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура сылын чэрчитинэн, улуус таһымнаах, номнуо 12-с төгүлүн ыытыллар “И вновь пробуждается поэзия во мне…” күрэх О.Д. Фёдорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа үөрүүлээхтик буолан ааста.
Бу кэрэ күрэх, сыллар тухары, библиотека көҕүлээһининэн оҕолору Поэзия кэрэ эйгэтигэр угуйан, кинилэр ис куттарын дьоҕурун арыйан, уус-уран ааҕыыга, сыанаҕа тутта-хапта сылдьыыга, саҥарар дьоҕурдарын уонна талааннарын сайыннарарга, айар кынаттарын анньынарга көмөлөһөн кэллэ. Иитээччилэр сыралаах үлэлэрин, көмөлөрүн түмүгэр, оҕолорбут элбэх поэттар хоһооннорун нойосуус үөрэтэн, уобарастаан ааҕарга, турукка киирэн дьиҥнээх артыыстыырга талааннарын арыйаллар, сайдаллар. Ону сэргэ, өссө үөрүүлээҕэ, дьоҕурдаах хоһоон айар оҕолор бастакы айар талааннарын, куорсун анньынар ыллыктарын бу күрэхтэн булаллар, олохторугар умнуллубат түгэннэри бэлэхтэнэллэр.
Тыл ууһугар умсугуйуута, тыл күүһүнэн үлүһүйүүтэ суох – дьиҥнээх Поэзия суох. Поэзия имэҥин, поэзия илбиһин, поэзия иччитин баай тыл, уус тыл, кэрэ тыл, дууһа иэйиитэ үөскэтэр, төрөтөр кыахтаах!
Бүгүҥҥү күрэҕи сүрдээх уопуттаах, ытыктабыллаах дьүүллүүр сүбэ сыаналаата:
- Руфов Алексей Васильевич – Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот театрын артыыһа, “Санаа ситимэ” литературнай түмсүү чилиэнэ.
- Прокопьева Туйаара Николаевна – Үөһээ Бүлүүтээҕи норуот театрын артыыһа, “Санаа ситимэ” литературнай түмсүү чилиэнэ, “3N Үрүйэчээн” оҕо сайдар киинин музыкальнай салайааччыта.
- Павлова Дария Николаевна – Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, О.Д. Фёдорова аатынан киин модельнай библиотека ааҕааччыны кытта үлэҕэ библиотекара, “Санаа ситимэ” литературнай түмсүү салайааччыта, бүгүҥҥү күрэх сүрүн бырайыагын автора.
Бөлөҕүнэн ааҕыыга улууспут алта оскуолатын үөрэнээччилэрэ күөн көрүстүлэр.
Быйылгы поэзия күрэҕэ Арассыыйаҕа Норуоттар сомоҕолоһууларын сылыгар ананна, хамаандалар улахан дойдубут араас норуоттарын хоһооннорун уус-ураннык аахтылар. Ону сэргэ, норуоттар араас дьэрэкээн национальнай көстүүмнэрин кэтэн, күрэхпитин өссө да сөргүттүлэр, киэргэттилэр.
Күрэх түмүгэ:
- 3 миэстэ буоллулар Оҥхой сүрүн оскуолатын үөрэнээччилэрэ, салайааччы Васильева Мария Гаврильевна.
- 2 миэстэ Ороһу орто оскуолатын дьоҕурдаах оҕолоругар тигистэ, салайааччылар Осипова Сардана Алексеевна, Кондакова Люция Петровна.
- 1 миэстэни чиэстээхтик Хоро орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ ылары ситистилэр, салайааччылара Назарова Анна Ефимовна.
- Кылаан чыпчаалы ыллылар, «Мы вместе» диэн дириҥ ис хоһоонноох туруорууну бэлэхтээн, Дүллүкү орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ. Салайааччылара Афанасьева Антонина Ивановна, Васильева Люция Сергеевна.
Ону сэргэ, анал ааттар олохтоннулар:
- “Бастыҥ ааҕааччы” аатын Дүллүкү орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Санникова Алина сүктэ.
- “Бастыҥ артыыс” буолла Оҥхой сүрүн оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ Максимов Айгылаан.
Хоһоон айааччылар күрэхтэригэр:
- Кылаан чыпчаалы ылан, дьоҕурун бигэргэттэ Кэнтик орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Иванова Василина.
- Үтүө биһирэбили ылла Дүллүкү орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Семенова Валерия.
Биһиги талааннаах, кэскиллээх оҕолорбутугар өссө да үрдүктэн-үрдүк чыпчааллары, айар ситиһиилэри баҕарабыт! Сахабыт тыла чэчирии, хоһоон тыына үйэлэргэ умнуллубат буоллун!









