Кулун тутар 24 күнүгэр О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа «Олох кэрэ…» дьоһуннаах бырайыак чэрчитинэн төрөөбүт улууспут духуобунай сайдыытыгар, култууратыгар бэйэлэрин суолларын-иистэрин хаалларбыт, дьоһун кылааттарын киллэрсибит Үөһээ Бүлүүбүт улууһун култууратын бочуоттаах үлэһиттэрин кытта истиҥ-иһирэх көрсүһүү бэрт истиҥ, сылаас эйгэҕэ ыытылынна.
Бүгүҥҥү сааскы, сырдык, чаҕыл күннээх көрсүһүү сэргэх кэпсээннээх, көр-нар аргыстаах ытык-мааны ыалдьыттарынан буоллулар:
- Анна Петровна Дмитриева-Иванова – СӨ култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун, Үөдүгэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Н.И. Бойлохов аатынан оҕо искусствотын оскуолатын бэтэрээн учуутала;
- Татьяна Семеновна Борисова – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Гражданскай килбиэн» анал бэлиэ хаһаайката, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Боотулуу нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо;
- Джемма Иннокентьевна Федотова – СӨ култууратын туйгуна, СӨ култууратын Бочуоттаах үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Мэйик нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо
- Алла Семеновна Григорьева – СӨ култууратын туйгуна, Үөдүгэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо;
- Николай Николаевич Хобусаров – СӨ култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕо;
- Татьяна Давыдовна Сивцева – СӨ култууратын туйгуна, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайката, Кэнтик нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо;
- Татьяна Спиридоновна Чыбыкова – СӨ кинематографиятын бэтэрээнэ, Үөдүгэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо;
- Аграфена Алексеевна Долгунова – СӨ култууратын туйгуна, Боотулуу нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо;
- Тамара Трофимовна Егорова – СӨ култууратын туйгуна, Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.





Бары билэрбит курдук, быйылгы сылы Сахабыт сирин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Култуура сылынан биллэрбитэ ураты үөрүүлээх даҕаны, онтон иккис өттүнэн, бу эйгэ үлэһиттэригэр сүҥкэн эппиэтинэһи, күүрээннээх, айымньылаах, бэриниилээх үлэни-хамнаһы сүктэрэр. Бу сыл туһунан Айсен Николаев маннык бэлиэтээн этэн турар: «Култуура сылын сүрүн соруга – урукку, ааспыт устуоруйабытын харыстааһын, айар кыахпытын-күүспүтүн сайыннарыы, өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕун, ордук ыччат култуурунай таһымын үрдэтии» – диэн.
Онтон СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Иванович Ноев: «Хас биирдии киһи, норуот өйө-санаата, итэҕэлэ, дууһата, тыла, толкуйа – бу култуура сүрүн ис тыына. Норуот култуурата – кини бэйэтэ омук быһыытынан билинэр биир сүрүн уратыта, бэлиэтэ», – диэн эппитэ.
Бүгүҥҥү улууспут үтүө үлэһит дьонун кытта атах тэпсэн олорон, сонунтан сонун, интэриэһинэй сэһэннээх ыалдьыттарын кытта көрсүһэр, үйэтитэр үтүө тэрээһиммитигэр кэлэн олорор култуурабыт бэтэрээннэрин, ону сэргэ манна кэлэн олорор, билигин улууспутугар үлэлии-хамсыы, айа-тута, сырдыгы, кэрэни саҕа сылдьар култуура бары үлэһиттэрин сарсын буолаары турар Култуура үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыктарынан уонна өрөспүүбүлүкэҕэ Култуура сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтилэр. Улуус культурнай кодун – искусство үрдүк таһымын этигэр-хааныгар иҥэринэ сылдьар, ыччаттарбытын ырыаҕа уһуйа-такайа сылдьар талааннаах ырыаһыппыт, Үөһээ Бүлүүбүт көмүс куоластаах күөрэгэйэ Наталья Ильина Россия биллиилээх поэта Николай Добронравов тылларыгар, Россия аатырбыт композитора Микаэл Таривердиев музыкатыгар «Маленький принц» диэн ылбаҕай, киһи дууһатын кылын таарыйар сүрдээх үчүгэй ырыатынан этиэхтэн кэрэ куолаһынан эҕэрдэлээн, барыбытын улаханнык үөртэ, долгутта.
Көрсүһүүгэ улууспут сайдыытыгар улахан оруолу оонньообут, билигин даҕаны култуура эйгэтигэр көхтөөхтүк үлэлии сылдьар, эдэр көлүөнэҕэ холобур буолар ытык дьон кыттыыны ыллылар. Кинилэр бэйэлэрин олохторун суолун, алгыстаах айар үлэлэрин, улуус култууратын сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын туһунан кэпсээтилэр. Истиҥ кэпсэтиигэ, ахтыыларга, хоһооннорго, ырыаларга уонна атын да араас кэрэ-бэлиэ түгэннэргэ бу барыта толору тиһилиннэ.
«Олох кэрэ» бырайыак туһунан улуустааҕы О.Д. Федорова аатынан библиотечнай ситим директора Тамара Герасимовна Саввинова бу курдук санаатын үллэһиннэ: ««Олох кэрэ» диэн улуустааҕы библиотека бырайыак иитинэн биһиги бүгүн култуура бэтэрээннэрин кытта көрсөбүт. Тоһоҕолоон эттэххэ, култуурабыт бэтэрээннэрин барыларын ыҥырбатыбыт. Тоҕо диэтэр, бу сылы быһа барар, улууспут кэрэхсэбиллээх дьонун кытта көрсүһүүгэ туһуламмыт бырайыак буолар. Манна ытыктыыр, убаастыыр дьоммутун ыҥыртаан, дьоҥҥо-сэргэҕэ таһааран, олорбут олохторун кэпсэтэн, уопуттарын үллэстэн баралларыгар анаан үлэлиибит. Өссө даҕаны инникитин, сайын бүтүүтэ дуу, күһүөрү кыһын дуу, бырайыак иккис түһүмэҕин оҥоруохтаахпыт. Биһиги сүрүн сыалбыт-сорукпут диэн ытыктыыр дьоммут-сэргэбит өлүөр, чэгиэн эрдэхтэринэ тутуу былдьаһан олохторун, уопуттарын, дойдуларын туһугар ыыппыт үлэлэрин, хайдах-туох олоҕу олорон ааспыттарын уонна оройуоммут култууратыгар киллэрбит кылааттарын архыыпка тиһэн, видеоҕа устан, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэн, кэлэр көлүөнэҕэ хаалларыы буолар. Бэлиэтээн эттэххэ, «Олох кэрэ» бырайыак быйыл үһүс сылын үлэлиир. Туохха эрэ олоҕуран, холобур, быйыл Култуура сылынан, ол иннигэр учууталлары түмэн, бу курдук араастаан тематикалаан ыҥырабыт. Онтон бу быйылгы тэрээһиммит, билллэн турар, Култуура сылыгар ананар».
Бу курдук көрсүһүүлэр биһиги улууспут историятын, култууратын, духуобунай баайын харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга улахан суолталаахтар. Кинилэр эдэр ыччаты төрөөбүт дойдуларын, төрүт култуураларын ытыктыырга, сайыннарарга уонна инникитин дьон-сэргэ туһугар үлэлииргэ сирдииллэр.
О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека бу курдук дьоһуннаах тэрээһиннэри ыытан, улуус култууратын сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрэ турар.
Галина Васильева