Главная / Библионовости / Үөһээ Бүлүү киин библиотекатыгар экология киинэ үлэлиир!

Үөһээ Бүлүү киин библиотекатыгар экология киинэ үлэлиир!

Муус устар 22 күнэ — Аан дойдуга Сир күнэ. Бу күн айылҕаҕа анаан, кини кэрэтин харыстыырга, кэскилин хааччыйарга дьон-сэргэ болҕомтотун тардар улахан суолталаах бэлиэ күн буолар. Дьэ, бу күн Үөһээ Бүлүү киин библиотекатын экологическай киинигэр үтүө үгэс салҕанар. Бүгүн М.А.Алексеев аатынан республикатааҕы лицей-интернат үөрэнээччилэрэ экологияҕа бэриниилээхтэрин көрдөрөн, туттуллубат пластиковай хаппахтары уонна батарейкалары аҕалан туттардылар. Бу судургу дьайыы курдук көстүөн сөп эрээри, айылҕаны харыстааһыҥҥа олус улахан суолталаах хардыы буолар. Оҕолор бу үтүө дьыаланы оӈорон айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһыыга үтүө холобур буоллулар. Киин библиотека экологическай киинэ атын да оскуолалары, тэрилтэлэри бу холобурга кыттыһаргытыгар ыҥырар. Сирбит чэлгийэ сайда турдун!