Г.Р. Кардашевскай аатын үйэтитии
1966 (05. 06) – «Саха АССР норуот үөрэҕириитин туйгуна» бэлиэнэн наҕараадаламмыта
1966 (22.10) – Награжден Почетной грамотой Президиума Верховного Совета ЯАССР
1975 – Чөркөөх полит. ссылка музейыгар Кардашевскай Г.Р. «Досоветская драматургия А.И. Софронов» илииннэн суруллубута хараллан сытар.
2006 – Тааттаҕа Алампа төрөөбүт алааһыгар суруйааччы төрөөбүтэ 120 с. аналлаах бэлиэҕэ Кардашевскай Г.Р. суруга-бичигэ оҥоһуллан турар. Слепцов М.Г. бэйэтин баҕатынан оҥорбут
2012 – «Дьиэ кинигэтэ» кини туһунан ахтыылар кинигэлэрэ бэчээттэммитэ.
2016-Төрөөбүтэ 85 с. «Күлүмүрдэс күнүскүбэр» ыстатыйалар, ахтыылар хомуурунньуктара бэчээттэммитэ, хомуйан оҥордулар С.Т. Руфов, С.Е. Дадаскинов
2016 – Төрөппүт кыргыттара Галина Георгиевна, Ефросинья Георгиевна, Валентина Георгиевна СВФУ Г.Р. Кардашевскай аатынан стипендия олохтообуттара.
2016- Төрөөбүтэ100 сылыгар дойдутугар Үөһээ Бүлүү улууһугар Балаҕаннаах нэһилиэгэр ыһыах ыһыллыбыта.
2016 – Национальнай библиотека историческай саалатыгар 100 сыллаах өрөгөйүн иитинэн киэҥ ыҥырыылаах тэрээһин ыытыллыбыта.
2016 – Балаҕаннаах ситэтэ суох оскуолатын бастыҥ үөрэнээччитигэр сыл түмүгэр аайы Г.Р. Кардашевскай аатынан бириэмийэтэ туттарыллар.
2016 – Л.А. Попов аатынан Сунтаар улууһун киин библиотектыгар Н. Түгүнүүрэпкэ аналлаах Г.Р. Кардашевскай тус архыыбыттан матырыйааллар уопустаннылар.
2016 – Уус-Алдан улууһугар Чараҥҥа Үөрэҕирии салалтата уонна Кулантай аатынан литературатура түмэлэ «Күлүмнүүр күнүскүбэр» диэн Кардашевскай ааҕыыларын, «Дьоллоох күммүн туойабын» хоһооннорун ааҕыыта тэрилиннэ.
2019 – «Боруҥуйга» кинигэтэ бэчээттэнэн таҕыста, хомуйан оҥордулар Алексеева Г.Г., Кардашевскай Г.Г., Кардашевская Е.Г.
2019 – Алексеева Г.Г., Кардашевскай Е.Г. «Тоҥхойоммун уруйдуубун Бүлүү хотуммун» кинигэ бэчээттэннэ.
2020 – Г.Р. Кардашевскай төрөөбүтэ 105 сылыгар Үөһээ Бүлүү улууһугар Балаҕаннаах нэһилиэгин Хампачаан алааһыгар өйдөбүнньүк туруорулунна. 60
2020 – Элгээйигэ Г.Р. Кардашевскай төрөөбүтэ 105, Н.М. Түгүнүүрэп төрөөбүтэ 115 сылларыгар Уйбаан Нуолур аатынан олохтоох библиотека уонна «Оһуор» культура киинэ киэҥ тэрээһини ыыппыттара.
2020 – Зверев С. Г. аатынан музейга сылын аайы Зверев С.Г. уонна Кардашевскай Г.Р. экспозициялара туруоруллар.
2021 – Үөһээ Бүлүү улууһун библиотекаларын тэрийиитинэн нэһилиэктэргэ Кардашевскай ааҕыылара ыытыллыбыттара.
2021 –Балаҕаннаах сүрүн оскуолатыгар муус устар 28 – ыам ыйын 10 күннэригэр улуустааҕы Кардашевскай ааҕыылара ыытыллыбыттара.
2021 –Үөһээ Бүлүү улууһугар Ороһу орто оскуолатын кылааһыгар Г.Р. Кардашевскай аата иҥэриллибитэ, кылаас салайааччыта Габышева Г.Ю. Г.Р. Кардашевскай аатынан кылаас «Боруҥуйга» диэн айымньытынан тэттик киинэ устубута.
2021 – Староватов Н.Х. аатынан Элгээйи оскуолатын учууталлара Т.Н. Григорьева, В.В. Миронова, Л.Н. Павлова «Биһиги Кардашевскайбыт» кинигэни бэлэмнээн бэчээттэппиттэрэ.
2021 – Элгээйи олохтооҕо Эльвира Николаева «Урукку олохтон» сэһэнинэн драма суруйбута.
2023 – И.Н. Барахов аатынан судаарыстыбаннай түмэл фондатыгар Исидор Барахов кыттыылаах Сэбиэттэр I учредительнай сийиэстэрин дэлэгээттэрэ бииргэ түспүт дьиҥнээх хаартыскаларын Г.Р. Кардашевскай архыыбыттан кыыһа Г.Г. Алексеева туттарда.
2025 – Элгээйи оскуолата төрүттэммитэ 150 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр иилэринэн Кардашевскайдар дьиэ кэргэн көстүүтэ испэктээк туруоруллубута.
2025 – Ороһу оскуолатын Г.Р. Кардашевскай аатынан кылаас үөрэнээччилэрэ араас сылларга араас дьону кытта суруйсубут материалын сыыппараҕа көһөрүүнү саҕалаабыта. Салгыы оҕоҕо аналлаах айымньыларын көһөрүү ыытыллар.
2025 – Г.Р. Кардашевскай аатынан кылаас «Кылаас салайааччыта» улуустааҕы конкуруска «Ааты сүгэр кылаастар» диэн уруогу көрдөрөн кыайыылаах буолбута уонна өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллыбыт конкуруска кыттыбыта.
2025 – Кылаас үөрэнээччитэ Яковлева Алина «Кардашевскай аатынан кылаас» дакылаатынан улуустааҕы «Барҕарыы» научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыта.
2025 – «Классы носят имена» дакылааттарынан уонна маастар кылаастарынан педагогическай ярмаркаларга, М.С. Перегоин « Педшкола профсоюза Ульяновской области» тэрээһиҥҥэ кыттыбыттара.
2026 – Кардашевскай Г.Р. төрөөбүтэ 110 сылыгар хос сиэнэ Вадим Алексеев «Биир илиинэн суруллубут тэтэрээт историята» дакылаатынан кыттыаҕа.