Ыам ыйын 6 күнүгэр, О.Д. Федорова аатынан киин библиотекаҕа Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх күннэрин бэлиэтиир ытык күннэрбитигэр киэн туттар, сүгүрүйэр биир дойдулаахпыт, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, методист учуутал, СӨ үтүөлээх учуутала, СӨ Президенин иһинэн «Барҕарыы» национальнай фонда лауреата, СӨ «Гражданскай килбиэн» анал бэлиэ хаһаайына, СӨ үөрэҕириитин систиэмэтин бочуоттаах ветерана, СӨ «Учуутал албан аата» анал бэлиэ туһааннааҕа, норуоттар икки ардыларынааҕы уонна СӨ суруйааччыларын Сойуустарын чилиэнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Үөдүгэй нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо, 119 ырыа ааптара, ол иһигэр «Тыыннаахтар умнубат сыллара» аар-саарга аатырбыт ырыа ааптара Петр Поликарпович Одорусов ыам ыйын 10 күнүгэр төрөөбүтэ 95 сылын көрсө «Өйдөбүнньүк күн» диэн дьоһуннаах, ураты долгутуулаах көрсүһүү ыытылынна.
Дьоро күн саҕаланыытыгар бу күннэргэ Бүтүн Россия үрдүнэн ыытылла турар, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыыны ылбыт, тыылга үлэлээбит дьоммутун үйэтитэр, ахтан-санаан ааһар «Стена памяти» патриотическай акция ыытылла турарынан, онно кыттыһан, оскуола үөрэнээччилэрэ уонна биирдиилээн дьон сүрэхтэригэр курус ахтылҕан, таптал, киэн туттуу гынан илдьэ сылдьар эһээлэрин, хос эһээлэрин мэтириэттэрин аҕалан ыйаатылар.
Тэрээһини «Санаа ситимэ» литературнай бөлөх хоһоон ааҕааччылара, «Айылгы» түмсүү Далбар Хотуттара Бүөтүр Одорусов суруйан хаалларбыт хоһоонноруттан таҥыллыбыт литературнай монтаһынан, ылбаҕай ырыаларынан киэргэтэн, ситэрэн-хоторон биэрдилэр. Кинилэри сэргэ Үөһээ Бүлүүлэр куттарын туппут ырыаһыппыт Александр Николаев «Кыайыы күнэ» диэн бэртээхэй ырыатын өрө көтөҕүллүүлээхтик ыллаата, мустубут дьон бары атахтарыгар туран ытыс таһыннылар. «Ыллыкчаан» оҕо уһуйаанын музыкальнай тэрийээччитэ, суруйааччы үөрэнээччитэ, СӨ үөрэҕириити туйгуна Лилиана Сортолова учууталын туһунан истиҥ баҕайытык ахтан туран, иитиллээччилэрин толоруутугар «Топ-топ хаамабыт», «Куобахчаан», «Мин эбээм» диэн ырыалары бэйэтэ синтезаторга доҕуһуоллаан бэлэх уунна.
Көрсүһүүнү СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Иван Чычахов салайан ыытта. Петр Одорусов курдук учууталга үөрэммит сырдык, үөрүүлээх күннэрин иһирэхтик ахтан туран, кэргэнинээн Тамара Васильевналыын элбэх көлүөнэ оҕолору иитэн-такайан ааспыттарын туһунан эттэ. «Бары кэриэтэ предметтэргэ үчүгэйдик үөрэммитим эрээри, арай омук тылыгар уонна химияҕа отой мөлтөх этим», – диэн күллэрдэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин аһыытын, эрэйин-муҥун этинэн-хаанынан билбит сэрии сылын оҕото, «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыа ааптара Петр Одорусов аата үйэлэргэ күлүмүрдүү, холобур буола турарыгар эрэнэрин эттэ.
Онтон СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх учуутала, улуус Бочуоттаах олохтооҕо, суруйааччы бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэ Ульяна Тимофеева доҕорун туһунан: «Киһи холобур ылар киһитэ этэ. Үөһээ Бүлүүттэн химияҕа аан бастакы методист-учууталбытынан киэн туттабыт. Ыччаттарга туһаайан эттэххэ, ааспыты ахтыбат киһи инникитэ кэрэгэй», – диэн этиинэн тылын түмүктээтэ.
СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун, Үөдүгэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, элбэх поэттар, мелодистар ырыаларын, ол иһигэр Петр Одорусов тылларыгар, Николай Бойлохов дьүрүлүгэр «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыаны Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн дьиэрэппит ырыаһыт Анна Петровна Дмитриева-Иванова бу ырыа хайдах дойду үрдүнэн аатырбытын туһунан наһаа үчүгэйдик кэпсээтэ уонна номох буолбут ырыаны барыбытын кытта бэртээхэйдик толорон иһитиннэрдэ. Бу ырыа хас биирдии саха киһитин сүрэҕэр-дууһатыгар олохсуйбута, кэнчээри ыччакка бэриниилээх буолууну, хорсун быһыыны иитэр сүрүн айымньынан буолбута.
СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, «Учууталлар Учууталлара», «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, улуус, бөһүөлэк Бочуоттаах олохтооҕо, И. Барахов аатынан оскуолаҕа өр сылларга бииргэ үлэлээбит коллегата, сүдү учуутал үөрэнээччитэ Василий Ченохов күндү киһитин туһунан сылаас тылларынан ахтан ааста.
И. Барахов аатынан оскуола 7 кылааһын үөрэнээччилэрэ Петр Одорусов хоһоонноруттан монтаж ааҕан, улаханнык долгуттулар.
Улуустааҕы үөрэх управлениетын начальнига Юрий Кынатов: «Химияҕа бастакы уруокка бастаан учууталбыт бартыбыала көтөн киирбитэ. Ол курдук фейерверк курдук уруок ааспыта. Оскуолаҕа эбии 2 сыл үөрэммитим эбитэ буоллар, химияны сөбүлүөм эбитэ буолуо. Ол иһин учууталым легендарнай учуутал буоларын чахчы бигэргэппитэ. Ординарнайа суох учуутал этэ, аны оҕолорго да, улахан дьоҥҥо да ураты сымнаҕас, аһыныгас сыһыаннааҕа», – диэн сэргэхтик кэпсээтэ.
СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин баһылыгын сүбэһитэ Георгий Степанов сүдү киһини кытта алтыһан ааспытынан киэн туттарын, саха норуотун дьолугар төрөөбүт үтүөкэннээх Киһи этэ диэн эттэ.
СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар Учууталлара», РФ үөрэҕин бочуоттаах үлэһитэ, РФ оҕону, ыччаты иитэр эйгэҕэ бочуоттаах үлэһитэ Галина Захарова учуутала барахсан туһунан бэһиэлэй, көрдөөх ахтыыта барыбытын сэргэхситтэ уонна кини тылыгар «Тулабар чыычаахтар ыллыыллар» диэн ырыаны бэлэхтээтэ.
СӨ социальнай сулууспатын туйгуна, Гражданскай килбиэн бэлиэ хаһаайына учуутала Петр Поликарпович киниэхэ салайааччы буолан олордоҕуна анаан-минээн кэлэн, Сахалыы-нууччалыы тылдьыты бэлэхтээбитин, ону күн бүгүнүгэр диэри сиэннэрин кытта туһана сылдьалларын кэпсээтэ.
Бар дьонун умсугутар ырыаһыт Николай Чуручанов бэйиэт тылларыгар, бэйэтин дьүрүлүгэр «Күн ийэм алгыһын ыламмын» диэн ырыаны ыллаан улаханнык уйадытта.
Улуус сис ыалын аҕата, инженер, салайааччы Иннокентий Ильин Бүөтүр Одорусов туһунан бэрт истиҥник ахтан туран, киниэхэ уонна Бүөтүр Тобуруокап курдук улуу учууталларга үөрэммитин дьолунан ааҕарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Виктория Павлова учууталын туһунан ахтарыгар: «Химия уруогар атын оскуолаҕа үөрэнэрбэр быстар мөлтөх этим, онтон Петр Поликарповичка кэлэн, үчүгэйдик үөрэнэн, государственнай экзамеммын 5 сыанаҕа туттарбытым. Аны норуот таптыыр ырыаһыта Сиэйэ уола бэйиэт «Күн ийэм алгыһын ыламмын» диэн ырыатын Үөһээ Бүлүүгэ толорор бастакы кэнсиэригэр биһиги чулуу киһибитин кытта хайдах кулуупка билсибиттэрин уонна киэһэ киниэхэ хоно барбытын туһунан долгуйан туран кэпсээтэ. Салгыы кини Дьокуускай куораттан Наталья Давыдова аатыттан Анна Петровна Дмитриева-Петроваҕа «Тыыннаахтар умнубат сыллара» ырыа ылламмыта быйыл 54 сылынан махтал суругу, сибэкки дьөрбөтүн уонна сэмэй бакыаты уонна «Мин көҥүл сахабын» диэн көччөх гынан көтүппүт олохтоох мелодист, СӨ культуратын туйгуна Маргарита Саввиноваҕа, Николай Чуручановка махтал суруктары кытта сэмэй бэлэхтэри ытыс тыаһын доҕуһуолугар туттарда.
Салгыы СӨ культуратын туйгуна, «Үөдүгэй нэһилиэгин социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ туһааннааҕа Маргарита Саввинова суруйбут дьүрүлүгэн Виктор Новиков толоруутугар аудио-устууну астына иһиттибит. Маргарита Ильинична Бүөтүр Одорусовка барыта 6 ырыалааҕын туһунан эттэ уонна «Ньукулайбын хайгыыбын» диэн ырыатын толордо.
Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, «Верхневилюйские славянки», «Память», «Көмүс көлүөнэ» кинигэлэр ааптардара Мария Михайлова үөрэппит учуутала оҕолору кытта оҕо буолан хааларын, сэрии сылларыгар хайдах курдук хара үлэҕэ эриллибитин, тулаайахсыйыы аһыытын билбитин уйадыта кэпсээтэ.
Бу курдук оҕо-аймах тапталлаах учуутала, элбэх ырыа ааптара, айар куттаах бэйиэт Бүөтүр Одорусов олоҕун, айар үлэтин, кини төрөөбүт дойдутугар уонна үөрэҕириигэ киллэрбит кылаатын бар дьоно бу сааскы күҥҥэ ахтан- санаан кэпсэттибит.
Улуу Кыайыы өрөгөйүн уонна Петр Поликарпович Одорусов сырдык аатын өрүү ытыктабыллаахтык чиэстэнэ, кэрэ ахтыыларга кэпсии туруоҕуҥ!
Галина Васильева
























