Главная / Видео / Тулуй саллаат, тулуй

Тулуй саллаат, тулуй

О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека көрдөрөр. Валерий Никифоров – Чигди тыллара, Николай Чуручанов дьүрүлэ. Оҥоһуу өй.

Тулуй, саллаат, тулуй…

Ийэ дойдуну көмүскүүргэ
Эркин-хахха буолаллар,
Эйэлээх олоҕу ирдииргэ
Эрэл кыымнаах охсуһаллар.

Хоту дойду хоһууна
Хорсун сырыытын элбэтэр,
Тыйыс, тымныы дойдутун
Тыынын-салгынын биллэрэр.

Элбэх өстөөҕү самнаран,
Элбэх доҕорун сүтэрэн,
Ыһыы-хаһыы быыһыгар
Ыраас халлааны кэтэһэр.
пр.
Тулуй, саллаат, тулуй
Туман көтөн дьэҥкэриэ,
Элбэх сыллаах эйэбит
Эрэн саллаат, эргийиэ!

Никифоров Валерий Васильевич – Чигди
Дүллүкү