1965 с. Ыччат өрөспүүбүлүкэтээҕи III фестивалыгар Уот туһунан тойуктаах

Ыччат талааныгар – киэҥ суолу!

(Быһа тардыы)

… Билигин фестиваль саамай эппиэттээх кэмэ — кини III тууругар бэлэмнэнии тирээн кэллэ. Биһиги оройуон спортивнай делегациятыттан ураты аҥардас уус-уран самодеятельноска кытта 55 киһи барыаҕа. С. Дадаскинов суруйбут «Уот туһунан тойук» диэн либреттотыгар театрализованнай концерды бэлэмниир былааннаахпыт. Билигин концерт музыкатын мелодистар бөлөхтөрө суруйа сылдьар. III туурга республика столицатыгар ситиһиилээх буолар наадаҕа элбэх бэлэмнэнии эрэйиллэр. Ыам ыйын 5 күнүттэн сүрүн үлэлэриттэн босхолонон туран, 40 хонуктаах бэлэмнэнии сбора ыытыллыаҕа.

Фестиваль оройуоннааҕы тэрийэр комитета бары общественнай тэрилтэлэр, бары салайааччылар наада буолар бары көмөну оҥоруохтара, чуолаан талыллыбыт дьону бириэмэтигэр босхолуохтара, үбүнэн көмөлөһүөхтэрэ диэн бигэтик эрэнэр. Хас биирдии кыра да, улахан да көмө оройуон ыччатын культурата сайдарыгар кэскиллээх кылааты угуу курдук сыаналаныахтаах.

Биһиги бүгүҥҥү ыччаппыт — охсуулаах үлэһит, туйгун үөрэнээччи, киэҥ билиилээх, үрдүк культуралаах киһи. Кини айар талаана муҥура биллибэт. Бу талаан төһөнөн сайдар да, олохпут соччонон дьоллоох, кыайыылаах буолуоҕа. Чэйиҥ, ыччат айар талааныгар мэлдьи киэҥ суолу тэлэйиэҕиҥ!

Н. Яковлев,

ССКП райкомун секретара, фестиваль тэрийэр комитетын председателэ.

“Коммунизм сардаҥата” хаһыат, 1965 с, муус устар 29 к., 3-с сирэй.

Уоту ылбыт норуот туойар

Оратория диэн итальянскай тыл, «хорунан уонна биирдиилээн толорууга, үҥкүүгэ итиэннэ оркестрга анаан суруллубут бөдөҥ музыкальнай-драматическай айымньы» диэн буолар. Быйылгы Саха сирин ыччатын үһүс фестивалын түмүктүүр үһүс туругар көрдөрөргө биһиги оройуоммут уус-уран самодеятельноһын коллектива дьэ итинник бө­дөҥ музыкальнай айымньыны бэлэмнээтэ. Оратория аата «Уот туһунан  тойук». Ити айымньы либреттотын Степан Дадаскинов суруйбута.

"Уот туһунан тойук" либретто автора Степан Дадаскинов

Оратория автора мелодист Георгий Никифоров

Оратория автора мелодист Николай Бойлохов

Оратория автора мелодист Серафим Гоголев

Сахалыы дьиэрэйэр киирии му­зыка доҕуһуолунан быыс наҕыллык аһыллар. Саха сирин тайҕата. Көмнөх хаарынан бүрүллүбүт бүтэй Бүлүү хайа эрэ кытылынааҕы тыа көстүүтэ. Соҕотох быстан-ойдон сылдьар булчут былыргы баттал саҕанааҕы ыар олоҕун санатар энэлгэн ырыата, «хараҥа» уонна «кыһыл» күүстэр охсуһуулара. Оратория маҥнайгы чааһыгар сырдык өйү-санааны тарҕаппытын иһин ыраах хаар-муус дойдуга хаайыыламмыт Прометей-революционер хотугу халлаан анныгар көҥүл кутаа уотун бар-дьоҥҥо туттарыыта ырыа-үҥкүү тылларынан этиллэр.

Caҥa дьоллоох үйэ саҕаланар. Айылҕа уһуктар, кыайбыт норуот өрөгөйдүүр. Үөрбүт-көппүт Бүлүү хотун (өрүс символическай обраһа) үҥкүүлээн долгуйар, сири-дойдуну угуттуур, быйаҥы-уйгуну дэлэтэр, утуу-субуу солбуһар көрдөөх ырыалар, үҥкүүлэр билиҥҥи кэмнээҕи олоҕу — коммунизмы кыайыылаахтык тутар норуот үлэтин-хамнаһын кэпсииллэр. Сценаҕа сир баайын арыйааччылар — геологтар, олох  уустара — тутааччылар, быйаҥы айааччылар — үлэ дьонноро көстөн ааһаллар. Түмүгэр Бүлүүнү бохсор, ууттан уоту ылар үлэ кыайыыта-хотуута көстөр. Бүлүү ыччата Бүлүүтээҕи ГЭС тутуллубутун чиэһигэр өрүс үрдүгэр өрөгөйдөөх сахалыы үҥкүүнү тардар… Оратория кылгас ис хоһооно итинник.

      Биһиги оройуоммут ыччата, урукку фестивалга «Күн тааһа» диэн балеты туруоран, киэҥ сэҥээриини, хайҕабылы ылбыта. Кэнники да уус-уран самодеятельноһы хас да көрүүлэргэ, народ­най театр туруорууларынан бардахпытына, биһиги үксүгэр ситиһиилээх төннөр буоларбыт. Быйылгы даҕаны фестивалга ити үгэс кэһиллибэтэ буоллар диэн, бу улахан коллектив бэлэмнэнэр үлэҕэ элбэх сыратын биэрбитэ өтө көстөр.

   Итиннэ бастатан туран орато­рия үҥкүүлэрин туруорбут Саха сирин биллиилээх балериналарыттан биирдэстэрэ Ксения Посельская үтүөтэ, көмөтө уһулуччу улахан. Ораторияҕа барыта тус-туһунан тоҕус суол үҥкүүлэр туруорулуннулар. Кинилэртэн ордук киһи хараҕар быраҕыллара, саҥалыы ойуулааҕа-бичиктээҕэ диэн Бүлүү хотун үҥкүүлэрин, отонньут кыргыттар уонна Тутааччылар үҥкүүлэрин бэлиэтиэххэ сөп. Оттон 8 тус-туһунан хорунан ырыаларга, 3-4 биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толорууларга куолаһы ис хоһоонугар сөптөөхтүк аттарыы, кэрэтик иһиллэр гына наардааһын үтүөтэ Мария Константиноваҕа тиксэр. Ырыаҕа-тойукка сыһыаннааҕы  манна барытын кини салайбыта. Толоруллубут хордартан «Үөр-көт, Ийэ сир», түмүк хор, “Саҥа, дьоллоох үйэҕэ», кыргыт­тар «һыт-тыа» мотивынан толорор ырыалара ордук үчугэйдик иһиллэллэр.

Оратория үҥкүүлэрин туруорааччы Аксения Посельская

Хормейстер, дирижер Мария Константинова

Ораторияны туруорууга оройуон араас муннуктарыттан фес­тиваль иккис туурун бастыҥ кыттааччыларыттан сүүмэрдэнэн ба­рыта 56 киһи кыттыыны ылла. Кинилэр ортолоругар араас идэлээхтэр: культура үлэһиттэрэ Анисия Донская, Марина Николаева, Елизавета Николаева, учууталлар Анатолий Васильев, Сера­фим Гоголев, үөрэнээччилэр И. Кривошапкина, Ю. Лукин, М. Ноттосов, А. Прокопьева, К. Саввинова уо.д. а. бэйэлэрин активнай кыттыыларынан бэлэмнэниигэ сүрүн күүс буоллулар.

Быйылгы фестивалга анаан бэлэмнэммит бу айымньы сүрүн уратытынан биирдиилээн толорооччуларынан буолбакка. ансамблларга, хордарга уонна бөлөҕүнэн толорооччуларга сүрүн болҕомто ууруллубута буолар.

Ол эрээри бука-барыта санаа хоту бэрт, кыайыы-хотуу бэлэм диир, бука, эрдэ буолуо. Бастакы туруоруулартан көрдөххө, өссө да ситэ чочуллубатах хамсааһыннар (үҥкүүһүттэргэ), ситэ сааһыламматах куоластар, дорҕооннор (ырыаһыттарга, музыканнарга) суох буолбатахтар. Маассабай сценалар харахха быраҕыллар курдук ыһыллаҕастар. Бииртэн биир нүөмэрдэр солбуһуулара сыыйа барыахтааҕа кыайтарбатах. Декорация, ордук оонньуу иккис чааһыгар (бука, сырдык таба бэриллибэтэҕиттэн буолуо), өлбөөркөй. Ити итэҕэстэр көннөрүллэр кыахтаахтар.

Онон, түмүкпүтүгэр, барыбыт ааппытыттан самодеятельность кыттыылаахтарыгар барыта суруллубут нота хоту лоп-бааччы барарыгар, эһигини көрөөччүлэр бүттүүн күргүөмүнэн «бис-бис!!» диэн эҕэрдэлиир буолалларыгар үтүө баҕарыыны этиэҕи баҕарыллар.

В. Сячиков.

“Коммунизм сардаҥата” хаһыат, 1965 сыл, бэс ыйын 17 к., 2-с сирэй.

Ораторияны туруоруу

1965 сыл — Саха сирин ыччатын III фестивала. Итиннэ бэлэмнэнии үрдүк күүрээннээхтик барар. Степан Дадаскинов «Уот туһунан тойук» либреттотын ораторияҕа кубулутуу саҕаланар. Муусуканы суруйууга мелодистар Георгий Никифоровы, Гавриил Кысылбаиковы, Николай Бойлоховы уонна Серафим Гоголевы түмэр. Балар кылгас кэмҥэ композицияны бэлэмнииллэр.

Ыччат фестивалыгар бу ораторияҕа көмөлөһө Дьокуускайтан балетмейстер Аксения Васильевна Посельская кэлэр. Кини манна оройуон талааннаах ыччатын 40-тан тахса хонук үҥкүүгэ бэлэмниир. Хотун Бүлүү уобараһын толоруу Анисья Капитоновна Донскаяҕа тиксибитэ. Кинини түөрт уол санныгар сүгэ сылдьан, Хотун Бүлүүгэ  сүгүрүйүү үҥкүүтүн толорбута.

Ораторияны  ситиһиилээхтик туруоран, Үөһээ Бүлүү ыччата өрөспүүбүлүкэҕэ III фестивальга бастаан турардаах.

А.Павлов-Дабыл.

 “Хотун Бүлүү”: дьыллар, дьоннор, айымньылар”

ыстатыйаттан быһа тардыы.

“Хатан”, 2018 с., 9-с №, 14-17 с. сирэйдэр.

Уот туһунан тойуктаах умнуллубат күннэр

Биһиги оройуоммут ыччата «Коммунистическайдыы олорор, үлэлиир иһин» диэн девиһинэн ыытыллар ыччат республикатааҕы III фестивалыгар саҥаттан саҥа куүһүнэн кытынна. Фестиваль маҥнайгы уонна иккис туурдарыгар хаһааҥҥытааҕар даҕаны ыччаттар активнай кыттыыны ылбыттара. Итиннэ Далыр орто оскуолатын комсомольскай тэрилтэтин, Исидор Барахов аатынан колхоз ыччатын уонна комсомолецтарын үрдүк активностарын бэлиэтиэххэ сөп.

Быйылгы фестивалга биһиги оройуоммут ыччата литературнай, музыкальнай конкурстарга уонна ойуулуур-дьүһүннүүр искусство выставкаларыгар баай матырыйааллары киллэрдэ.

Фестиваль маҥнайгы, иккис туурдарын кыайыылаахтарыттан Степан Дадаскинов «Уот туһунан тойук» диэн ораториятыгар элбэх ыччаттар уонна комсомолецтар кытыннылар. Кинилэр ортолоругар үөрэнээччилэр, культура үлэһиттэрэ, производство бастыҥнара, учууталлар, эмчиттэр уонна да атын араас идэлээхтэр кытыннылар. Фестиваль эппиэттээх күннэригэр үтүө көмөнү оҥорбуттарын иһин Далыр, Исидор Барахов аатынан орто оскуолалар коллективтарыгар тэрийэр комитет улахан махталы биллэрэр. Маны таһынан ыччат фестивалыгар, биһиги оройуоммут культурнай олоҕор улахан сыраларын, дьоҕурдарын биэрбит С. Гоголев, М. Константинова, Г. Кысылбаиков, кэскиллээх эдэр музыкант П. Семенов уонна оратория кылаабынай оруолун толорооччулар А. Донская, Д. Иванов, В. Кынатов, бэйэлэрин тустаах соруктарыгар эппиэттээхтик сыһыаннаһан, көрөөччүлэр үтүө биһирэбиллэрин ыллылар.

      Биһиги коллективпыт Якутскайга бэс ыйын 23 күнүгэр жюри иннигэр ити ораториятын көрдөрбүтэ.           

Фестиваль балаһыанньатын быһыытынан барыта 7 көрүҥҥэ түмүк таһаарыллыбыта, онно биһиги оройуоммут 20 баалы ылан, оройуоннар иккис бөлөхтөрүгэр бастакы миэстэни ылбыта. Ол иһигэр литературнай, музыкальнай  конкурстарга биһиги оройуоммутуттан киирбит матырыйааллар — I, ойуулуур-дьүһүннүүр искусство выставката — III, комсомольскай союзнай үлэ — I, профсоюзтар спартакиадалара III миэстэлэргэ тигистилэр.

Г. Кысылбаиков, С. Гоголев, Г. Никифоров музыкальнай айымньылара уонна ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа А. Прокопьев илиинэн оҥоһуктара фестиваль  республикатааҕы тэрийэр комитетынан улаханнык биһирэннилэр.

Фестиваль түмүгүнэн, биһиги туруорбут ораториябыт идейнэй өттүнэн олус үчугэйин уонна биирдиилээн толорооччулар ситиһиилэрин сыаналаан, республикатааҕы тэрийэр комитет 33 кыттыылааҕы лауреат грамотатынан наҕараадалаата. Фестиваль I-II степеннээх дипломнарынан 5 киһи наҕараадаланар чиэскэ тигистилэр.

Октябрьскай революция кыайбыта 50 сылын туолуутугар аналлаах Саха сирин ыччатын IV фес­тивала 1967 сылга ыытыллыаҕа. Онно бэйэбитигэр баар талааннары өссө сайыннаран, кинилэри сөптөөхтүк туһанан, биһиги оройуоммут комсомолецтара уонна ыччаттара III фестивалга улахан сыраларын ууран ылбыт көһө сылдьар Кыһыл знамяларын чиэстээхтик көмүскүүр, атыттарга былдьаппат курдук айымньылаахтык үлэлииргэ эбээһинэстэнэллэр.

П. МИХАЙЛОВ,

фестиваль оройуоннааҕы тэрийэр комитетын председателин солбуйааччы.

“Коммунизм сардаҥата” хаһыат, 1965 с., от ыйын 13 к., 2-с сирэй.

Талааннары сайыннарда

Биллэрин курдук, Саха сирин ыччатын үһүс фестивалын маҥнайгы тууругар бэлэмнэнииттэн саҕалаан III туур түмуктэниэр диэри сыл аҥарын кэриҥэ бириэмэ барда. Итиччэ уһун бириэмэҕэ фестиваль үс туурдарыгар бэлэмнэнии уонна ыытыы талааннары булан таһаарыыга уонна сайыннарыыга улахан оруолу оонньоотулар диэн саныыбын.

Мин орто оскуоланы, онтон салгыы культурнай-сырдатар училищены бүтэрбитим. Ити бириэмэҕэ дэҥ-хаадьаа кыра үҥкүүлэри толорор этим. Олорго холоотоххо бу фестиваль II уонна III туурдары­гар уһуннук бэлэмнэнним уонна уустук үҥкүүлэри толортоотум. Бу фестивалга кыттаары II туурга бэлэмнэнииттэн саҕалаан барыта 3 ый устатыгар дьарыктанным.

«Уот туһунан тойук» диэн ораторияҕа Бүлүү хотун үҥкүүтүн үөрэтиигэ миигин уонна атын үҥкүүһүттэри барыларын республика биллиилээх балерината Ксения Посельская бүтүн биир ый устатыгaр эрийбитэ. Ити бириэмэ устатын тухары биирдиилээн кыттааччылары да, үҥкүүһүттэр улахан бөлөхтөрүн да саҥа үҥкүүгэ үөрэтии, биирдиилээн бэлэмнээн баран, кинилэри аттаран биир бөлөх оҥоруу ньымаларын балачча элбэҕи биллибит.

Итилэри тэҥэ биирдиилээн ырыалары уонна хордары тус-туспа, музыкатын туспа бэлэмнээһин, ол кэнниттэн дьэ ырыалары, хордары, үҥкүүлэри, музыканы барыларын биир сыаллаах, чопчу ис хоһоонноох айымньыны көрдөрөр улахан коллективка түмүү бэлэмнээччилэртэн, салайааччылартан улахан дьоҕуру, дьаныары эрэйбитэ биллэн турар.

Ити барыта биһигини элбэххэ үөрэттэ. Итинэн фестиваль элбэх ыччаты, ол иһигэр үксүн культура үлэһиттэрин тарта, эдэр талаанна­ры булан таһаарда уонна сайыннарда.

Мин бэйэм, культура үлэһитэ буоларым быһыытынан, бу ааспыт фестиваль биһиэхэ дьоһуннаах үөрэх, оскуола буолла дии саныыбын.

Мин бу фестивалга бэлэмнэниигэ уонна ыытыыга кыттыым ыччат талааннарын сайыннарыыга, концердары туруорууга, үлэһиттэр культурнай сынньалаҥнарын тэрийиигэ бэйэм үлэбэр инники өттүгэр мэлдьи көмөлөһүөҕэ.

Анисия ДОНСКАЯ,

Туобуйа сельскэй кулуубун сэбиэдиссэйэ,

Саха сирин ыччатын үһүс фестивалыи кыттыылааҕа.

“Коммунизм сардаҥата” хаһыат, 1965 с., от ыйын 13 к., 2-с сирэй.

Киэн туттабыт

Степан Дадаскинов «Уот туһунан тойук» диэн ораторията дириҥ ис хоһоонноох, киэҥ кэми арыйан көрдөрөр. Бу ораториянан биһиги ыччаппыт Саха сирин ыччатын III фестивалыгар кытынна. Бу улахан ситиһии.

Ораторияҕа Бүлүү Хотун оруолун Туобуйа сельскэй кулуубун сэ­биэдиссэйэ Анисия Донская толорбута. Бүлүү Хотун обраһа көрөөччүлэргэ тиийимтиэ уонна кэрэхсэбиллээх.

Ороһутааҕы сельскэй кулууп үлэһитэ Дмитрий Иванов булчут саха обраһын эмиэ кэрэхсэбиллээхтик толордо. Ырыаһыттар Борис Шарин, Илья Давыдов, Иван Ива­нов, үҥкүүһүттэр Анатолий Васи­льев, Василий Кынатов эдэр талааннара сайдан иһэрин бу ораторияҕа чаҕылхайдык көрдөрдүлэр.

Биһиги оройуоммут ыччата ити ораториятынан республика үгүс көрөөччүлэрин үтүө сыанабылларын ылла уонна Көһө сылдьар Кыһыл знамялаах эргиллэн кэллэ.

Ити биһиги барыбыт киэн туттуубутунан буолар. Ыччат кэлэр IV фестивалыгар бэйэбит ыччаттарбытыттан өссө айымньылаах үлэни, ситиһиини кэтэһиэхпит.

О. ФЕДОРОВА,

оройуоннааҕы библиотека сэбиэдиссэйэ.

“Коммунизм сардаҥата” хаһыат, 1965 с., от ыйын 13 к., 2-с сирэй.

Музыканнар бөлөхтөрө

Оҕонньор - Дмитрий Иванов I-кы хартыына

Хараҥа күүстэр. I-кы хартыына

Кыһыл күүстэр. I-кы хартыына

Политссыльнай уонна оҕонньор көрсүһүүлэрэ. I-кы хартыына

Оҕонньор - Дмитрий Иванов. I-кы хартыына

Кыһыл күүстэр кыайыылара. I-кы хартыына

Политссыльнай - Василий Кынатов

Бүлүү хотун - Анисия Донская. I-кы хартыына

Бүлүү хотун - Анисия Донская.

Маассабай сцена. Ыччаттар. Хор. I-кы хартыына

Бүлүү алмааһын булуу. I-кы хартыына

I-кы хартыына бүтэһик хора

"Бүлүү долгуннара" үҥкүү. II-с хартыына

Чороонноох үҥкүү. II-с хартыына

Геологтар үҥкүүлэрэ. II-с хартыына

Тутааччылар үҥкүүлэрэ. II-с хартыына

Бэһиэлэй шофер - Иван Семенов

Хор. II-с хартыына

Оҕонньор - Дмитрий Иванов

Шофер - Иван Семенов

Хор

Бүтэһик хор. II-с хартыына

ССРС култууратын туйгуна Илья Евсеевич Давыдов дьиэтээҕи альбомуттан хаартыскалар туһанылыннылар