Бэйиэт, тылбаасчыт Николаев Александр Николаевич төрөөбүтэ 110 сылыгар

ОЛОҔУН КЭПСЭЭНЭ

(1916-1974)

Николаев Александр Николаевич атырдьах ыйын 25 күнүгэр 1916 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонун 1 Боотулуу нэһилиэгэр орто бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1925 сыллаахха 1 Боотулууга оскуолаҕа киирбит. Манна түөрт сыл үөрэммит. Бэһис, алтыс кылааһы  Далыр оскуолатыгар түмүктээбит. 1930-1931сс сэттис кылаас оннугар Бүлүү техникумугар бэлэмнэнии курсун ситиһиилээхтик бүтэрэн, Якутскайдааҕы педагогическай техникумҥа үөрэнэ киирэр.  1935сылга техникуму бүтэрэн баран, бэйэтин үлэтин Бүлүүтээҕи Н.Г.Чернышевскай аатынан педтехникумҥа саха тылын уонна литературатын учууталынан саҕалаабыта. 1938 сылтан Үгүлээт сэттэ кылаастаах оскуолатыгар саха, нуучча тылын учууталынан үлэлиир. Учуутал тиийбэтинэн сибээстээн, сороҕор биология, уруһуй, ырыа уруоктарын 5-7 кылаастарга үөрэтэр.

       Александр Николаев 1941 сыллаахха Советскай Армияҕа ыҥырыллан, 1943 сылга диэри Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Волховскай фроҥҥа ытык иэһин чиэстээхтик толорор. Кини 163 стрелковай полкаҕа минометчигынан сулууспалыыр. Сэрииттэн эргиллэн кэлээт, Бүлүү куоратын оскуолатыгар, онтон Күүлэт сэттэ кылаастаах оскуолатыгар учууталынан уонна завуһунан үлэлиир.  1947 сыллаахха кэргэнинээн Петрова Александра Ионовналыын Үөһээ Бүлүүгэ ананан кэлэллэр. 1947 сылтан 1950 сылга диэри Якутскайдааҕы учительскай институкка нуучча тылын факультетыгар салгыы үөрэммитэ. Үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрэн баран Тойоку, Маҥаас оскуолаларыгар , Үөһээ Бүлүү  Исидор Барахов аатынан оскуолтыгар завуһунан, директорынан , нуучча тылын учууталынан олоҕун тиһэх күннэригэр диэри үлэлээбитэ.

   Александр Николаев айар үлэтин бэрт эрдэттэн саҕалаабыт. 1932 сыллаахха баара-суоҕа 16 саастааҕар поэт Ф.П.Винокуров-Даадар хомуйан таһаарбыт «Кыайыы кыымнара» диэн кинигэтигэр А.Николаев диэн бэрт хомоҕой тыллаах-өстөөх эдэр автор хас да хоһооно бэчээттэммит. 1934 с. «Кыһыл ыллык» сурунаалга тахсыбыт «Чыычаах» диэн хоһооно кэлин ырыа буолан тарҕаммыта.

        Бүлүү педучилищетыгар үлэлиир сылларыгар бэйэтэ литературнай куруһуок тэрийэн, талааннаах ыччаты бэйэтин тула түммүтэ, айар үлэ алыптаах эрээри эндирдээх, эрэйдээх ыллыгар угуйан таһаарбыта. Ону туоһулуур үгүс ахтыылар бааллар.

 Холобура, аҕыйах ахтыыттан быһа тардыылары ааҕан көрүөҕүҥ. Сунтаар оскуолатын учуутала Н.Саввинов  “Күндүтүк саныыбын” диэн ахтыытыгар маннык строкалар бааллар : «Студеннар ортолоругар улахан убаастабылынан саха тылын учуутала Александр Николаевич Николаев туһанара. Кини бэрт холкутук туттан туран, сүр наҕыллык саха суруйааччыларын айымньыларын сиһилии ырытара… Ити сылларга училище студеннарыттан оройуон хаһыатыгар Петр Тобуруокап, Савва Федоров, Гаврил Лазарев о.д.а. хоһооннорун бэчээттэтэллэрэ. Ол бириэмэҕэ үөрэммит студеннартан ученайдар, суруйааччылар, журналистар, саха тылын учууталлара иитиллэн тахсыбыттара түбэспиччэ буолбатах. Маныаха Александр Николаевич өҥөтө улахан ».(«Ильич уоттара» хаһыаттан).

         Советскай Союз Геройа, республика биллиилээх журналиһа Николай Алексеевич Кондаков «Элэс гыммыт сылларым» диэн улахан ыстатыйатыгар киэҥник-куоҥнук бэрт истиҥник ахтыбыт: «Саха тылын үөрэтэр Александр Николаев-бэйэтэ ураты суоллаах-иистээх учуутал. Кэпсиирэ үчүгэйинэн биһигини охтороро. Төбөтүн кыҥначчы быраҕан туран, иирсибэтэх утаҕы оргууйдук сыыйан эрэрдии, уустаан-ураннаан кэпсиир.Кини кэпсииригэр грамматика сокуона да ырыа-хоһоон курдук тахсарга дылы. Быраабыланы бигэргэтэр холобурдара наар кынаттаах этиилэр, ох тыллар буолаллара.

       Уус-уран айымньы ааҕар манерата эмиэ туспа. Куолаһы эҥин-дьүһүн кубулутан артыыстаан ааҕар буолбатах. Көннөрү наҕыллык, ис киирбэхтик ааҕар. Оччолорго Кулаковскай,Софронов суруйуулара ханна да суохтара. Онон “Ойуун түүлүн”, “Өрүс бэлэхтэрин”, “Дьадаҥы Дьаакыбы”, “Тапталы” учууталбыт ааҕыытынан үөрэппиппит».

     А.Николаев бэйэтэ хоһоон суруйарынан эрэ муҥурдамматаҕа. Кини уус-уран тылбааска холонуута 50-с сыллар бүтүүлэриттэн саҕаламмыта. Хаһыат саһарбыт страницаларыттан көрдөххө, оскуола аһыллыытыгар анаан, татаар норуотун уһулуччулаах демократ-поэта Габдулла Тукай суруйбут “Аҕа уонна уол” диэн хоһоонун тылбааһа “Коммунизм сардаҥата” хаһыакка 1959 сыллаахха тахсыбыт.

         Александр Николаевич нуучча поэттарын хоһооннорун өр сирийэн ааҕара, этигэр-хааныгар иҥэрэрэ, дьэ ол эрэ кэнниттэн тылбаастыыра. Нуучча сирин биир бастыҥ өйдөөхтөрө Алексей Васильевич Кольцов ырыаларыгар уонна хоһоонноругар бааһынай аймах ис санаатын этэрин, кини айымньыларын геройдарынан сырайдаан үлэһит норуот өй-санаа өттүнэн күүһүн-күдэҕин, нуучча национальнай характера илэ-чахчы ойууламмытын көрбүттэрэ. Кини айымньыта нуучча литературата сайдыытыгар сүҥкэн суолталаах этэ. А.Кольцов хомуурунньугар 180 хоһоон баар. Ол хоһооннортон А.Николаев биэс хоһоону тылбаастаан хаалларбыт: “Оҕонньор ырыата”, “Киһи”, “Кэлээр миэхэ”, “Эн оруос, суугунаама”, “Үтүө дьоннор, этиҥитиий”. Бу тылбаастар чочуллубут уус-уран формалаахтар, интонация өттүнэн баай өрүттээхтэр. “Хаһан эрэ Кольцов ырыалара нуучча сирин бары муннуктарыгар ылланар кэмнэрэ кэлиэҕэ”-, диэн В.Г.Белинскэй суруйбута. Ити өтө көрүү туолла. Кольцов ырыаларын, хоһоонннорун саха норуота эмиэ билистэ.

         60-70-с сылларга Саха сиригэр нуучча суруйааччылара элбэхтик кэлэллэрэ, айар үлэлэрин кытта билиһиннэрэллэрэ. Ол курдук 1964 сыллаахха бэс ыйыгар оччотооҕу РСФСР суруйааччыларын союһун бырабылыанньатын секретара Сергей Алексеевич Баруздин Үөһээ Бүлүүгэ кэлэ сылдьыбыт. Кини үгүс кинигэтэ атын омуктар тылларыгар тылбаастаммыттара. Ол иһигэр А.Николаев Сергей Баруздин  “Биһиги киһибит Өлүөскэ” диэн сэһэнин тылбаастаан “Коммунизм сардаҥата” хаһыакка бэчээттэппит. Хаһыакка С. Баруздин автограф суруйан хаалларбыт: “Дорогой Александр Николаевич! Душевное русское Вам спасибо! Передайте мой добрый привет Вашим ученикам!  Ваш С.Баруздин. с.Верхневилюйск, 27 июня 1964г.”

 А.Николаев Пушкин, Рылеев, Кольцов, Никитин, Лермонтов, Есенин, Твардовскай онтон да атын поэттар хоһооннорун бэркэ табыллан тылбаастыыра. Пьесалар диэн кинигэҕэ түөрт кыра формалаах пьесаны, М.Ю.Лермонтов “Ашик Кериб” диэн остуоруйатын, И.А.Крылов 55 үгэтин, С.В.Михалков “Дядя Степа” поэматын тылбаастаабыта туспа тахсыбыттара. Бэйэтэ суруйбут хоһоонноро “Тыытымаҥ чыычаах уйатын” уонна  “Дорообо, добун халлаан” диэн туспа кинигэ буолан тахсыбыта.

     Оҕолорго анаан суруйбут хоһоонноро ураты истиҥнэр, оҕо өйүгэр хатанар баай, ылбаҕай тыллаахтар. Төрөөбүт дойдутун, үөскээбит үйэтин, күн сирин олоҕун умсугуйа таптыыра үгүс хоһоонноруттан көстөр.

    Александр Николаевич үгүс хоһооно иитэр-үөрэтэр суолтата күүстээх. Поэт ис киирбэх тылынан өйдөнүмтүө гына чопчу оҕоҕо анаан этэр:

    Оттон ыла «үскэ» сыыллар

    Омсоҕолооҕун амсайдым,

Үөрэхпэр аны кыһаллар

   Үрдүк сыалы ылынным.                        («Үс сыана туһунан»)

         Учуутала Гоша уолу

         Улаханнык сэмэлээтэ:

         «Маннык буолбат, доҕоччугуом,

         Художник тэтэрээтэ.

                            Художник үлэлэрэ

                            Выставкаҕа тахсыахтаахтар,

                            Оттон бу тэтэрээттэрэ

                            Олус ыраас буолуохтаахтар!

А.Николаев үгүс хоһоонугар оҕо кыра эрдэхтэн чэгиэн-чэбдик буоларыгар баҕарар. Холобур, «Кырачаан хайыһардьыттар»:

Поэт үлэ иитэр суолтатын түһэрбэт. Кини геройдара оҕолор үлэлээн,  олоххо көдьүүстээх оҕолор үүнэллэр.

Поэт үгүс хоһооно, холобур, «Дорообо, оскуола», «Чуораан», «Мин дойдум», «Пушкин», «Баһыыба оскуола» о.д.а. үөрэммит оскуолаҕа махталы, Ийэ дойдуга тапталы иитэр.

Ханнык баҕарар суруйааччы ийэ айылҕатыгар анаан суруйбут хоһооннордоох буолар. Александр Николаев оҕолорго анаан айылҕа, олох уустук көстүүлэрин судургутук, өйдөнүмтүө гына суруйар.

«Тыытыма чыычаах уйатын»                   

                   Чыычаах көтөн, чырыптаан

                   Кэлэр манна сыл ахсын,

                   Тумсутунан  нарылаан

                   Туттар дьоҕус уйатын

                                                        Сымыыт баттаан барбакка,

                                                        Сытар чыычаах барахсан,

                                                        Ийэ истиҥ таптала

                                                        Итиччэнэн улуукан.

                   Оонньуу сылдьан мэниктээн

                   Уолчаан, манны тыытыма

                   Дьоҕус ыалыҥ кэскиллээх

                   Дьолун тоҕо тардыма.

                                                        Күндү көмүс уйатын

                                                        Көҥүл көрдүн-иһиттин

                                                        Үгүс кэрэ ыччатын

                                                        Үрүҥ күҥҥэ көтүттүн!

Александр Николаев оҕоҕо аналлаах хоһоонноро тулалыыр эйгэни оҕо хараҕынан көрөр, онон кини хоһоонноро судургу тылынан, өйдөнүмтүө гына суруллубуттар.

Бу хоһооннор ураты истиҥнэр, оҕо өйүгэр хатанар баай, ылбаҕай тыллаахтар. Төрөөбүт дойдуну, үөскээбит үйэни, күн сирин умсугуйа таптыырга ыҥыраллар, оҕо кыра эрдэҕиттэн бэйэтин быһыытын- майгытын сыаналанар буола улаатарыгар үөрэтэр.

Александр Николаев хоһооннорун 1-2 кылааска кылааһы таһынан үлэҕэ туһаныахха сөп.

Хайа баҕарар учуутал үөрэнээччи махталын ыллаҕына, бэйэтин дьолллооҕунан ааҕынар. “Дорообо, добун халлаан” диэн кинигэ тахсыбытын үгүс үөрэнээччилэрэ айхаллыы көрсүбүттэрэ. “Эдэр коммунист хаһыакка”  ССРС журналистарын союһун чилиэнэ С.Саввинов “Дорообо учууталбыт” диэн ыстатыйатын ааҕабыт: “Кини биһигини уус-уран тылы таптыырга, харах харатыныы харыстыырга ыҥырара. “Сардаҥа” литературнай куруһуогу тэрийбитэ. Онно дьарыктанар оҕолор ортолоругар Савва Тарасов, прозаҕа балачча хонноктоохтук киирсэн иһэн эдэр сааһыгар өлбүт Иван Иванов – Куудараас, журналист Егор Афанасьев о.д.а. бааллара. Аан бастакынан кинилэргэ төрөөбүт тылга төлөннөөх таптал кыымын А.Николаев сахпыта. Поэт тылга дириҥ ытыктабылынан сыһыаннаһарын, биһигини айар тылы харыстыырга үөрэтэрин бу строфаны ааҕа олорон санаан кэллим:

                                      Тыллар, тыллар –

                                      Тыһыынчанан тыллар…

                                      Өлбөт үйэлээхтэр,

                                      Өрүү тыыннаахтар.

Бу кинигэ тахсыыта биһигини тапталлаах учууталбытын кытта көрүһүннэрбитин кэриэтэ буолла.”

         Александр Николаевич өссө эдэр автордарга сүбэ-ама биэрэрэ, үөрэнээччилэрэ литературанан дьарыктаналларын куруук өйүүрэ. Хаһыакка араас ис хоһоонноох ыстатыйалары бэчээттэтэрэ.

         Лев Николаевич Толстой “Хаджи Мурат” айымньытын өр сылларга дьаныһан туран тылбаастаабыта. Бу үлэтэ күн сирин көрдөҕүнэ, кини бэйэтин норуотугар сүҥкэн бэлэҕэ буолуоҕа.

         “Александр Николаев айымньылара эдэр ыччакка ананан, истиҥ иэйиилээхтик, кэрэтик, сырдыктык суруллубут. Ол сырдык айымньылары илдьэ сылдьыбыт дьоллоох киһи этэ А.Николаев. Поэт ол дьолун бу кинигэлэринэн кэриэс хаалларда,-”диэн суруйбут СГУ старшай преподавателя Е.Сидоров.

Ахтыыларга олоҕуран суруйда кыыһа Мария Николаева.

2016 с.

ПОЭТ, ТЫЛБААСЧЫТ АЛЕКСАНДР НИКОЛАЕВ

Автор туһунан аҕыйах тыл

Умуннарбат эрэ курдук өтөр соҕус буола-буола, оройуоннааҕы хаһыат редакциятыгар оргууй аҕайдык, чуумпу баҕайытык төгүрүк ачыкылаах аҕамсыйа барбыт киһи киирэн кэлэрэ. Дьоҕус сиэккэни тутааҕыттан эрбэҕэр иилэн баран хаҥас илиитигэр эрийэ тута сылдьар буолара.

—  Хайа диэки хаамтардыҥ?

—  Ээ, килиэп ыла таарыйа…

—  Туох эмэ кэһиилээх буолан таарыйдыҥ ини…

—  Соччолоох туох кэлиэй. Бу биир хоһоону бооччойбуппун дьоҕойон аҕаллым. Бэйэҕит көрүҥ — туох эмит тахсыыһыа?

Дьэ ситинник сэмэй киһи этэ — бу кинигэ автора Александр Николаевич Николаев.

Алта уонча сыллааҕыта Үөһээ Бүлүү оройуонугар төрөөбүтэ. Өссө Бүлүү куоратын педтехникумугар үөрэнэ сырыттаҕына, учуутала поэт Даадар кини хоһооннорун хайгыыра.

Талах ойуур быыһынан

Тахсан хааман испитим,

Ити чыычаах ырыатын

Иһиллээммин турбутум —

Чыбы-чиби чыып-чаап

Ыллаабыта чыычаах, —

диэн урут бэркэ тарҕаммыт ырыа баара, ол тылларын А. Николаев суруйбута уонна 1934 сыллаахха “Кыһыл ыллык” сурунаалга бэчээттэппитэ. Итини таһынан кини сорох хоһоонноро 1932 сыллаахха (16 саастааҕар!) Даадар хомуйан оҥорбут “Кыайыы кыымнара” диэн коллективнай кинигэҕэ тахсыбыттара. Онтон бэттэх республика хаһыаттарыгар, сурунаалыгар үгүс хоһооно, тылбаастара бэчээттэнэр этилэр. Пушкин, Рылеев, Кольцов, Никитин, Есенин, Твардовскай, о.д.а. поэттар хоһооннорун бэркэ табыллан тылбаастыыра. “Пьесалар” диэн кинигэҕэ түөрт кыра формалаах пьесалары, М. Ю. Лермонтов “Ашик Кериб” диэн остуоруйатын, И. А. Крылов 55 үгэтин, С. В. Михалков “Дядя Степа” поэматын тылбаастаталаабыта туспа тахсыбытгара.

—  Бэйэҥ хоһоонноргун кинигэ оҥорон издательствоҕа киллэриэххэр сөп буолла, — диир буоларым. Бүлүү педтехникумугар Александр Николаевичка үөрэммит Петр Тобуруокап эмиэ инньэ диирэ.

—  Ылыныахтара биллибэт ээ… Күүтэ түһүөм, күттүөннээх соҕуһу эбии суруйбут киһи, — диэн онно хардарара. Кэм- кэрдии ону күүтэн турбатаҕа — аҕыйах сыллаахха Александр Николаевы ыарахан ыарыы илдьэ барбыта…

Билигин хоһооннорун хомуйан, сааһылаан баран ааҕан көрдөххө, киһини кэрэхсэтэр, ааҕааччыны астыннарар кинигэ тыыннааҕына да тахсыа эбит. “Дорообо, добун халлаан” диэн сорох хоһооннорун бу хомуурунньугун кытта билсистэххэ, автор хабар эйгэтэ сүрдээх киэҥ, манна көлүүр атыттан сир аргыһыгар тиийэ, байыаннай хочулуоктан поэзия уонна олох туһунан дириҥ санааларга тиийэ суруйар. Түөрт уонча сыл саха, нуучча тылларын, литератураларын үөрэппит учуутал оскуолатын эмиэ умнубат — күндүтүк саныыр:

Уон тоҕустаах сааспыттан

Оҕонньор буолуохха диэри,

Учууталтан, оскуолаттан

Уурайа, тохтуу иликпин.

Уһун олоҕум дьолун

Учууталлаан мин буллум.

Ити аата оскуола

Иккис дьиэм курдук буолла, —

итинник тыллары “Учуутал” диэн хоһоонутар мээнэҕэ эппэт.

Автор бэркэ биллэр да суолу хайдах эрэ эргитэн, ардыгар көрүдьүөстүк иэҕэн, ааҕааччы өйүгэр-санаатыгар хаалар курдук этэн таһаарары сатыыр. Холобура, биһиги радионы күн ахсын истэбит, ардыгар салҕан арааран кэбиһэбит. Отгон ону А. Николаев букатын атыннык — сөҕө, ытыктыы истэр эбит.

Салгыҥҥа кыйдаммыт

Саҥа дорҕоонун

Халлаан анныттан

Хабан ылан,

Адьас иһиллибэти

Айдаарар гынан,

Отой иһиллибэти

Ордоотуур оҥорон —

Дойду, сир аайы

Дуоратта,

Ыал, дьиэ аайы

Ыллатта.

Инньэ гынан —

Тыһыынча көстөн

Тыыналлара иһилиннэ,

Муора уҥуортан

Музыкалара кэллэ!

(“Радио”)

Ааҕан эрэ баран, кырдьык даҕаны, оннук эбээт дии саныыгын.

“Көлүөһэ туһунан күппүлүөттэргэ” ааҕабыт:

Көтөҕөммүн кыайбатахпын,

Көхсүм сүгэн уйбатаҕын

Көлөөскөҕө тиэйдэхпинэ

Күүһүрэрбин көрүөҥ этэ.

Мотоцикл көлүөһэлээх,

Мотороллер көлүөһэлээх,

Велосипед көлүөһэлээх,

Бэл бу орон көлүөһэлээх.

Паровозка тиһиллэннэр

Баһаан элбэх вагон дьиэлэр,

Көлүөһэлэр эргитэннэр

Күргүөмүнэн элээрэллэр.

Орон кытта көлүөһэлээх диэн, паровозка тиһиллибит дьиэ­лэр күргүөмүнэн элээрэллэр диэн көрдөөхтүк этиллибит тыллар хоһоону ордук чугас, истиҥ оҥороллор. Хоһооннору минньитэр, ааҕааччыны мүчүҥнэтэр итинник бэргэн этиилэри бу кинигэҕэ үгүстүк көрсүөххэ сөп. “Кынаттааҕым буоллар мин” диэн хоһоонугар автор бэрт элбэҕи ыралана саныыр, онтон:

Кынаттааҕым буоллар мин…

Кэбис, хаһан даҕаны

Кэлбэт суолу туойабын,

Атахтаахпар даҕаны

Алыс үөрэ сылдьабын! —

диэн соһуччу эмиэ көрдеөх-күлүүлээх, олоххо, сиргэ таптал туһунан өйдөтөр түмүгү оҥорор.

А. Николаев хоһоон ис хоһоонугар сөп түбэһэр форманы таба булар. Ылан көрүөҕүҥ “Сибиир” диэн хоһоону. Онно автор поеһынан айаннаан иһэн саныыр:

Күнүс Сибиир,

Киэһэ Сибиир,

Бүгүн Сибиир,

Сарсын Сибиир.

Илин хайыс —

Илин Сибиир,

Арҕаа хайыс —

Арҕаа Сибиир.

Сибиир диэн сир —

Оннук киэҥ сир.

Кырдьык даҕаны, бу хоһоон кылгас сүһүөхтэрдээх, биир тэҥ кээмэйдээх тыллара поезд айаннаан лигиргэтэн иһэр ритмигэр оруобуна сөп түбэһэллэр буолбат дуо? Хоһоону хрестоматияҕа киллэрэр буоллар, биһиги дойдубут киэҥин-дэлэгэйин туһунан өйдөбүлү оҕолор тута ылыныа этилэр.

Кинигэҕэ киирбит хоһоонноругар Аҕа дойду сэриитигэр баас ылбыт фронтовик сэрии уонна эйэ тустарынан этитэлээбитэ эмиэ кэрэхсэбиллээхтэр. Били “кынаттааҕым буол­лар” диэбитигэр дылы, кынаттаах үйэҕэ олорон ааспыт автор космоһы баһылаабыт хотойдору, кинилэри ииппит Ийэ сирин үрдүк үөрүүлээхтик уруйдуур-айхаллыыр.

Александр Николаев киэҥ литературнай билиилээх киһи этэ. Ким баҕарар айымньытын бэркэ кичэйэн, кыһанан-харыстаан туран ырытара, үчүгэй өттүн киһини үөрдэр гына, мөлтөөх өтгүн киһини өһүргэппэт гына сатаан ыпсаран чуолкайдык ыйара. Ол сиэринэн бэйэтэ тылга эмиэ олус ытыктабыллаахтык сыһыаннаһара, наһаа нарылаан-сыымайдаан, бытааннык, өр суруйара. Ол сыһыанын “Тыллар диэн хоһоонун бу строкалара даҕаны туоһулууллар:

Тыллар, тыллар —

Тыһыынчанан тыллар…

Өлбөт үйэлээхтэр,

Өрүү тыыннаахтар —

Сүүһүнэн сылларга

Сүтүмүөхтэр,

Үтүмэн кэмнэргэ

Өһүмүөхтэр.

Бу билигин баар дьон

Бука бары даҕаны

Буордаммыттарын иһин —

Кинилэр олохторун,

Килбиэннээх дьыалаларын

Кэнэҕэски кэмнэргэ,

Кэнчээри ыччакка

Кэпсээн биэриэхтэр

Кинилэр буолаллар!

Дьэ ити тылларын көмөлөрүнэн кини хоһоону кыһанан-мүһэнэн, ураннык чочуйан суруйара, араас форманы, кээмэйи тутуһара. Манна киирбит омонимическай рифмалаах хоһооннорун аахтаххына — сатаан ыпсардахха, сааһылаан оҥордоххо, саха тыла баайын, кэрэтин, ырыа курдук ылбаҕайдык иһиллэрин дьэ өйдөөбүт кэриэтэ буолаҕын.

Биир хоһоонугар поэт ыйытар:

Хаһааҥҥы эрэ доҕоттор,

Ханна-ханна бааргытый,

Хайа дьэ хайдах олорор,

Хас ыччаттаах ыалгытый?

Билэн бөҕө, атастарыам,

Ыккардыбыт иэннээҕин,

Баҕарабын — бу мин ырыам

Эҕэрдэбин тиэрдиэҕин.

Ол хойутаабыт эҕэрдэтин бу кинигэ хоһоонноро кини бииргэ үөрэммит, сэриилэспит, үлэлээбит үөлээннээхтэригэр, үгүс ахсааннаах бэйэтэ үөрэппит оҕолоругар, өссө ол оҕолорун оҕолоругар даҕаны тиэрдэллэригэр саарбаҕаламмат. Бу хомуурунньукка киирбит “Бүтүүтэ” диэн омонимическай рифма-лаах хоһоон хайдах эрэ Александр Николаев кэриэһин курдук иһиллэр уонна:

Чэ, бакаа, быраһаай, Ийэ сир —

Ырыабын, баҕар, ыл, баҕар, сир! —

диэн строкаларынан бүтэр. Мин Александр Николаев хоһооннорун Ийэ сирин оҕолоро — саха ааҕааччылара сириэхтэрэ суоҕа, ылыныахтара диэн эрэнэ саныыбын.

  1. Умнуллубат үтүөлээх

Александр Николаевич Николаев, учуутал буолан элбэх ыччаты үөрэппитинэн эрэ буолбакка, бэйэтин талааннаах айар үлэтинэн улахан ытыктабыллаах, саатар төрөөбүт оройуона умна охсон биэриэ суохтаах киһитэ этэ. Кини М. Лермонтов “Ашик-Кериб” диэн остуоруйатын, С. Михалков “Дьээдьэ Степа” диэн поэматын, И. А. Крылов 55 үгэтин туспа кинигэлэринэн уонна түөрт кыра формалаах пьесаны биир хомуурунньукка тылбаастаталаан таһаартаабытын санатан туран, бэйэтин улахан дьоҥҥо хоһооннорун “Дорообо, добун халлаан!” (1977 сыл, тирээһэ 5000 экз.), оттон оҕолорго хоһооннорун “Тыытымаҥ, чыычаах уйатын” (1979 сыл, 25000 экз.) диэн кинигэлэрэ ааҕааччылар истиҥ биһирэбиллэрин рес­публика үрдүнэн ылбыттара — түргэнник атыыланан бүппүттэрэ, оттон сорох хоһоонноро үөрэх хрестоматияларыгар киирбиттэрэ. Лев Толстой “Хаджи Муратын” сахалыы тылбаастаабытын  Дьокуускайдааҕы кинигэ издательствота ылымматаҕа (П. И. Егоровка рецензиялата биэрбиттэрин сөбүлээбэтэх этэ) — ол хаалбыт кумааҕыларын архивыгар баар буолуохтаах. Тылбаастыырга ити олус ыарахан сэһэн этэ: “ваше императорское величество”, “его высокопревосходительство”, о.д.а. эриирдээх-мускуурдаах тылларга варианнары була сатыырбытын өйдүүбүн эрээри, сөбүлэһэн биир түмүккэ кэлбэтэхпит быһыылаах этэ…

Миэхэ Дьокуускайдааҕы педтехникум студеннара (литературнай куруһуок чилиэннэрэ буолуо) 1935 сыллаахха түспүт хаартыскалара баар. Кинилэр ортолоругар поэттар Пантелей­мон Тулааһынабы, Афанасий Бурцевы, Иван Арбитаны, Александр Николаевы (төрдүөн бииргэ, кэнники иккилэр — кэккэлэһэ тураллар) уонна учууталларын Н. Н. Павлов-Тыаһыты, В. М. Новиков-Күннүк Уурастыырабы булан көрөттүөххэ сөп. Бу куруһуок чилиэннэрэ “Кыыһар сардаҥа” диэн илиинэн суруллан тахсар сурунааллаахтар эбит. Онно И. Арбита Н. Клюевтан биир тылбааһа, бэйэтин икки хоһооно, биир кэпсээнэ, Александр Николаев “Лааҕырга” уонна “Чыычаах” диэн хоһоонноро бааллар. Оскуола тэтэрээтин 60 страницатыгар 10 автор 19 айымньытын олус үчүгэй буочарынан чэрэниилэнэн, латинскай алфавитынан И. Арбита уон­на А. Николаев суруйбуттар — буочардарын билэбин.

Александр Николаев “Чыычаах” диэн хоһооно ырыа буолан киэҥник биллибитэ, бэл бу рынок кэмигэр, истэрэ тоттоҕуна, кырдьаҕастар билигин да ыллыыллар. Ол эрээри “Дорообо, добун халлаан” кинигэтигэр ити ырыа биир күппүлүөтэ тоҕо эрэ суох — автор бэйэтэ ылан кэбиспитэ дуу? Мин кинигэни кини архивыттан оҥорбутум, онон өлбүт киһи киэнин мээнэ ыллым да көҕүрэтэр быраабым суох этэ. Буолаары буолан саамай хайҕаммыт күппүлүөтү — Петр Тобуруокап билигин да бэрт үчүгэйдик өйдүүр: сэрии иннинэ хайа эрэ улахан литературнай мунньахха Эллэй бэйэтин этиитигэр:

Чыычаах курдук кынаттаах

Тыыннаах тылы буламмын,

Үрдүүр-үүнэр аналлаах

Үйэм дьолун туойдарбын?! —

диэн строкалары поэтическай образ биир бастыҥ холобурунан сыаналаабыта, — диэн. Ол эрээри ырыа сүнньүгэр киирсибэт диэн, баҕар, ылан кэбиспитим буолуо — туох билиэ баарай, умнан кэбиспиппин.

Оттон “Лааҕырга” диэн хоһоону урут тахсыбытын мин ханна да аахпатаҕым, биир эмэ таһаарыыга быкпыт да буоллаҕына, ону аахпыт киһи ахсааннаах хаалбыта буолуо. Төһө да уус-уран өттүнэн улахан уратыта суоҕун иһин, оччотооҕу олоххо сыһыаны көрдөрөрүнэн кини эмиэ кэрэхсэбиллээх.

Семен Руфов.

“Литература эйгэтигэр” кинигэттэн, 143-151 сирэйдэр.

Кинигэлэрэ

Дьоллоох айаҥҥа: Үөһээ Бүлүү оройуонун литературнай түмсүүтүн хомуурунньуга.- Үөһээ Бүлүү: [И. с.], 1958.- 71 с.- А. Николаев.- С. 3-10.

Дорообо, добун халлаан! : хоһооннор / Александр Николаев ; [сост. и ред. С. Т. Руфов]. – Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1977.- 95, [1] с.

Тыытымаҥ чыычаах уйатын / А. Николаев ; [ред. И сост. С. Т. Руфов ; И. И. Попов уруһуйдара]. – Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1979.- 22, [2] с. : ил.

Тыытымаҥ чыычаах уйатын : [оҕолорго хоһооннор] / А. Николаев ; [И. И. Попов уруһуйдара]. – 2-е изд. – Үөһээ Бүлүү : Типография, 2020. – 22, [2] с. 

Переводтара

Лермонтов М. Ю. Ашик Кериб: кыра саастаах оҕолорго турок остуоруйата /М. Ю. Лермонтов ; Александр Николаев тылбааһа.- Дьокуускай: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1965.- 24 с.

Крылов, Иван Андреевич (баснописец; 1769-1844).  Үгэлэр / И. А. Крылов ; Александр Николаев тылбааһа ; [ред., аан тыл авт. С. Т. Руфов]. – Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1967. – 86, [1] с. 

Михалков, Сергей Владимирович (1913 -).  Дьээдьэ Стёпа / Сергей Михалков ; [пер. А. Н. Николаева]. – Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1975. – 19, [2] с. : ил. 

Олоҕун уонна айымньыларын туһунан

Васильева Л. Александр Николаев – уран тыл улахан маастара. [оҕо-аймах кутун туппут учуутал, үтүө айымньылары хаалларбыт уран тыл уһулуччулаах маастара А. Н. Николаев туһунан] – : , //Үөһээ Бүлүү. . – 2016. – Муус устар 22 күнэ-С. 7

Сивцев, В. Т. Учуутал, буойун, бэйиэт, тылбаасчыт : [А. Н. Николаев туһунан ахтыы] / Василий Сивцев //Күрүлгэн. – 2016. – N 5 (52). – С. 64-69.

***

Семенов, Юрий.  О педагоге и поэте-фронтовике Александре Николаеве : [об участнике обороны Ленинграда, село Верхневилюйск] / Юрий Семенов // Олох суола. – 2019. – 1 февраля. – С. 3.

ХААРТЫСКАЛАР

Үөһээ Бүлүү оройуонун педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ. 1973 с., муус устар ый.
А. Н. Николаев үөһэ эрээккэ хаҥастан үһүс турар.

1957 сыл, тохсунньу ый 13 күнэ. Үөһээ Бүлүү с.

Дьиэ кэргэнинээн. Кэргэнэ Александра Ионовна Петрова

Үөһээ Бүлүүтээҕи О. Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека кыраайы үөрэтэр салаатын матырыйааллара туһанылыннылар