Главная / Библионовости / «Театр Боотура» – сыана кэннинээҕи дьикти олоҕу көрдөрүү!

«Театр Боотура» – сыана кэннинээҕи дьикти олоҕу көрдөрүү!

Бүгүн атырдьах ыйын 27 күнэ – Арассыыйа киинэтин күнэ. Бу бэлиэ күн чэрчитинэн О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа оҕолорго анаан биир ураты, кэрэхсэбиллээх киинэ көрдөрүүтэ буолла. Туруорааччы-режиссер, сценарист Мила Кудряшова “Театр Боотура” диэн документальнай киинэтэ сүрэхтэннэ. Бу киинэ оҕолору олус сөхтөрдө, киинэ дьикти сөҕүмэр алыбар умса түһэрдэ.
Киинэ уратыта диэн сыана кэннинээҕи дьиҥнээх олоҕу көрдөрүүтэ буолар.

«Театр Боотура» диэн киинэ Опера уонна Балет театрын үлэтин балтараа сыл устата тохтотоло суох кэтээн көрөн устубут. Киинэ туох даҕаны интервьюта суох, аҥардас сыана кэннинээҕи үлэни, күннээҕи түбүктэри көрдөрөрө сөхтөрөр. Оҕолор испэктээкиллэр хайдахтаах курдук ыарахан, бириэмэлээх уонна ырытыылаах үлэттэн оҥоһуллан тахсалларын олус чуолкайдык көрдүлэр.

Гримеркаҕа худуоһунньуктар мөссүөнү айаллара, мастерскойдарга декорация оҥоһуллара, техническэй цехтэргэ сыана механизмнара бэлэмнэнэллэрэ – барыта биир сыалай организм курдук, бэйэ-бэйэни ситэрсэн-хоторсон үлэлииллэрэ киинэҕэ чаҕылхайдык ойууланна. Бу барыта театры тыыннаах дьикти эйгэ оҥорор.

Киинэҕэ Опера уонна Балет театрын үс улахан, аан дойдуга биллибит испэктээкиллэрин төрүөҕэ, хайдах үөскээн тахсыбыта көһүннэ. Ол курдук, «Ньургун Боотур» испэктээк – саха номоҕун үйэтитэр улуу айымньы, «Сияющий камень» этно-балет – омук ураты култууратын көрдөрөр, «Щелкунчик» балет – аан дойду классиката, дьиктилээх абылаҥа.

Бу үс улахан үлэ барыта Арассыыйаҕа саамай үрдүк билиини – «Золотые маски» диэн ааты ылбыттара. Оҕолор бу испэктээкиллэр хайдах оҥоһуллалларын сөҕө-махтайа көрдүлэр. Эбиитин сыана кэннинээҕи олоххо умсугуйдулар, театр уонна киинэ күүстээх эйгэтин арыйдылар.

«Театр Боотура» документальнай киинэ оҕолор сүрэхтэригэр уонна өйдөрүгэр дириҥ суолу хаалларда. Бу киинэ театрга, киинэҕэ, култуураҕа тапталы үөскэтэр, өйү-санааны сайыннарар уонна айымньылаах үлэҕэ умсугутар аналлаах.