Главная / Библионовости / Саха сирин иҥэмтэлээх отторо – доруобуйа аартыга

Саха сирин иҥэмтэлээх отторо – доруобуйа аартыга

Бүгүн О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа дьоһуннаах уонна олус туһалаах тэрээһин буолла. Российскай Федерация уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйа харыстабылын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Марианна Варламовна Каташева уонна эргиэн тэрилтэтин бэтэрээнэ, Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Раиса Ивановна Васильева дьону-сэргэни кытта истиҥ көрсүһүүнү ыыттылар.

Бу күн мустубут дьон Саха сирин киэҥ нэлэмэн сирдэригэр айылҕа дьикти күүстээх, эмтээх үүнээйилэрин туһунан элбэҕи биллилэр. Марианна Варламовна уонна Раиса Ивановна киэҥ билиилэрин уонна уопуттарын үллэстэн, хас биирдии эмтээх от киһи доруобуойатыгар туһатын, туохха аналлааҕын сиһилии кэпсээтилэр. Оттору хомуйуу, хатарыы быраабылаларын, ону сөпкө туһаныы суолтатын дьоҥҥо тириэртилэр.

Көрсүһүү сүрүн кэрэхсэбиллээх чааһынан доруобуйаҕа туһалаах чэйдэри уонна тары хайдах оҥорорго үөрэтии буолла. Дьон сүбэлэри уонна ньымалары сэҥээрэ иһиттилэр, сурунан, ыйытыы биэрэн, туһалаах информацияны ылыннылар. Ким эмтээх отунан чэйи хайдах дьүөрэлээн оҥоруохха сөбүн, ханнык ыарыыга ханнык от көмөлөһөрүн, сахалыы эмтээһин укулаатын барытын кэпсээтилэр.

Бүгүӈӈү көрсүһүү, дьону айылҕа баайын сыаналыырга, кини бэлэҕин бэйэ доруобуйатыгар сөпкө туһанарга ыҥырда. Бу тэрээһин, доруобуйа чэгиэн туругар уонна үйэлэргэ кэлбит эмтээх отторунан эмтэнии ньымаларыгар болҕомто ууруу наадатын өйдөттүлэр.

Бу күн мустубут дьон бары чэгиэн доруобуйаланыыга, айылҕа күүһүн туһаныыга саҥа билиини ылан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.