Главная / Библионовости / Билии күнүгэр “Бегущая книга” аахсыйа ыытылынна

Билии күнүгэр “Бегущая книга” аахсыйа ыытылынна

Балаҕан ыйын 1 күнэ – Билии күнэ!
Бүгүн үөрэххэ уонна билиигэ тардыһыыны бэлиэтиир, саҥа үөрэх дьылын саҕалыыр дьоро күн буолар.
Олус ыраас, күннээх чаҕылхай күн үүммүтэ Билии бырааһынньыгын киэргэттэ, оҕолор сүргэлэрин өссө үрдэттэ. Көмүс күһүн бастакы күнүн чэбдик салгына, оҕолор күлэр-үөрэр саҥалара, күлүмнэс мичээрдэрэ барыта биир дьоллоох хартыынаны арыйда.

Бу үөрүүлээх күн чэрчитинэн, О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека уонна оҕо библиотеката Бүтүн Арассыыйатааҕы “Бегущая книга” аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттыстылар. Бу аахсыйа аата да этэрин курдук, библиотекаҕа бэйэтигэр буолбакка, үлэһиттэр бэйэлэрэ хаама сылдьан көрсүбүт оҕолоругар тутатына тургутук ыыттылар.

Библиотека үлэһиттэрэ оҕолорго анаан “Өй оонньуутун” ыытан кинилэр билиилэрин тургуттулар. Оҕолор олус астынан, көхтөөхтүк кыттыстылар. Ыйытыыларга эппиэттээн, бэйэлэрин сытыы өйдөрүн көрдөрөн күрэхтэстилэр. Хас биирдии оҕо хараҕа уоттанан, санаата сытыырхайан, билиигэ тардыһан бу дьиҥнээх бырааһынньыгы өссө күүһүртэ. Оонньуу кэнниттэн кыттыбыт хас биирдии оҕоҕо сэмэй бэлэх туттарылынна.

Бу тэрээһин оҕолорго билиигэ тапталы үөскэтиигэ, кинигэҕэ уонна библиотекаҕа сыһыаны күүһүрдүүгэ улахан суолталанна. Оҕолор олохторугар умнуллубат түгэннэри хааллараллар уонна кинилэри билии, сайдыы суолугар сирдииллэр.

Билии күнэ саҥа саҕаланыы, саҥа кыах күнэ. Бүгүӈӈү тэрээһин оҕолорго дьолу, үөрүүнү бэлэхтээн, билии эйгэтигэр тардыстылар.