Главная / Библионовости / Балаҕан ыйын 3 күнэ – Арассыыйаҕа Кыайыы Албан аатын күнэ уонна Иккис аан дойду сэриитин түмүктэммит күнэ

Балаҕан ыйын 3 күнэ – Арассыыйаҕа Кыайыы Албан аатын күнэ уонна Иккис аан дойду сэриитин түмүктэммит күнэ

1945 сыл балаҕан ыйын 2 күнүгэр, Токио куораттан ырааҕа суох сиргэ турар АХШ “Миссури” диэн линкорун палубатыгар, Япония биир тыла суох бэринэрин туһунан аактаҕа илии баттаммыта. Үөһээ Бүлүү оройуонуттан 320 киһи милитаристскай Японияны утары сэриигэ кыттыыны ылбыта. Тюляхов Константин Терентьевич уонна Омукчанов Афанасий Спиридонович бу сэриигэ кыттыыларын туһунан бэйэлэрин ахтыыларын көрүҥ, истиҥ.