Главная / Библионовости / Өбүгэлэрбит көрдөрбүт хорсун быһыыларыгар сүгүрүйэбит!

Өбүгэлэрбит көрдөрбүт хорсун быһыыларыгар сүгүрүйэбит!

Балаҕан ыйын 3 күнэ Арассыыйаҕа улахан историческай суолталаах күн. Аҕа дойду Улуу сэриитин түмүктэммит күнэ.

Бу ытык күнү бэлиэтээн, кыайыыга дьулуурдаах, дьоруойдуу күүстээх санаалаах, Ийэ дойдуга бэриниилээх биир дойдулаахтарбытын ахтабыт, кинилэргэ сүгүрүйэбит. Улахан историческай суолталаах аҕаларбытынан, эһээлэрбитинэн уонна хос эһээлэрбитинэн киэн туттабыт. Кинилэр бары бииргэ түмсэн, биир сомоҕо буолан Ийэ дойдуларын босхолообуттара, Европаҕа саба түспүт фашистары киэр кыйдаабыттара. Кинилэр дьоруойдуу быһыылара, хорсун санаалара биһиэхэ, кэлэр көлүөнэҕэ, күүс-көмө, холобур буолар.

О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека үлэһиттэрэ бу ытык күн чэрчитинэн Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум устудьуоннарыгар тиийэн Аҕа дойду сэриитин туһунан киинэ көрдөрдүлэр.

Киинэни көрүөхтэрин иннигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ Георгий Алексеевич Степанов устудьуоннарга Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ биһиги улуустан хас киһи барбытын, улуус олоҕун-дьаһаҕын хайдах оҥостон олорбутун кэпсээтэ. Устудьуоннар, Георгий Алексеевич кэпсээнин олус сэргээн, болҕойон иһиттилэр, кинилэр кырдьыктаах историяны, олох уопутун дууһаларыгар иҥэриннилэр.

Дириӈ ис хоһоонноох историческай киинэни эмиэ устудьуоннар олус болҕойон, иһийэн олорон көрдүлэр. Кинилэр харахтарыгар ааспыт сэрии ыарахан түгэннэрэ, дьон хорсун санаалара, ыарахан сүтүк ойууланна. Киинэҕэ көстөр хас биирдии кадр, хас биирдии дьоруой быһыыта, эдэр ыччат сүрэҕэр дириҥ иэйиини хаалларда. Сэрии ыар кэмнэригэр дьон бииргэ түмсэн, кыайыыга дьулуспута устудьуоннары дойдуга бэриниилээх буоларга, кырдьыгы тутуһарга ыҥырар.

Бу курдук тэрээһиннэр кэлэр көлүөнэҕэ историяны билэргэ, ааспыт кэми умнубакка, дьоруойдарбыт хорсун быһыыларын үйэтитэргэ олус суолталаахтар. Устудьуоннар бүгүн көрбүт киинэлэрэ, кинилэр өйдөрүгэр-санааларыгар Албан аатын күнүн дириҥ суолтатын хаалларда.