Главная / Библионовости / Балаҕан ыйын 8 күнэ – Арассыыйа норуоттарын тылларын күнэ: барыбыт уопсай киэн туттуубут

Балаҕан ыйын 8 күнэ – Арассыыйа норуоттарын тылларын күнэ: барыбыт уопсай киэн туттуубут

Арассыыйа норуоттарын тылларын күнүгэр анаммыт дьикти кэрэхсэбиллээх чахчылар.
Тыл үөрэҕин институтун 2026 сыл атырдьах ыйдааҕы дааннайынан, Арассыыйаҕа 155 тыл баар, ол иһигэр нуучча туттар тыла эмиэ киирэр. Тыллар тиһилигин бүтэһик барыла 2023 сыллаахха бэлэмнэммитэ, ол кэннэ испииһэк уларыйбатаҕа.

Нуучча тылыттан ураты, Арассыыйаҕа саамай тарҕаммыт тыллар:

  • Татаар тыла – 4,3 мөл. кэриҥэ саҥарааччылаах
  • Чечен тыла – 1,3 мөл. кэриҥэ саҥарааччылаах
  • Украин тыла – 1,1 мөл. тахса саҥарааччылаах
  • Аваар тыла – 900 тыһ. тахса саҥарааччылаах
  • Эрмээн тыла – 660 тыһ. кэриҥэ саҥарааччылаах
  • Кабардино-черкес тыла – 515 тыһ. тахса саҥарааччылаах.

155 учуоттаммыт тылтан ураты, Арассыыйаҕа аҕыйах саҥарааччылаах уонна сүүстэн тахса кыра тыллар бааллар. Кинилэри өйгө тутуу уонна үөрэтии – билиҥҥи лингвистика биир сүрүн соруга.

Тоҕо дьэ, балаҕан ыйын 8 күнэ – Арассыыйа норуоттарын тылларын күнэ буолбутай? Дагестан норуотун поэта, ааттаах-суоллаах “Тураахтар” (Журавли) диэн айымньы ааптара Расул Гамзатов төрөөбүт күнүгэр ананар. Гамзатов нуучча тылын бэйэтин “кынатын” курдук ааттыыра, ол эрээри олоҕун тухары төрөөбүт тыллар суолтатын чорботоро.

Бүгүн 21 тылынан Бүтүн Арассыыйатааҕы дьыктаан аан бастакытын ыытыллыаҕа. Тиэкис Арассыыйа норуоттарын 21 тылынан баар буолуоҕа, ол иһигэр РУВИКИ интернет-энциклотпедиятын саайтыгар сирэй уонна онлайн форматтар киирэллэр. Тиэкис Расул Гамзатов айымньыларын быһа тардыыларыттан оҥоһуллубута.