Бу күн чэрчитинэн О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека үлэһиттэрэ уулуссаҕа тахсан олохтоохторго “Толкуйдаа. Оонньоо. Кыай!” диэн ФизкультВикторина оонньотто. Оҕолорго да, улахан дьоҥҥо да анаммыт викторина ыйытыктара спорт араас тематыттан киирдилэр. Олохтоохтор кэрэхсэбиллээхтик кытыннылар, бэйэлэрин билиилэрин тургутан үөрэ-көтө хоруйдаатылар.
Библиотека үлэһиттэрэ хаама сылдьан викторина ыыппыттара олус ураты буолла. Маннык сыһыан дьон кэрэхсэбилин өссө күүһүртэ, оонньууну ордук көхтөөх уонна аһаҕас оҥордо. Хас биирдии кыттааччыга туоһу сурук туттарылынна, бу кинилэр спортка уонна доруобуйаҕа дьулуһалларын бэлиэтэ буолла.
Үөһээ Бүлүүгэ “Оптуорунньук – Доруобуйа күнэ” үһүс сезона дьолу-соргуну, чэгиэн туругу аҕаллын! Маннык тэрээһиннэр дьон доруобуйаҕа уонна көхтөөх олоххо дьулуһууларын өссө күүһүрдэ туруохтара диэн эрэнэбит.
























