Главная / Библионовости / О.Д. Федорова аатынан киин библиотекаҕа аан бастакытын “Атом Дьыктаана – 2026” ыытылынна!

О.Д. Федорова аатынан киин библиотекаҕа аан бастакытын “Атом Дьыктаана – 2026” ыытылынна!

Бүгүн, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр билим эйгэтигэр ураты уонна кэрэхсэбиллээх түгэн буолла.

Бу ураты тэрээһиҥҥэ үөрэҕирии, култуура үлэһиттэрэ уонна медицинэ, педколледж устудьуоннара мустаннар, атом уонна билим эйгэтин туһунан билиилэрин тургутан көрдүлэр. Кинилэр саҥаҕа үөрэннилэр, аан дойду билимнэрэ хайдах сайдалларын биллилэр уонна кэрэхсэбиллээх чахчылары арыйдылар.

“Атом Дьыктаана” – киэҥ сири-дойдуну хабар бырайыак.
Ол курдук, дьыктаан 2021 сылтан ыытыллар уонна сыллата географията кэҥээн иһэр. Быйыл бырайыак 500-тэн тахса тэрээһин миэстэтин түмтэ. Армения, Бангладеш, Египет, Индия, Казахстан, Кытай уонна Узбекистан курдук дойдулар кыттыыны ылаллар. Бырайыак Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, атын дойдуларга, ол иһигэр Беларусь Республикатыгар, Венгрияҕа уонна Турцияҕа, урукку сылларга ситиһиилээхтик ыытыллыбыта.

Дьыктаан темата олус киэҥ: атомнай энергетиканы, ядернай мэдиссиинэни, Арктиканы баһылааһыны, космос чинчийиилэрин уонна атомнай технологиялар сайдыыларын барытын хабар. Видеоформат быһыытынан ыйытыылары билим, үөрэх, култуура, спорт уонна атомнай салаа бэрэстэбиитэллэрэ биэрдилэр.

Кэлбит хас биирдии кыттааччыга диплом туттарылынна. Онтон муӈутуур кыайыылааҕынан буолла Д. С. Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназияҕа история уонна география учуутала Григорий Иванович Константинов.

Тест быһыытынан барбыт дьыктааҥҥа кыттааччылар олус көхтөөхтүк суруйдулар, билимҥэ кэрэхсэбиллэрин уонна билиигэ дьулуһууларын көрдөрдүлэр.

Бу сылга О.Д. Федорова аатынан киин библиотека «Атомнай дьыктаан» бырайыак официальнай тэрээһин миэстэтэ буолбута, нэһилиэнньэҕэ билимҥэ чугаһыырга уонна саҥа билиини ыларга улуу кыаҕы биэрдэ.