Бүгүн О. Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа “Библиомаяк” диэн оҕо ааҕыытын республикатааҕы бэстибээл чэрчитинэн “Процветай мой край, Якутия” квиз-оонньуу ыытылынна.
Квиз-оонньуу ыйытыктара буолаары турар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр ананна. Бу тэрээһиӈӈэ үс оскуолаттан хамаандалар күөн көрүстүлэр. Ол курдук, үһүс степеннээх дипломунан наҕараадаланнылар И.Н. Барахов аатынан №1 орто оскуола хамаандата. (сал. Афанасьев Н.Н.) Онтон иккис миэстэҕэ тигистилэр Д. С. Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия хамаандата. (сал. Александрова Р. В.) Уонна күрэх түмүгүнэн муӈутуур кыайыылааҕынан таҕыстылар М. А. Алексеев республикатааҕы лицей-интернат хамаандата. (сал. Иванова М. В.)
Оҕолор өрөспүүбүлүкэ историятыгар улахан суолталаах тэрээһиӈӈэ олус көхтөөхтүк кытыннылар. Билиилэрин-көрүүлэрин тургуттулар, Сахабыт сирин туһунан өссө элбэҕи биллилэр.
Өссө төгүл буолаары турар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн эҕэрдэлиибит! Хас биирдиигитигэр чэгиэн чэбдик олоҕу, бары үтүөнү, үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!









