Бүгүн, сэтинньи 2 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун киэн туттар ытык киһитэ, тыл билимин хандьыдаата Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы үбүлүөйдээх 90 сааһын көрсө сылын аайы ыытыллар “Дапсы дьыктаана” алтыс төгүлүн улуус дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар ыытылынна.
Бу дьоһуннаах тэрээһиӈӈэ уопсайа 45 киһи көхтөөхтүк кытынна. Олортон 9 киһи үчүгэй сыанаҕа, онтон 6 киһи туйгун сыанаҕа суруйда.
Дьыктааны Арассыыйа үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин учууталларын учуутала, “XXI үйэ учуутала” бэлиэ хаһаайына, Арассыыйа бочуоттаах уһуйааччыта Светлана Трофимовна Слюгрова суруйтарда.
Бу курдук тэрээһиннэр төрөөбүт тылбыт кэскилин сайыннарыыга улахан суолталаахтар.






