Норуоттар икки ардыларынааҕы аахсыйа Арассыыйа үрдүнэн сэтинньи 3 – 12 күннэригэр ыытылла турар. Дойду историятын, култууратын, норуоттар үгэстэрин үөрэтиигэ, өйү-санааны кэҥэтиигэ, билиини хаҥатыыга олоҕурар.
Бүгүн, сэтинньи 10 күнүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д.Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа аахсыйа ыытылынна. Оҕолорго 20, онтон улахан дьоҥҥо 30 ыйытыктан турар тургутугу 45 мүнүүтэ устата толордулар. Тэрээһин кыттыылаахтара, дойду үрдүнэн олорор араас норуоттар тустарынан билиилэрин тургуттулар. Бүгүҥҥү аахсыйаҕа 25 киһи кыттыыны ылла.



