Бүгүн, киин библиотекаҕа, Үөһээ Бүлүү улууһун историятыгар суолталаах кэрчиги хаалларбыт, кэлэр көлүөнэҕэ кэриэс буолар «Үөһээ Бүлүү комсомола» диэн дьоһуннаах кинигэ сүрэхтэниитин үөрүүлээх түгэнэ буолла.
Бу кинигэҕэ Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэригэр тэриллибит комсомольскай тэрилтэлэр комсомолецтара, ыччаттара, улууспут сайдыытыгар сүдү кылааттарын киллэрбит дьоммут кэпсээннэрэ, ахтыылара киирдилэр. Комсомол — Сэбиэскэй норуот историятыгар, ыччат олоҕор умнуллубат бэлиэ суолу хаалларбыт улуу тэрилтэ. Мөлүйүөнүнэн эдэр дьон олохторун, дьылҕаларын кинини кытта ситимнээбиттэрэ, улуу тутуулары, хорсун быһыылары оҥорбуттара. Комсомол – историябыт арахсыспат сорҕото, эдэр дьон хорсун санаатын, үлэҕэ бэриниитин кэрэһитэ.
Кинигэ Дани – Алмас типографиятыгар 476 сирэйдээх, 200 ахсааннаах бэчээттэнэн таҕыста. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар, сүрүннээн кэлэр көлүөнэ ыччакка ананар.
Бу улуу суолталаах кинигэни СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕин ситимин бочуоттаах бэтэрээнэ, «Учууталлар учууталлара», «Гражданскай килбиэн» туһааннааҕа, Далыр нэһилиэгин, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах гражданина Анатолий Софронович Аксаков хомуйан бэлэмнээбитэ. Онон, быйыл Үөһээ Бүлүү улууһугар Үөрэҕирии систиэмэтэ төрүттэммитэ 150 үбүлүөйдээх сылыгар дьоһун кинигэ күн сирин көрдө.
Кинигэ ааптара Анатолий Софронович Аксаков олоҕун уонна айымньытын туһунан кэпсэтиини СӨ правительствотын грамотатын туһааннааҕа, РФ үөрэҕириитин туйгуна, РФ иитиигэ, үөрэхтээһиҥҥэ бочуоттаах үлэһитэ, Үлэ бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах учуутала Альбина Спиридоновна Габышева иилээн-саҕалаан ыытта.
Кэпсэтиигэ Анатолий Софронович чугас дьоно-сэргэтэ, бииргэ үлэлээбит коллегалара, доҕотторо төгүрүк остуол тула олорон, олус истиҥник ахтан-санаан, ирэ-хоро кэпсэттилэр. Ол иһигэр Далыр нэһилиэгин баһылыга Георгий Егорович Иванов, Далыр нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта, Анатолий Софронович кийиитэ Евдокия Климентьевна Лазарева, учуутала педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, 96 саастаах ытык кырдьаҕаспыт Ульяна Терентьевна Тимофеева, өр сылларга бииргэ үлэлээбит коллегата, чугас табаарыһа Юрий Семенович Афанасьев ыалдьыттаатылар.
Бүгүн кэлбит ыалдьыттар биир сомоҕо буолан, ааспыт эдэр саас дьоллоох кэмигэр төннөн, умсугуйан ыллылар. Бу дьоһуннаах тэрээһиӈӈэ кэлбит ыалдьыттар сүргэлэрэ көтөҕүллэн үөрэн-көтөн тарҕастылар.











