сыллаахха үөрэх оройуоннааҕы салаатын тохсунньу 1 күнүнээҕи 1-кы нүөмэрдээх бирикээһинэн оройуон киинигэр бастакы библиотека тэриллибитэ. Сэбиэдиссэйинэн учуутал Сивцев Тарас Ксенофонтович ананан, тохсунньу 15 күнүттэн библиотека аһыллан үлэтин саҕалаабыта. Библиотека 300 экземпляр кинигэлээҕэ.
сыллаахха библиотека сэбиэдиссэйинэн Карадчин Лаврентий Спиридонович ананан өр сылларга үлэлээбитэ.
сыллаахха Карадчин Л.С. Тоҥуоттан тимир уустарын дьиэтин аҕалан библиотекаҕа 141 кв.м. иэннээх дьиэни үлэҕэ киллэртэрбитэ.
сыллаахха – оройуоннааҕы библиотека иһинэн оҕо ааҕыытын отдела тэриллибитэ.
ылтан библиотекалар үөрэх салаатыттан культура министерствотыгар бэриллибиттэрэ.
сыллаахха оҕо ааҕыытын отдела туспа “Оҕо библиотеката” диэн статус ылан туспа дьиэҕэ көспүтэ.(сэб. Давыдова Мария Максимовна)

Т. К. Сивцев

Л. С. Карадчин

М. М. Давыдова
сыллаахха киин библиотека 405 кв.м иэннээх саҥа тутуллубут типовой дьиэҕэ киирбитэ. (сэб. Ольга Дмитриевна Федорова)
сыллаахха Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим тэриллибитэ (Верхневилюйская централизованная библиотечная система).

О. Д. Федорова
сылларга Үөһээ Бүлүүтээҕи ЦБС үлэтин көрдөрүүтүнэн Бүтүн Союзтааҕы социалистическай күрэххэ кыттан хас да төгүл 1, 2, 3 миэстэни ылбыта.

Социалистическай куоталаһыы кыайыылаахтара. Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим директора О. Д. Федорова үөһэ эрээккэ хаҥастан алтыс турар
сыл олунньу 13 к. Үөһээ Бүлүүтээҕи библиотечнай ситим “Программа развития Верхневилюйской ЦБС на современном этапе” Устааба ылыллыбыта (автор Гурьева Наталья Филипповна)
сылга киин библиотека иһинэн кыраайы үөрэтэр отдел арыллыбыта (сэб. Федорова О.Д
сылларга биир кэлим программанан үлэлэр саҕаламмыттара. Киин библиотека “Инновации в Верхневилюйской ЦБС” программа олоххо кииритигэр үлэлээбитэ (автор Гурьева Н.Ф.)
сылга библиотека үлэтигэр харчылаах өҥөлөр киирбиттэрэ (кинигэ проката, түүҥҥү абонемент, сценарий суруйан атыылааһын, дьиэ арендата).
1993 с. П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 100 сылыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллыбыт ааҕыыга Үөһээ Бүлүүтээҕи библиотечнай ситим 2 бириистээх миэстэни ылбыта. (Аргунова Ирина Иннокентьевна)
1993 с. киин библиотекаҕа бастакы компьютердар кэлэн холбоммуттара.

Н. Ф. Гурьева

И. И. Аргунова
сылларга киин библиотека иһинэн литературнай-музыкальнай салон арыллыбыта (сал. Петрова Василиса Васильевна). Бу литературнай-музыкальнай салон “Чэчир” литературнай түмсүүнү кытта ыкса сибээстээхтик үлэлээбитэ.
1993 с. киин библиотека иһинэн компьютерга бэчээттэммит бастакы кинигэлэр тахсыбыттара: “Чэчир – 93”, “Оленск”, “Ороһуунускай айар кута”, “Мелодист М. Константинова” уо.д.а.
сылга киин библиотека иһинэн биир санаалаахтар уонна дьарыктарынан түмсүүлэр үлэлэрэ саҕаламмыттара.
сылга “Бастыҥ библиотечнай мероприятие” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ библиотека иһинэн үлэлиир литературнай-музыкальнай салон салайааччыта В. В. Петрова кыайыылаах үрдүк ааты ылбыта.
сылга Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим дириэктэринэн Петрова Наталия Кирилловна ананан үлэтин саҕалаабыта. Кини үрдүк таһаарыылаахтык ситим үлэтин 2024 сыл ыам ыйыгар дылы салайбыта.
1998 с. “Кут – Сүр” кулууп үлэлээбитэ. (сал. Егорова Галина Алексеевна)
1998 с. “Аман өс” араатардар, тыл этээччилэр бастакы күрэхтэрэ ыытыллыбыта.
сылларга “Центр информационной поддержки социально-экономического развития Верхневилюйского улуса. (автор Гурьева Н.Ф.)
сылга АИБС (автоматизированные информационные библиотечные системы) отдела арыллыбыта. Бастакы специалист И.И. Ким.
2000 с. 3 үлэһиттээх “Правовой информация киинэ” (Центр правовой информации) арыллыбыта. (сэб. Захарова С.Р.)
сылга ааҕааччылар формулярдара электроннай буолбут
сылга олохтоох компьютер ситимэ тардыллыбыта.
сылларга кыраайы үөрэтэр отдел алта төгүл СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министерствотыттан Грант ылбыта (сэб. Федорова О.Д.)
сылга- 1992 – 1998 сс “Үйэтитии” программанан үлэ ыытыллан, улуус историята хомуллан “Үөһээ Бүлүү улууһун культуратын сайдыыта 1935 – 1980 сс.” бастакы кинигэтэ тахсыбыта. (сал. Федорова О.Д.)
сылларга “Развитие информационно-образовательной деятельности Верхневилюйской ЦБС” целевой программа ылыллыбыта (Гурьева Н.Ф.)
2003 с. “Өйдөбүнньүк” кулууп тэриллибитэ (сал. Федорова О. Д.). Кулууп үлэтин сыала-соруга: Үөһээ Бүлүү улууһун тыыннаах историятын, олорон-үлэлээн ааспыт дьон ахтыыларын, улуус историятын, култууратын уратытын түмэн, сыаната биллибэт күндү матырыйаалы кэлэр көлүөнэлэргэ бэлэмнээн хаалларааһын, үйэтитээһин.

Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэрин историяларын кинигэлэрин таһаарар редакционнай коллегия. Олороллор хаҥастан уҥа О. Д. Федорова, М. М. Донской, Е. Т. Гаврильева, Н. П. Васильев. Тураллар хаҥастан уҥа И. В. Лазарев, Н. Г. Павлов, Н. И. Васильев, В. Н. Попов
сылга Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим регистрацияланан юридическэй сирэй буолан, “Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим” муницпальнай тэрилтэ диэн ааттаммыта (МУ “Верхневилюйская централизованная библиотечная система”).
сылга Центр правовой информация үлэтэ ааҕааччыны кытта үлэлиир отдел иһинэн киирэн үлэтин салҕаабыта. ( спец. Егорова Г.А.)
сылга Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин үбүлээһининэн библиотека ааҕар саалата, фойета, директор кабинета евроремоннаммыт.
сылларга сектор ЭФКДиКК (электронный фонд краеведческих документов и корпоративной каталогизации) тэриллэн кыраайы үөрэтэр дөкүмүөннэри электроннай формакка көһөрүү үлэтэ саҕаламмыта. “Үөһээ Бүлүү” хаһыата 1943 сылтан 2017 сылга дылы, улуус историятын арыйар хаартыскалар, матырыйааллар сканерданан электроннай версияҕа киирбиттэрэ (сал. Долгаева Екатерина Петровна).
сылга библиотека иһинэн “Санаа ситимэ” хоһоон ааҕыытын түмсүүтэ тэриллибитэ. (сал. Павлова Д.Н.)
сылга Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх суруйааччылар үбүлүөйдэригэр сөп түбэһиннэрэн “Суруйааччылар сыллара” биллэриллэн “Суруйааччылар ыһыахтара” ыытыллыбыта.

"Санаа ситимэ" түмсүү

Үөһээ Бүлүү улууһун бастакы суруйааччытыгар Г. И. Поскачиҥҥа аналлаах ыһыахха
сыл балаҕан ыйын 14-15 к. “Тобуруокап көмүс күһүнэ” саха народнай поэта П.Н. Тобуруокап музей уһаайбатыгар бастакы региональнай хоһоон айааччылар көҥүл түһүлгэлэрин тэрээһинэ ыытыланна. Бу тэрээһин СӨ суруйааччыларын союһун чилиэнэ, П.Н. Тобуруокап күтүөтэ Д.Ф. Наумов идиэйэтинэн саҕаламмыта. О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека уонна Нам нэһилиэгин тэрээһиннэринэн бу бырайыак сылын аайы түһүлгэтэ кэҥээн элбэх киһини түмэр, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһин буола сайынна.
2013 с. “Создание мультимедийного зала МКУ “Верхневилюйская межпоселенческая централизованная библиотечная система” бырайыак оҥкула оҥоһуллубута
сылга Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан саха суруйааччыта Т. Сметанин “Лоокуут уонна Ньургуһун” айымньытынан тифлоспектакль турбута. Бу спектакль хас да төгүл Дьокуускай куоракка көрбөттөр библиотекаларыгар уонна региональнай семинарга туруоруллубута.

Т. Сметанин "Лоокуут уонна Ньургуһун" айымньытынан Дьокуускайдааҕы көрбөттөр библиотекаларыгар тифлоспектакль

Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотекаҕа
2014 с. “И вновь пробуждается поэзия во мне…” нуучча бэйиэтэ М. Ю. Лермонтов төрөөбүтэ 200 сылыгар анаан улууска аан бастаан хоһоонньуттар түмсүүлэрин түмпүт тэрээһин ыытыллыбыта. Бу тэрээһин күн бүгүнүгэр дылы сыл аайы ыытыллар.
2014 с. “Факультет информационных технологий” анал программанан салайтаран “Школа третьего возраста” диэн көмпүүтэргэ үлэлиир бастакы билиини ылыы куурса арыллыбыта.

"Лермонтовскай баал"

“Школа третьего возраста” диэн көмпүүтэргэ үлэлиир бастакы билиини ылыы курс. Ыытар Сергей Донской
сылга Россия Президенэ В.В. Путин 2014 с. бэс ыйын 12 күнүгэр 426 №-дээх ыйааҕынан “Литература сылынан” биллэрбитэ.
2015 с. Киин библиотека уонна тыа библиотекаларын историяларын түмэн “Хранители живых и мудрых слов” кинигэ-альбом тахсыбыта. Автордар Гурьева Н.Ф., Аргунова И.И., Долгаева Е.П., Буртахова Е.И., Степанова Р.П. 2016 с. республикаҕа ыытыллыбыт научнай үлэлэргэ библиотековедение салаатыгар “Бастыҥ научнай үлэ” номинацияны ылбыта.
сылга Бүтүн Россиятааҕы библиотекалар күннэригэр ССРС култууратын туйгуна, САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ бочуоттаах ветерана, 66 сыл библиотека эйгэтигэр үлэлээбит Ольга Дмитриевна Федорова үтүө аата Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотекаҕа иҥэриллибитэ. Кини сырдык аатыгар мемориальнай дуоска арыллыбыта.
2016 с. О.Д. Федорова аатынан улуус историятын чинчийэн үөрэтиигэ уонна үйэтитиигэ киллэрэ сылдьар биирдиилээн дьоҥҥо «За особый вклад в области краеведения и продвижения исторического наследия Верхневилюйского улуса” диэн бириэмийэ олохтоммута.

Степанов Иннокентий Васильевич

Поскачин Александр Семенович

Гурьева Наталья Филипповна

Константинова Мария Игнатьевна

Михайлова Мария Даниловна

Архипов Никита Деевич

Степанов Георгий Алексеевич
2016 с. Библиотека коллектива «Суруйааччылар ыллыктара” проегынан конкурстарга кыттан кыайыылаах тахсан суруйааччыларга аналлаах сквер тутуута саҕаламмыта.
2016 с. балаҕан ыйын 22 к. киин бибилэтиэкэ тиэргэнигэр мас олордуута саҕаламмыта.
сыл ыам ыйын 25 күнүгэр библиотека күнүн көрсө мультимедийнай зал үөрүүлээх арыллыыта буолбута. Манна ааҕааччылар араас интэриэһиргиир информацияларын аныгы технологиялары туһанан, интернетинэн тутатына, түргэнник ылалларыгар кыах үөскээбитэ.
2017 с. атырдьах ыйын 2 күнүгэр “Саха сирин биллиилээх дьонноро” Дьокуускайдааҕы РСФСР художественнай фондатыттан художниктар Сметанин П.Е., Карамзан В.С., Попов И.И., Сироткин Н,Г. 1963 – 1964 сс. хартыыналара турдулар.
2017 с. Үөһээ Бүлүү улууһуттан тахсыбыт суруйааччылары киэҥ эйгэҕэ таһааран, кинилэргэ сүгүрүйэн-махтанан кэлэр көлүөнэҕэ сырдатан Үөһээ Бүлүүтээҕи библиотека тиэргэнигэр “Суруйааччылар сквердэрэ” арыллан “Айдарыылаах айар куттаахтар” стелла туруоруллубута. 32 суруйааччы киирдэ.
2017 с. “Экология начинается со двора” республиканскай экология күрэҕэр “Лучший двор организации” номинацияҕа 1 миэстэни ылла.
2017 с. Кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр икки ардыларыгар бырайыактар күрэхтэригэр харахтарынан мөлтөхтүк көрөр уонна көрбөт дьоҥҥо анаммыт «Библиотека – среда равных возможностей» бырайыагынан кыттан 500 тыһ. солкуобай сууммалаах грант ылыллыбыта.
2017 с. библиотека үлэтигэр олоҕун анаабыт, өр сылларга улуустааҕы киин библиотеканы салайан олорбут Ольга Дмитриевна Федороваҕа аналлаах “Библиотека – дело моей жизни” стендэ арыллыбыта.
сыл ыам ыйын 27 күнүгэр мультимедийнай зал 2 хоһугар доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо туһуламмыт анал компьютернай техникаларынан хааччыллыбыт икки хостон турар “Малый зал для пользователей с ограниченными возможностями здоровья” саала арылынна.
2018 с. Кыраайы үөрэтэр авто-десант улуустарга айымньылаах айана буолбута. Илин эҥэр биэс улууска — Уус-Алдан, Таатта, Чурапчы, Амма, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар сылдьыбыттара.

Үөһээ Бүлүү улууһун Кырыкый нэһилиэгиттэн төрүттээх бэйиэт Василий Андреевич Алексеевка аналлаах бюст. Чөркөөх сэлиэнньэтэ, Таатта улууһа

Суотту нэһилиэгэ, Уус-Алдан улууһа

В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Амматааҕы киин библиотекаҕа
2018 сылтан “Уруукап чаҕыл сааскыта” саха норуодунай суруйааччыта, поэт, прозаик, тылбаасчыт Семен Титович Руфовы ахтар-кэриэстиир тэрээһин өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ыытыллар буолбута.
сылы улууспут 85 уонна Саха Республиката төрүттэммиттэрэ 100 сылын көрсө кииннэммит библиотечнай ситим иһинэн “Кыраайы үөрэтии уонна библиография” сыла биллэриллибитэ.
2019 сыл ааҕааччыларыга анаан “Кэрэхсэбиллээх көрсүһүүлэр” диэн саҥа бырайыак буолла. Бырайыак сыала-соруга: улууска баар араас талааннаах дьоннору кытта көрсүһүүлэри оҥорон дьон-сэргэ билиитигэр-көрүүтүгэр таһаарыы, билиһиннэрии.
2019 сылга «Государственная поддержка лучших сельских учреждений культуры» күрэххэ О.Д. Федорова аатынан улуустааҕы библиотека «Лучшая сельская библиотека Республики Саха (Якутия)» ааты ылла.

"Уруукап чаҕыл сааскыта"
сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун 23 библиотекаларыгар ПАО “Ростелеком” нөҥүө Интернет сибээһэ холбоммута.
2020 с. “Үс Хоһуун” спортивнай комплекс тиэргэнигэр “Буккроссинг зона” (Аахпыт кинигэҕин аах уонна атын киһиэхэ аахтар) арыллыбыта.
сылга улуустааҕы киин библиотека тэриллибитэ 85 сыллаах үбүлүөйүн көрсө улуустааҕы О.Д. Федорова аатынан киин библиотека СӨ ыытар “Развитие культуры РС(Я) на 2020-2024 годы” программаҕа киирсэн, күрэххэ кыттан “Модельнай библиотека” статуһун ылбыта.
2021 с. Кииннэмит библиотечнай ситим библиотекаларын иһинэн “Фонда сыла” биллэриллибитэ. Бу сыл олунньу ый 10 к. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Үөһээ Бүлүү улууһугар үлэнэн сырыытыгар О. Д. Федорова аатынан киин модельнай бибилэтиэкэҕэ сылдьан “Дарите книги с любовью” Аан дойдутааҕы акцияҕа кыттыыны ылбыта. Кини 5 томнаах Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан кинигэлэри уонна “Айар” кинигэ издательствотыттан 100 экземпляр кинигэни ылар сертификат бэлэхтээбитэ.
2021 с. Библиотека күнүгэр сөп түбэһиннэрэн “Read&stady” диэн эдэр ыччаттарга аналлаах кинигэ ааҕар зона аһыллыбыта.
2021 с. улуустааҕы киин библиотека мультимедийнай саалатыгар “Госуслуги” порталыгар киирэн нэһилиэнньэ ортотугар араас туһалаах өҥөнү оҥорор үлэни саҕалаабыттара.
2021 с. киин библиотека 85 сылынан директор О.Д. Федороваҕа анаан “Билии тиһигин Далбар Хотуна” кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыта. (Авт. Долгаева Е.П., Егорова Г.А.)
2021 с. Сэтинньи 6 күнүгэр төрөөбүт ийэ тылбыт хараанньыта, лиҥкибиис М.П. Алексеев – Дапсы 85 үбүлүөйдээх сааһынан улуус үрдүнэн “Дапсы дьыктаана” ыытыллынна. Кэлэр сылларга сэтинньи 6 күнүгэр Дапсы төрөөбүт күнүн “Биһирэм тыл күнүнэн” улуус улуус үрдүнэн бэлиэтиэххэ уонна сылын аайы ыытылларын үгэс оҥоруохха диэн ыҥырыы таҕыста.
2021 с. СӨ Национальнай библиотека саамай улахан наҕараадатын “Сыл бастыҥ библиотеката” ааты ылан “Лауреат премии Главы РС(Я) имени Иван Ивановича Крафта за вклад в развитие библиотечного дела” бириэмийэнэн наҕараадаламмыта.
сыллаахха ”Олох кэрэ…” саҥа бырайыак улууспут үтүө үлэһит дьонун сырдатар тэрээһиннэрэ дьон болҕомтотун тардар.
2022 с. ХV үбүлүөйдээх Олоҥхо ыһыаҕар “Уһун тыыннаах олоҥхо ааҕыыта” диэн П. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун 2 күн тохтобула суох араас улуустан, араас эйгэҕэ үлэриир дьон 100 киһи ааҕыыта ыытыллыбыта. Бу библиотека иһиттэн чочуллан тахсыбыт бырайыак “Уһун тыыннаах олоҥхо ааҕыыта” республика культуратын үлэһиттэрин өттүттэн сэҥээриини. үөрэтиини ылан хас сылын аайы ыытыллар өрөспүүбүлүкээтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар ааҕыллар буолла. (сал. Петрова Н.К.)
2022 с. Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо дьыктаанын суруйуутугар Үөһээ Бүлүү улууһа 3 үрдэли ылары ситиспитэ.
2022 с. “Верхневилюйский улус в печати ХVII – нач. ХХI вв.” библиографическай ыйынньык бэчээккэ тахсыбыта. (авт. Г.А.Егорова, Г.А. Саввинова, М.М. Деллохова, И.И. Аргунова.). Ыйынньыкка 8683 библиографическай запись киирбитэ.

“Уһун тыыннаах олоҥхо ааҕыыта". П. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун ааҕыы кыттыылаахтара. 2022 с.

Турцияттан сахалыы ыраастык саҥарар тюрколог Умид Шахин
2022 с. Үөһээ Бүлүү төрүттэммит күнүгэр тэрилтэлэр икки ардыларыгар күрэххэ кыттан О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека “Бастыҥтан бастыҥ” тэрилтэ номинацияны ылбыта.
сылга улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмсүү чилиэннэрэ (сал. Макаров Б.С.) уонна Г.А. Егорова И.Н. Барахов төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан “Куорамыкы” сурунаал бастакы нүөмэрин таһаардылар.
2023 с. Үөһээ Бүлүү төрүттэммит күнүгэр тэрилтэлэр икки ардыларыгар күрэххэ О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека “Бастыҥтан бастыҥ” тэрилтэ номинацияны ылбыта.
сыл ыам ыйын 30 к. Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим директорынан Саввинова Тамара Герасимовна анаммыта.
2024 с. балаҕан ыйын 10 к. улуус олохтоохторо доруобуйалара чөл-чэгиэн туруктаах буолуутугар туһуламмыт “Оптуорунньук – доруобуйа күнэ” бырайыак улуус үрдүнэн элбэх тэрилтэлэри, улуус олохтоохторун көҕүлээн дьон доруобуйалара тупсарыгар, бөҕөргүүрүгэр элбэх тэрээһиннэр, үлэлэр ыытыллаллар.
2024 с. алтынньы ыйтан “Отдел электронных ресурсов” тэриллэн сайтка, куйаар ситимин социальнай ситимнэринэн улуус историятын, улуус биллэр-көстөр дьоннорун, аҕа көлүөнэ Аҕа дойду улуу сэриитигэр кыттыытын туһунан уо.д.а. кыраайы үөрэтэр иһитиннэриилэри дьон билиитигэр-көрүүтүгэр таһаарар. Библиотечнай ситим филиалларыгар методическай көмөнү оҥорор. Техника, электроннай ресурстар уонна библиотека онлайн-сервистэрэ тохтообокко үлэлииллэрин хааччыйар.
2024 с. Үөһээ Бүлүү улууһун култууратын тэрилтэлэрин икки ардыларыгар “Иэйии – 2024” күрэххэ “Бастыҥ коллектив” анал ааты ылбыта.
сыллаахха библиотекардар профессиональнай таһымнарын үрдэтиигэ библиотекардар күрэхтэрэ ыытыллан 30-ча сыл методиһынан үлэлээбит СӨ культуратын туйгуна, И.И. Аргунова аатынан бириэмийэ олохтонно.
2025 с. Библиотекаҕа нэһилиэнньэни “Үбү харчыны сөптөөхтүк туһаныыга үөрэтии” анал миэстэтэ арыллыбыта.
2025 с. нэһилиэнньэҕэ экологическай култуураны, тулалыыр айылҕаны харыстыырга “Экология муннуга” анал миэстэтэ арылынна.
2025 с. «Природа и мы» өрөспүүбүлүкэтээҕи экологическай акцияҕа кыттан «Лучший экологический центр» номинацияны ылла.

“Үбү харчыны сөптөөхтүк туһаныыга үөрэтии” анал миэстэ арыллыыта

Экологическай култуураны, тулалыыр айылҕаны харыстыырга “Экология муннуга” анал миэстэ арыллыыта
2025 с. Улууска тэрилтэлэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт комплекснай спартикиадаҕа 2 бириистээх миэстэни ылары ситиспитэ.
2025 с. “Үөһээ Бүлүү улууһа” муниципальнай оройуон баһылыга В.В. Николаев тэрийбит нэһилиэктэринэн күрэххэ 2025 сыл түмүгүнэн О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа “Улууска биллэриллибит сылынан бастыҥ үлэлээх тэрилтэ” анал аат иҥэриллибитэ.
сылга “Дьиэ кэргэн” национальнай бырайыакка кыайан, 2027-2028 сс. киин библиотека хапытаалынай өрөмүөнэ федеральнай бюджеттан үбүлэнэр буолла.
2026 с. алтынньы 22 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр РФ Президенин приемнуур сиригэр Үөһээ Бүлүүттэн О. Д. Федорова аатынан модельнай библиотека сүрүн методиһа А. В. Котоконова СӨ кылаабынай федеральнай инспектора Евгений Владимирович Корнеевтыын видеоконференция нөҥүө, Россия Президенин Гражданнартан уонна тэрилтэлэртэн киирэр сайаапкалары кытта үлэлиир салаа салайааччытын Алексей Валерьевич Михеевтыын хапытаалынай өрөмүөн наадатын туһунан кэпсэтии буолла. Кэпсэтии түмүгэр А. В. Михеев хапытаалынай өрөмүөн 2028 с. балаҕан ыйын 1 күнүгэр (Билии күнүгэр) бүтэн саҥалыы тыыннаммыт библиотекаҕа киириэххит диэн эрэннэрдэ.

А. В. Котоконова Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр кылаабынай федеральнай инспектор Евгений Владимирович Корнеевтыын