
«КЭРЭХСЭБИЛЛЭЭХ КӨРСҮҺҮҮЛЭР»
бырайыагынан улууспут дьоһун дьонун кытта көрсүһэр, атах тэпсэн олорон сэһэргэһэр сэргэх тэрээһинигэр ыҥырабыт.
Көрсүһүү ыалдьыта – Дмитрий Федосеевич Наумов – Миитэрэй Наумов – СӨ норуодунай суруйааччыта, Саха сирин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, судаарыстыбаннай уонна политическай деятель, учуонай – зоотехник, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Үөһээ Бүлүү, Амма, Томпо улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, аныгы кэм саамай биллэр, норуокка чугас суруйааччыта, драматура.
Үөһээ Бүлүүлэр күндү күтүөппүт Дмитрий Федосеевич
СӨ норуодунай суруйааччыта үрдүк аатын сүкпүт өрөгөйүгэр анаан айар үлэтин, инники былааннарын тус бэйэтин санаатын, олоххо көрүүтүн истиэххит ону сэргэ хаартыскаларын, кинигэлэрин быыстапкатын билсиэххит.