



О. Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека
саха төрүт тылын уонна суругун-бичигин күнүн иитинэн, олунньу 18 күнүгэр үгэс буолбут
“САХАЛЫЫ ДЬЫКТААН” суруйуутун ыытта.
“Сахалыы дьыктаан” 2014 сылтан Национальнай библиотека иилээһининэн ыытыллар Төрөөбүт тылга, сурукка-бичиккэ аналлаах декада чэрчитинэн сахалыы таба суруйуу үөрэҕин олохсутар, иҥэрэр сыаллаах ыытыллар, Киин библиотека бу акцияҕа 2015 сылтан кыттыһар.
Дьыктааны суруттарда СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Улуус сэбиэтин депутата Варвара Васильевна Васильева.
Түмүк:
“Бастыҥ суруксуттар” Иванова Сусанна Иннокентьевна,
Семенова Кристина Афанасьевна,
Андреева Саргылана Григорьевна.
“Үчүгэй суруксуттар”
Иванов Николай Дмитриевич,
Федорова Наталья Еремеевна,
Петров Савва Яковлевич,
Прокопьева Сардана Петровна,
Павлова Дария Николаевна,
Саввинова Сардаана Михайловна,
Каташева Марианна Варламовна.
Хас биирдии кыттааччыга
“Туоһу сурук” туттарылынна, бастыҥ уонна үчүгэй суруксуттар “Добун суругу” киин библиотекаттан кэлэн ыларгытын күүтэбит.
Кыайыылаахтарга эҕэрдэ эриэккэһин тиэрдэбит!!!