Главная / Библионовости / Исиидэр Бараахап олоҕун бастакы чинчийээччи В.С. Петров

Исиидэр Бараахап олоҕун бастакы чинчийээччи В.С. Петров


Warning: Invalid argument supplied for foreach() in /var/www/u0965142/data/www/vvlibr.ru/wp-content/plugins/book-shelf/includes/main.php on line 185

Быйыл Саха Ньургуна – Исиидэр Бараахап төрөөбүтэ 125 сылын туолар.

            Хомойуох иһин, кини олоҕун чинчийэн, үөрэтэн, дьон билиитигэр таһаарыы, күн бүгүнүгэр диэри кыаллыбакка турбута. Саха сирин устуоруйатын биир “үрүҥ бээтинэтэ” буолан сылдьыбыта.

            125 сыллаах Өрөгөйү көрсө тахсыбыт, Сиэн Мунду суруйбут “Исидор Барахов” диэн кинигэтэ, “үрүҥ бээтинэ” быыһын сэгэтэн, оччотооҕу быһыыны-майгыны өйдүүргэ, Саха АССР устуоруйатын чахчыларын билэргэ көмөлөһөр. Ону таһынан Исиидэр Бараахап хорсунтан хорсун быһыыта саха омугун өлөр өлүүттэн быһаабытын итэҕэтиилээхтик арыйар. Сиэн Мунду кинигэтэ кырдьык өрөгөйдүүрүгэр, Исиидэр Бараахап аата норуотугар хаһан даҕаны умуллубат сулустуу сандаарарыгар, эбии чинчийэр үлэлэр киэҥ далааһыннаахтык ыытыллалларыгар эрэл кыымын үөскэтэр. Бу иһин Сиэн Мундуга махталбыт улахан.

Исиидэр Бараахап сымыйа буруйдааһыҥҥа түбэһэн 1938 сыллаахха балаҕан ыйын 18 күнүгэр күн сириттэн суох оҥоһуллубута. 1956 сыллаахха буруйдааһын олоҕо суох эбит диэн аата иккистээн тиллибитэ.

Кинигэттэн аахтахха, саха Ньургуна – Исиидэр Бараахап олоҕун, үлэтин үөрэтиигэ ааны аһааччынан, суолу тэлээччинэн Петров Василий Спиридонович буолбут эбит. Кини кимий?

            Василий Спиридонович 1919 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун иккис Үөдүгэй нэһилиэгэр Анна, Спиридон (Дьөккөйө уола) Петровтар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүт. Александра диэн биэс сыл аҕа эдьиийдээх, Александр диэн түөрт сыл кыра инилээх эбит. Инитэ Александр олус сайдыылаах, ыччаттары түмэр,  бас-көс киһи буола улааппыта. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр, сэтинньи 8 күнүгэр 1943 сыллаахха, Калининскай уобалас Невельскэй оройуонун иһин кыргыһыыга охтубута, Урыче дэриэбинэтигэр көмүллүбүтэ.

Василий Спиридонович инитин олус  суохтуур, аһыйар эбит. Тастыҥ балта Захарова Людмила Ивановна маннык ахтар: “Биһиги Үөһээ Бүлүүгэ Үөдүгэй нэһилигэр олордохпутна Василий Спиридонович биһиэхэ элбэхтик сылдьааччы, ийэбин: “Балтым, дорообо!” – диэбитинэн киирээччи. Оччолорго сайын дьиэ түннүгүн ылан кэбиһээччилэр. Биирдэ эмиэ Баһылай кэлбитэ, ийэбин кыта кэпсэтэллэр, мин онно эрэ кыһаллыбакка иһирдьэнэн-таһырдьана сылдьабын. Дьонум кэпсэтэ олорон “Хайыһар” диэн ырыаны ыллаан бардылар, арай таһырдьа сылдьан көрбүтүм, түннүк холуодатыгар өйөнөн, таһырдьа быган туран, Баһылай ытыы турар эбит. Мин олус соһуйдум “улахан киһи ытыыр эбит дуу” дии санаабыппын өйдүүбүн, кэнники санаатахпына сэрииттэн эргиллэн кэлбэтэх быраатын Моокууну (Моокуу диэн Александр таптал аата үһү)  санаан ытаабыт эбуолуохтаах.”

Инитин кэриэстээн, уолун Александр диэн ааттаабыт. Петров Александр Васильевич, биллэр суруналыыс буолбута, “Молодежь Якутии”, “Якутия”, “Эхо недели” хаһыаттарга үлэлээбитэ.

Людмила Ивановна салгыы маннык ахтар: “Биирдэ, ханнык сылын үчүгэйдик өйдөөбөппүн, Баһылай киирэн кэллэ. Ийэбин кытта кэпсэтэллэр. Кэпсэтэллэрин кулгааҕым уһугунан истэбин, Баһылай: “Москубаҕа архыыпка үлэлии баран эрэбин, баҕар, бүтэһик көрсүүбүт буолуо, хаайан кэбиһиэхтэрин сөп. Хаайдахтарына, куһаҕан киһи эҥин диэтэхтэринэ итэҕэйээйэххин, ити барыта политика”, – эҥин диир. Ол курдук кэпсээннээх, ийэбин кытта көрсөн ааспыта”.

Ити кэлэн көрсөн барбыт сылыгар буолуон сөп, Василий Спиридонович “Славный путь большевика (о жизни и деятельности И.Н.Барахова)” диэн кинигэни суруйан таһаартарбыта. Ол кинигэтигэр 1922 сыллаахха кулун тутар 12 күнүгэр Саха сиригэр былааһы уларыта тутуу (переворот) оҥоһуллубутун, ону И.Н.Барахов салайбытын, аан бастаан дьиҥнээхтик, хайдах баарынан сырдаппыта. Бу кинигэ тахсыыта, оччотооҕу былааска, былыта суох халлааҥҥа эмискэ этиҥ эппитигэр тэҥнээх буолбута. Сонно тута, 1922 сыллаахха Саха сирин Губбюротун сэкэрэтээринэн үлэлээбит Лебедев Георгий Иванович, Василий Спиридоновиһы “националист”, “ситэ сууһарылла илик революция өстөөҕө” диэн буруйдаабыта. Маннык буруйдааһыҥҥа түбэспит киһи, кырата, хаайыыга быраҕыллара, үксүгэр суох оҥоһуллара. Лебедев Петрову буруйдааһынынан эрэ муҥурдаммакка Сэбиэскэй Сойуус Коммунистическай партиятын Киин Кэмитиэтигэр “Саха сирин партийнай тэрилтэтин историятын” миэхэ суруйтарыҥ диэн көрдөһүүнү киллэрбитэ. Лебедев Г.И. оччолорго кырдьаҕас большевик, Саха сиригэр Сэбиэскэй былааһы олохтоспут дьонтон биирдэстэрин быһыытынан Сойуус таһымнаах биэнсийэни ылара, Москваҕа олороро, улахан ытыктабылынан туһанара.

Сиэн Мунду кинигэтиттэн салгыы биллэххэ, ССКП Киин Кэмитиэтигэр киирбит сигнал хайаан даҕаны көрүллүөхтээҕин быһыытынан ССКП Саха уобаластааҕы кэмитиэтэ анал хамыыһыйа тэрийбит эбит. Хамыыһыйа Василий Спиридоновиһы көбүөргэ ыҥырбыт. Василий Спиридонович хамыыһыйаҕа Лебедев Г.И. дьиҥнээх сирэйин саралаан, эсиэрдэр баартыйаларыгар сылдьыбытын, бассабыыктарга кэнники холбоспутун, гражданскай сэрии кэмигэр саха дьонун “бары кэриэтэ националистар, төһө кыалларынан суох оҥортуохха” диэн политиканы ыыта сатаабытын туһунан архыып докумуоннарыгар олоҕуран быһаарбыта. Инньэ гынан хамыыһыйа иннигэр ыраастанан тахсыбыта.

Петров В.С. тус олоҕо алдьаныан, кырата хаайыыга барыан сөбүн төһө даҕаны өйдөөтөр онтон иҥньэн турбатаҕа. Исидор Барахов дьиҥнээх үтүөтэ бар дьонугар биллиэхтээҕин өйдөөн, кырдьык өрөгөйдүүрүн туһугар, кинигэ таһаартарбыта. Бу холоб, Василий Спиридонович хорсунтан хорсун киһи буоларын, күннээҕинэн буолбакка кэлэр кэминэн салайтаран олорбут үтүөкэннээх киһи буоларын көрдөрөр.

Василий Спиридонович туһунан Дьокуускайга, 2009 сыллаахха тахсыбыт “Үөдүгэй нэһилиэгэ” диэн кинигэ маннык суруллубут:

“Бэйэтин кэмигэр биллэр комсомольскай, партийнай үлэһит этэ.

Сэрии сылларыгар, сүүрбэтиттэн эрэ тахсан баран БСКП (б) Үөһээ Бүлүүтээҕи райкомун сэкэрэтээринэн үлэлээбитэ. Салгыы обкомол сэкиритээрин дуоһунаһыгар уһуннук үлэлээн, оччотооҕу Саха сиринээҕи хомсомуол тэрилтэтин бөҕөргөтүүгэ, ыччаты үлэҕэ-хамнаска көҕүлээһиҥҥэ кырата суох кылааты киллэрбитэ. …Олоҕун тиһэх кэрчигин, уонтан тахса сылы, Дьокуускайдааҕы госуниверситетка философия факультетыгар студеннары үөрэтиигэ анаабыта”.

Василий Спиридонович дьоҥҥо көмөлөһөр үтүө майгытын туһунан Людмила Ивновна ахтыытыгар маннык баар:

“Мин эһэм Руфов Дмитрий-Миикээ бэйэтин кэмигэр харытын күүһүнэн сэниэ ыал буола байбыт киһи эбит. НЭП кэнниттэн колхозтары тэрийии ухханыгар баай дьону кулаак оҥортооһун саҕаламмыт. Онуоха Василий Спириднович эһэбэр Миикээҕэ: “Кулаак оҥоруохтарын иннинэ баайгын барытын колхозка туран биэр. Оннук гымматаххына, бэйэҕин кулаах оҥорон сордуохтара, оҕолоргун кулаах оҕолоро диэн сүгүн олордуохтара суоҕа”, – диэн сүбэлээбит. Эһэм, Баһылай сүбэтин ылынан, төһө даҕаны баҕарбатар, баайын барытын колхозка биэрэн кэбиспит онон кулаактаммакка хаалбыт. Эһэм төһө даҕаны кулаактамматар, баайа суох буолбутуттан санаата оонньоон, дойдутуттан Бүлүү куоракка көһөн олохсуйбут. Ийэм Татьяна Дмитриевна Бүлүүгэ олорон улаханнык ыалдьыбыт. Ону оччолорго Бүлүүгэ кылаабынай быраастаан олорбут Иккис Үөдүгэй киһитэ Петров Прокопий Андреевич (кэнники Саха АССР Доруобуйаҕа харыстабылын миниистирэ буолбута): “Арааһа, Бүлүү сирин сөбүлээбэккин быһыылаах, онон дойдугар Үөһээ Бүлүүгэ төннөн олохсуйан көр”, – диэн сүбэлээбит. Прокопий Андреевич сүбэтинэн Үөһээ Бүлүүгэ төннөн Үөдүгэй нэһилиэгэр олохсуйбуппут, ийэм улаханнык ыалдьар буолан үлэлиир кыаҕа суох этэ. Ол кэмҥэ колхоз бэрэссэдээтэлинэн Лазарев Гаврил Гаврильевич үлэлиирэ. Кини куулунан хортуоска, хаппыыста, эт аҕалан биэрэн тыыммытын салҕаабыта. Онтун иһин колхоз уопсай мунньаҕар сирэйгэ-харахха анньыллыбыт. Онуоха Гаврил Гаврильевич: “Хайдах буоллугут, биһиги колхозпут Миикээ оҕонньор баайын суотугар тэриллибитэ. Сүөһүтүн этэ барбакка ат тэрилигэр тиийэ биэрбитэ”,- диэбитигэр, колхоз кырдьаҕастара өйөөн: “Миикээ кыыһыттан көҥөнө олоруохпут дуо? Сөпкө бэриллибит”, – диэн утарар дьону саба саҥаран кэбиспиттэр. Онон киһи-хара буоларбытыгар көмөлөспү Үөдүгэй нэһилиэк олохтоохторугар махталым улахан! Ийэм дойдутугар төннөн, сымыйаннан этэр курдук сыыйа көнөн, доруобуйата тупсан хаалбыта”.

Петров В.С. төһө даҕаны хамыыһыйа иннигэр ыраастанан кырдьыга таҕыстар, кини саҕалаабыт үлэтэ өр кэмҥэ иннинэн сыҕарыйар кыаҕа сарбыллыбыта. Исидор Никифорович Барахов туһунан суруйар, бэччээттиир көҥүллэммэт курдук быһыы үөскээбитэ.  Оччотооҕу Саха сирин салалтата Исиидэр Бараахап хорсунтан хорсун быһыыта арыллан, дьоҥҥо тарҕаныан, биллиэн баҕарбатаҕа. Хомуньуус баартыйа аатын киртитиигэ буруйданыахпыт, халбархай дьыалаҕа кыбыллан хаалан кылгас соннонуохпут диэн куттаммыттар быһыылаах. Онон Исидор Барахов туһунан дьон-сэргэ ортотугар үһү-бадах курдук кэпсээннэр эрэ тарҕанан сылдьыбыттара. Василий Спиридонович кинигэтэ тахсыбыта 47 сыл ааспытын эрэ кэнниттэн Бараахап олоҕун чинчийии салҕаммыта. Ону даҕаны олохпут, былааспыт уларыйан. Былаас уларыйбатаҕа буоллар, күн бүгүҥҥэ диэри кур бэйэбит кубулуйбакка олоруохпутун саарбахтаабаппын.

Василий Спиридонович курдук дьон туһугар кыһаллар, кырдьыгы туруулаһар хорсун дьон баарын тухары, олох сайдар, чэчириир кыахтаах.

Биһиги билиҥҥи көлүөнэ дьон оннук дьоммутугар махтанар ытык иэстээхпит. Василий Спиридонович, хорсун быһыыта бэйэтин кэмигэр сыаналаммака хаалбытын, хойутаан даҕаны буоллар сыаналыахтаахпыт. Исиидэр Бараахап 125 сыллаах Өрөгөйүн тэрээһиннэригэр кини аата хайаан даҕаны ааттаныахтаах, үтүөтэ үтүөнэн төлөнүөхтээх.

Макаров Б.С., Үөһээ Бүлүү, 2023

«Славный путь большевика» кинигэ ааптара Василий Спиридонович Петров
В.С. Петровка Исиидэр Бараахап соратнига, доҕоро Дора Самуиловна Жиркова суруга

Василий Спиридонович Петров В.С. Синеглазова «Ты помнишь товарищ,…» (1967)  ахтыы кинигэтин эрээдээксийэлээн таһаарбыта.

 В. Синеглазова 1917-1920 сс. Саха сиригэр саҥа былаас иһин туруулаһыы, Бүлүү уокуругар буолбут быһылааннар тустарынан ахтыыларыгар саха чулуу эдэркээн уолаттарын Исидор Барахов, Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Степан Аржаков, Степан Васильев, уонна да атыттар тустарынан кэпсиир. Вера Синеглазова Дьокуускайга Ем. Ярославскай куруһуогар Бараховтааҕы кытта бииргэ табаарыстаһан сылдьыбыта,  соратниктара, кэлин Москубаҕа Коминтерҥа, ССРС наукаларын Академиятыгар, Японияҕа полпредствоҕа үлэлээбитэ.  

В. Синеглазова 1922 сыллааҕы Бүлүү куоратын үрүҥ бандьыыттартан  оборуонатын салайааччыта этэ. Кинигэҕэ Бүлүү уокуругар бу кэмҥэ күөдьүтүллүбүт өрө туруулар тустарынан Исидор Барахов суруйбутун ааҕабыт: «Анализируя деятельность Верхне-Вилюйской партячейки и красной дружины, И. Н. Барахов в статье «Повстанчество в Вилюйском округе» (газ. «Авт. Якутия» за 2, 3, 4 августа 1922 года) писал: «Здесь нельзя обойти молчанием, что некоторые районы Вилюйского округа, как например, Верхне-Вилюйская волость, совершенно не принимали участие в повстанческом движении, несмотря на то, что территорию этой волости проходили несколько раз отдельные повстанческие и наши части. Население этой волости с первых же дней отнеслось враждебно к приезжим повстанцам, всячески поддерживая наших и получило достойное и почетное наименование большевистской волости».

В.С. Синеглазова «Ты помнишь товарищ,…» (1967)  кинигэтин Үөһээ Бүлүү киин библиотекатыттан булан ааҕыаххыт.

Ааптар: Иван Васильевич Борисов —
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, бэчээт туйгуна, 2002-2008 сс. Саха республикатын суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, 1976-1984 сс. САССРГостелерадио (билигин НВК) редакторынан,сүрүннүүр редакторынан,  «Якутский университет» хаһыат редакторынан үлэлээбитэ.

Идеологическай фронт байыаһа

Василий Спиридонович Петров билигии баара буоллар аарыма кырдьаҕас, сүүс үс сааһын туолбут буолуох этэ. Кини Иккис Үөдүгэй нэһилиэгэр төрөөбүт. Бэйэтин туһунан докумуон көрдөрөрүнэн аҕатын туһунан биир да тыл суруллубатах, ийэлээҕин эрэ туһунан ахтыбыт.

Василий Петров колхозтаах ыччат оскуолатыгар үөрэнэн сэттэ кылааһы бүтэрбит, Дьокуускайга кэлэн педагогическай техникумҥа үөрэххэ киирбит. Ол эрэн иккис сылын үөрэнэ сырыттаҕына ийэтэ ыалдьан техникумтан уурайбыт. Дойдутугар тиийбитигэр Тойоку оскуолатыгар учууталынан анаабыттар, онтон салгыы Үөһээ Бүлүү оскуолатыгар үлэлээбит. Учуутал уолу оройуон пионердарын салайтара, үөрэттэрэ, саҥаҕа, сонуҥҥа, советскай былаас үөрэҕин иҥэттэрэ комсомол оройуоннааҕы комитетыгар анаабыттар.

Вася уол оҕоттон биир уратылаах – политическай билиигэ ордук тардыһар, онон хаһыакка, кинигэҕэ политическай суруйуулары сирийэн ааҕар, ордук В.И.Ленин ыччаттарга аналлаах үлэлэрин хастыыта эмит төхтөрүйэн ааҕар. Бастаан утаа нууччалыы ыарырҕатара, ол эрэн тылга дьоҕурдааҕа таайан нууччалыы бэрт дөбөҥнүк билбитэ.

Оройуонугар комсомол салайааччыта үгүс сыратын, өйүн-санаатын, билиитин- көрүүтүн сайыннарыыга аныыр, элбэхтик ааҕар, санаатын бэрт чуолкайдык суруйар, тылын-өһүн сытыылыыр. Лекция, дакылаат оҥороругар үгүс ыччат мустар, ардыгар мөккүһэллэр, ол эрэн Баһылай политиканы дириҥник күннэтэ үөрэппитэ көстөр, мөккүөрү бэрт сытыытык түмүктүүрэ.

Оройуон салалтата Василий Петров үлэтин күннэтэ кэтээн көрөрө, дьаһала сөптөөҕүн, эппитэ толорулларын бары билэллэрэ, онон партия райкомугар пропагандист дуоһунаһыгар аныыллар. Эдэр коммунист хайдах эрэ бэйэтигэр сөптөөх уонна аналлаах үлэтин курдук толкуйдуур. Партия райкомугар түбүгэ өссө элбиир, тыа нэһилиэктэригэр сылдьан государственнай былааннар, колхозтаахтар үлэлэригэр ылыммыт араас эбэһээтэлистибэлэрин билсиһэр, туолбат түгэнигэр тоҕо толоруллубатын быһаарсар. Кини сатабыллаах, үчүгэй тыллаах суруксут, онон райкомҥа, аппараакка үгүс уураахгары, дьаһаллары, ыҥырыылары суруйтараллар, нэһилиэнньэ ортотугар үгүстүк дакылаат, лекция оҥороругар сорудахтыыллар. Дьон Баһылайы сэргээн истэллэр.

Василий Спиридонович Петров партийнай үлэһит, идеологическай фронт биллэр саллаата буола үүнүүтэ, төрөөбүт оройуонугар пропагандист дуоһунаһыгар үлэлиэҕиттэн нэһилиэнньэҕэ биллибитэ, биһирэммитэ. Кини атын дьонтон уратыта мэлдьи кинигэ, хаһыат, сурунаал кыбыныылаах буолара. Адьас эдэриттэн марксистскай-ленинскэй үлэлэри умсугуйан туран ааҕара, ардыгар хас эмит төгүл хатылыыра, ис хоһоонун өйдүүргэ, суолтатын ырытара.

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларыгар төрөөбүт оройуонугар араас дуоһунастарга партия райкомугар үлэлиир. Араас ыарахан дьыллар-күннэр ааспыттара. Кураан дьыллар охсуулара, үлэһит илии тиийбэтэ, эдэр-сэнэх дьон үгүстэрэ тапталлаах советскай Ийэ дойдуларын көмүскүү барбыттара. Фронтан араас биллэриилэр кэлэллэрэ, ол курдук сэрии бастакы сылыгар биһиги армиябыт чугуйуута, Москваҕа лаппа немецтэр ыган кэлиилэрэ, ол эрэн улуу сирдьит И.В.Сталин сүгэ-балта курдук чуолкай дьаһаллара, сорудахтара инникигэ эрэли үөскэтэрэ. Ити түгэни партийнай үлэһит Василий Петров дьоҥҥо чуолкайдык, кырдьыктаахтык, ылыннарыылаахтык быһаарара, өйдөтөрө уонна кыайыы туһугар туох кыалларын барытын оҥорорго ыҥырара.

Партия обкомугар оройуоннарга эдэр коммунистар хайдах олороллорун, туох интэриэстээхтэрин, олохторун-силэхтэрин, тылларын-өстөрүн кэтээн көрөллөрө. Үөһээ Бүлүү райкомун секретарын В.С.Петровы Дьокуускайга ыҥыран “Кыым” хаһыат отделын сэбиэдиссэйинэн аныыллар. Сэрии уота олус күүскэ умайара, өлүү-сүтүү үксэ, ол эрэн кырыктаах өстөөҕү кэннинэн чугурутан, кэҕиннэрэн советскай сир сидьиҥ өстөөхтөртөн босхолонон испитэ. Ол курдук Сталинград куораты немецкэй-фашистскай халабырдьыттартан босхолоон, тыһыынчанан ахсааннаах немецкэй сэрииһиттэри билиэн ылан, өссө командующайдарын Паулюһы кытта тутан бэриннэрбит кэмнэрэ, Курскай тоҕойго немецкэй фашистардыын хааннаах хапсыылара бара турдаҕына Василий Петровы республика сүрүн партийнай хаһыатыгар үлэҕэ анааһыннара эрдэттэн толкуйдаан дьаһайбыттара чуолкай. Үгүс быһаарыылаах кырыктаах кыргыһыылар барар кэмнэригэр дириҥ политическай билиилээх, нууччалыыттан табатык тылбаастыыр, саха дьоно өйдүүллэрин, ылыналларын курдук суруйар киһини Василий Спиридоновиһы бигэргэтэллэр. “Кыым” хаһыат саха дьонугар олус чугаһа, суруллубуту аахпыт уонна дьон ааеарын истибиттэр хайдах эрэ кинилэргэ туһаайыллыбыттыы ылыналлара. Республика олохтоохторо үчүгэй ылыннарыылаах тыллаах, лоп-бааччы сахалыы суруйар үлэһит таптыыр, ылынар хаһыаттарыгар баар буолтун өйдөөбүттэрэ.

Василий Спиридонович нууччалыы да, сахалыы да дэгиттэр суруксут, тылбааска тэҥнээҕэ бэрт аҕыйах. Өйүгэр тута сылдьара үгүс, баай тыллаах суруксут. Кини туһунан Саха государственнай университетыгар философия кафедратыгар бииргэ үлэлээбит коллегата философскай наука кандидата, доцент Еремей Прокопьевич Попов бу курдук ахтан турардаах: “Баһылайы кытта государственнай экзамен тутабыт, экзаменныыр билиэппитин тарҕаттыбыт, студеннар бэлэмнэнэллэр. Уу-чуумпу. Баһылайым олорон эрэн суруйан барда, студент бэлэмнэнэн эппиэттиэр диэри хас да страницаны суруйда, көрөн олорон ыйыттым, ити хантан, хайдах итиччэ элбэҕи суруйдуҥ? Киһим баар буоллаҕа,” диэтэ.

Биирдэ философия кафедратыгар партия обкома сорудах биэрбит, нэһилиэнньэни политическай үөрэхтээһиҥҥэ анаммыт учебнигы сахалыы тылбаастыырга. Кафедра сэбиэдиссэйэ философскай наука доктора, профессор А.Е.Мординов учебнигы отделларынан арааран сахалыы тыллаахтарга тылбаастыырга күнүн-дьылын чуолкай этэн түҥэппит. Саха уолаттара бары тылбаастаан баран үлэлэрин профессорга туттарбыттар. Авксентий Егорович икки киһиэхэ Василий Спиридоновичка уонна Спиридон Ксенофонтович Дмитриевка (Үөһээ Бүлүү Далыртан төрүттээх) итэҕэһи-быһаҕаһы булбатах, чуолкай сөпкө тылбаастаабыттарын эппит, атыттар тылбаастарын ааҕа-ааҕа маннык быһаарбыт: “Суруйан баран дорҕоонноохтук ааҕыҥ, төһө үчүгэйдик иһиллэрин өйдөөн истиҥ…”. Василий Спиридонович хайа баҕарар политическай, идеологическай партийнай докумуоннары ааҕааччы ылынарын, өйдүүрүн курдук тылбаастыыра. Маны киһи барыта кыайбат!

Василий Спиридонович “Кыым” хаһыатыгар үлэлии олордоҕуна обкомтан телефоннаабыттар уонна секретарга бачча чааска баар буол диэбиттэр. Анаммыт чааһыгар обком секретара А.Захаровка киирбит. Билсэр дьон быһыытынан күннээҕи олохтон саҕалаан кэпсэтэллэр. Тохтуу түһээт обком секретара: “Эйигин, Василий Спиридонович, партия Киин Комитетыгар аҕыс ыйдаах лектордар курстарыгар ыытарга сүбэлэстибит”, – диэбит. Василий Спиридонович соһуйа истибит, ол эрэн сэрии бара турар кэмигэр улуу Москваҕа лекторга үөрэнии үрдүк чиэскэ тиксибитин өйдөөбүт. Обком бюротун уурааҕынан хаһыатыттан уурайара, үөрэнэ барара быһаарыллар. 1944 сыл балаҕан ыйыттан 1945 сыл муус устар бүтүөр диэри Москваҕа олорор, үөрэнэр, билбэтэҕин билэр, өйдөөбөтөҕүн өйдүүр. Партия Киин Комитетын быһаччы салалтатынан партия ыытар политикатын, сэриигэ буолар дьайыылары, улуу сирдьит И.В.Сталин немецкэй халабырдьыттары утары охсуһуутун, Аан дойду олоҕун сиһилии ырытыылары, Америка Холбоһуктаах Штаттарын, Англияны кытта сыһыаны дириҥник ырыталларын араас бэйэлээх лектордар кэпсииллэрин истэллэр, суруналлар, боппуруостары биэрэн араас түгэннэри чопчулууллар, кэлин хайдах, ханнык хайысханан сайдыахпытын сиһилии билсэллэр. Немецкэй сэриилэр советскай сиртэн үүрүллэн бэйэлэрин уораҕайдарыгар тиийэ үлтү сынньыллыыларын сиһилии кэпсээни бигэтик өйдүүр, ылынар.

Василий Спиридонович Москваҕа олорон олус элбэҕи аахпыта, бэлиэтэммитэ, библиотекаҕа күннэтэ дьарыктаммыта. В.И.Ленин уонна И.В.Сталин үлэлэрин кичэйэн үөрэппитэ. Маны таһынан Москваҕа олорон музейдарга, театрдарга сылдьыбыта – бу барыта киниэхэ сонун, саҥаны арыйыы, билиитэ хаҥыыра, өйдөбүлэ сытыырхайара. Кырдьыга саҥаны, сонуну билбитэ, өйдөөбүтэ, толкуйа кэҥээбитэ.

Василий Спиридонович лектордарга анаммыт курска үөрэммитин кэннэ партия обкомугар штатнай лекторынан анаабыттара. Эдэр эрчимнээх лекторы республика устун элбэхтик командировкалаан партийнай, советскай, комсомольскай, хаһаайыстыбаннай активка анаан лекция аахтарбыттара, нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын хабан дьон олорор, үлэлиир сирдэрин аата-ахсаана суох лекция, дакылаат, бэсиэдэ оҥорбута, кини икки тылынан холкутук кэпсиирэ. Тыла-өһө ылбаҕайынан истээччилэрин бэйэтигэр тардара, боппуруостарга бэрт судургутук өйдөтөрдүү эппиэттиирэ. Кини лекциятын дьон сэргээн истэллэрэ уонна биллэриини иһиттэллэр эрэ көхтөөхтүк мусталлара, чуумпуран олорон лектор кэпсиирин болҕомтолоохтук олорон истэллэрэ.

Биир үтүө күн ЫБСЛКС обкомун пленума үлэтин саҕалыыр. Комсомол обкомун пленумугар партия обкомун үлэһиттэрэ кытталлар. Ыччаттар ортолоругар иитэр-үөрэтэр, советскай патриотизмҥа, сэрии алдьархай содулун туоратыыга идеологическай үлэни күүһүрдүүгэ комсомол обкомун пропагандаҕа үлэтин тупсарарга партия обкомун лекторын Василий Петровы обкомол секретарынан быыбардыыллар. Оччоҕо ханна баҕарар эдэр дьон эрчимнээх үлэлэрэ эрэйиллэрэ. Сир-дойду аайытын комсомоллар дьаһаллара чуолкай туолара. Ханна баҕарар комсомольскай тэрилтэ оруола үрдүгэ. Хаһаайыстыбаннай салайааччылар хайаан да комсомольскай тэрилтэни кытта уопсай тылы булан, өйдөһөн, быһаарсан үгүс ыарахан боппуруостары быһаараллара. Ордук колхозтарга коммунист бэрт аҕыйаҕа, онон комсомольскай тэрилтэ быһаарыыта, дьаһала олоххо киирэрэ, ылыныллара. Ханна да тиий ыччат-комсомольскай биригээдэлэр, звенолар тэнийэн производственнай көрдөрүү түргэнник үрдүүрэ, үлэҕэ хойутааһын, былааны, эбэһээтэлистибэни толорбот буолуу лаппа биллэрдик аҕыйаабыта. Комсомольскай тэрилтэ хаһааҥҥытааҕар да оруола үрдүгэ – бу кэмҥэ Василий Спиридонович республика ыччаттарын салайар үрдүкү штабка күүһүн-күдэҕин, баар-суох билиитин, дьоҕурун ууран туран үлэлээбитэ. Күүстээх уонна эрдэттэн былааннаах үлэни оскуолаттан саҕалаабыттара. Үлэ коллективтарыгар комсомоллар араас өрүттээх общественнай, патриотическай, спортивнай хамсааһыннары былааннаахтык ыыталлара сүрүн болҕомтону тардара.

Обкомол секретара Василий Петров оройуоннарга үгүстүк сылдьара: оскуолаҕа тиийэн пионерскай, комсомольскай тэрилтэлэр үлэлэрин билсэрэ, сүбэ-ама буолара, ыйыы-кэрдии оҥороро. Үлэ коллективтарыгар хайаан да сылдьан үлэни-хамнаһы билсэрэ, кытаанах ирдэбиллэри туруорара, ис союзнай үлэни тупсарарга чуолкай дьаһаллары биэрэрэ уонна дьаһала туоларын кэмиттэн кэмигэр отчуоттуулларыгар быһаччы сорудахтыыра. Икки сыл курдук республиканскай комсомольскай штабка үтүө суобастаахтык, чиэһинэйдик үгүс сыратын биэрэн үлэлиир. Комсомольскай тэрилтэлэр үлэлэрин киэҥник сырдаталлара, бастыҥнар опыттарын киэҥник тарҕаталлара.

Уобаластааҕы партийнай тэрилтэ кадрдары иитиигэ, үөрэтиигэ мэлдьитин улахан болҕомтотун уурара. Эдэр дьон комсомольскай тэрилтэҕэ үлэлээн элбэҕи билэллэрэ, сайдаллара, үүнэллэрэ. Кинилэртэн сайдыылаахтары талан салгыы үөрэттэрэллэрэ. Сорох комсомольскай активистар идэ ылар үөрэххэ дьулуһаллара, онон комсомольскай путевканан араас институттарга үөрэнэ бараллара, ол быыһыгар, талан-талан салайар үлэҕэ анаан Үрдүкү партийнай оскуолаҕа үөрэтэллэрэ.

Обкомол секретара Василий Спиридонович Петровы Москваҕа партия Киин Комитетын Үрдүкү партийнай оскуолатыгар үөрэнэригэр сүбэлээн, партия обкомун бюротун уурааҕынан үөрэххэ ыыталлар. В.С.Петров Москваҕа, партия Киин Комитетын Үрдүкү партийнай оскуолатыгар үөрүүнэн үөрэнэ барар. Манна дойдуга биллэр бөдөҥ специалистар, ученайдар лекция ааҕаллар, семинардарын ыыталлар, реферат суруйбуттарын бэрэбиэркэлииллэр. Дөрүн-дөрүн партия Киин Комитетын отделларын сэбиэдиссэйдэрэ кэлэн билиҥҥи кэмҥэ дойду киинигэр тирээн турар боппуруостарга лекция ааҕаллар. Совнаркомтан хаһаайыстыбаннай боппуруостары быһаарыыга дойду салалтата туох үлэни ыытарын сиһилии кэпсииллэр, ордук чорботон И.В.Сталин этиилэрин, дьаһалларын олоххо киллэриигэ үлэ хайдаҕын, дьиҥнээх олоххо баар холобурдарынан ырытыылары оҥоруулара истээччилэри лаппа сэргэхситэрэ, өйдөтөрө. Үөрэх ирдэбилэ кытаанах. Олохтоммут бэрээдэк быһыытынан аудиторияҕа олорон лекция истэн, семинарга эппиэттэһээт үксүн библиотекаҕа хойукка         диэри олорон араас литератураны ааҕаллара, конспектыыллара. Син биир студеннар буоллахтара, онон быыс-арыт булан МоскваҔа күүлэйдээн            сынньалаҥнарын      атаараллара, театрга, музейга сылдьалларын да умнубаттара.

Василий Спиридонович Петров Москваҕа Үрдүкү партийнай оскуоланы туйгуннук үөрэнэн бүтэрэр. Төрөөбүт дойдутугар кэлбитигэр партия обкома бастаан аппараакка үлэлэтэр, онтон үрдүк дуоһунаска, эппиэттээх үлэҕэ ананарын туһунан ыҥыран кэпсэтэллэр. Ол курдук Өлүөхүмэҕэ партия райкомун бастакы секретарынан оройуон коммунистарыгар билиһиннэрэн быыбардаталлар. Оройуон тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, онон колхозтаахтар олохторун, үлэлэрин өрө тардарга сүрүн болҕомтотун уурара киниттэн ирдэнэрэ. Оройуон элбэх ыһыылаах: бурдук, хортуоппуй бэркэ үүнэр, ынах сүөһүтэ да үгүс, ол эрэн ынах бородууксуйаны биэриитэ ирдэбилгэ эппиэттээбэт, ньирэй өлүүтэ үгүс. Бу барыта райком бастакы секретарын Василий Спиридонович хара сарсыардаттан киэһэ лаппа хараҥарыар диэри күннээҕи кыһалҕата. Биллэрин курдук тыа дьонун олоҕо, үлэтэ күнү-дьылы кытта ыкса сибээстээх, онон үлэни тупсарыы аҥардас сөптөөх уураахтары ылбыккынан быһаарыллыбат, колхозтаахтары кытта үгүстүк көрсөн кэпсэтии, өйдөтүү үлэ эрэйиллэр, кинилэр этиилэрин истэн туруорсар боппуруостарыгар сөптөөх дьаһаллары ылыныыны эрэйэллэр.

Үс сыл бэрт түргэнник ааһар. Партийнай үлэ, ордук хаһаайыстыбаннай боппуруостар Василий Спиридоновичка хайдах эрэ табыгаһа суох, бу хайысхаҕа сүрэҕэ-быары, өйө-санаата сыппат, онон Дьокуускайга кэлэрдии быһаарынар. ССКП обкома В.С.Петровы республика партийнай хаһыатыгар “Кыым” редакциятыгар идеологическай отдел сэбиэдиссэйинэн аныыр. Бу үлэ киниэхэ олус чугас, дууһата сытар, өйө-санаата тупсар, оройуоннарга сылдьар, дьон суругун көрөн бэчээккэ таһаарар. Москваттан партийнай үлэни тупсарыыга анаммыт уураахтар, дьаһаллар уонна үрдүкү салайааччылар этиилэрин тылбаастанан сахалыы тахсаллара ирдэнэр. Маннык түгэннэргэ Василий Спиридонович редакцияттан быкпакка үлэлиирэ.

Саха государственнай университетыгар философия кафедратыгар преподаватель наада буолар. Кафедра сэбиэдиссэйэ профессор А.Е.Мординов кинини ыҥыран кэпсэтэр. Хаһыакка конкурс биллэриллэр. Василий Спиридонович ирдэнэр докумуоннары хомуйан, толорон конкурска кыттар. Конкурснай хамыыһыйаҕа профессор А.Е.Мординов бэйэтинэн кыттар уонна В.С.Петровы кафедратыгар үлэлэтэрдии конкуруһунан быһаартарар.

В.С.Петров өр сылларга Саха государственнай университетыгар философия кафедратыгар старшай преподавателинэн үлэлээн пенсияҕа тахсыбыта. Кафедра сэбиэдиссэйэ профессор А.Е.Мординов преподавателлэр иннилэригэр студеннары үөрэтэллэрин таһынан былааннаах научнай-чинчийэр үлэни ыыталларын ирдиирэ уонна кандидатскай диссертацияларын бэлэмнээн көмүскүүллэрэ хас биирдиилэригэр булгуччулаах, былааннаах сорук. Бу түгэҥҥэ Василий Спиридонович туһунан тоҕо эрэ боппуруос турбата. Кинини партия обкома элбэхтик үлэлэтэрэ. Аата ахсаана биллибэт үгүс идеологическай үлэҕэ Василий Спиридоновиһы ыҥырыллара. Кини төһөлөөх лекцияны, дакылааты оҥорбутун бэйэтэ да билбэтэ буолуо. Икки тылынан лекцияны холкутук ааҕара, өссө университет марксизма-ленинизма солбуллубат преподавателэ, маны сэргэ араас өрүттээх партийнай курстарга лекция ааҕара, өссө кэтэхтэн Хабаровскайдааҕы Үрдүкү партийнай оскуола истээччилэрин үөрэтэрэ. Быһатын эттэххэ мэлдьи бокуойа суоҕа.

Василий Спиридонович партия, комсомол, советтар республикаҕа ыыппыт үлэлэрин бэрт элбэҕи билэрэ, ол эрэн тоҕо үчүгэйдик, биллэр-көстөр үлэни суруйбатаҕын сөҕө эрэ саныыбын. Кини курдук нууччалыы-сахалыы уу тэстибэтинэн суруйар киһи бэрт аҕыйах. Кафедраҕа кинини кытта өр сылларга бииргэ үлэлээбит коллегата, биир дойдулааҕа философскай наука кандидата, профессор Павел Захарович Тобуков маннык ахтар: “Биһиги бары науканан дьарыктанарбыт, диссертациябытын суруйаары кыһаллар этибит, ол эрэн Василий Спиридоновичтан кафедра мунньаҕар биир да түгэҥҥэ итинник боппуруос турбата. Биһиги эдэрдэр кинилэргэ чугасаһа сатаабат этибит. Василий Спиридонович диссертация суруйа соруммута буоллар бэрт түргэнник суруйуо этэ, тоҕо суруйбатаҕын билбэппин”.

Саха государственнай университета күүстээх уонна бэлэмнээх партийнай тэрилтэлээҕэ. Партийнай сорудах быһыытынан хамнаһа суох “Якутский университет” хаһыат редакторынан араас кэмҥэ үлэлээн ааспыттара С.К.Дмитриев, Г.Р. Кардашевскай уонна В.С.Петров. Бу хаһыат бастакы редактора Спиридон Ксенофонтович Дмитриев, кини философия кафедратын доцена, онон ректор А.Е.Мординов быһаччы сорудаҕынан Спиридон Ксенофонтович “Якутский университет” аан бастаан тахсарыгар редактордаабыта. Кини “Кыым” хаһыат редакторынан үлэлээн ааспыта. Кини төрөөбүт сирэ Далыр нэһилиэгэ.

Василий Спиридонович биир кинигэлээх (“Славный путь большевика: О жизни и деятельности И.Н. Барахова”, 1961) уонна кинигэ суруйбута суох, тоҕо суруйбатаҕа буолла. Кини дьиэтигэр-уотугар кэргэнэ көрөн-истэн олорбута, биир уол оҕолоохторо. Александр Петров диэн республикаҕа биллэр журналист. Саша “Молодежь Якутии” хаһыаттан үүммүт, сайдыбыт журналист. Бу коллективка корреспондентан редакторга тиийэ үлэлээбитэ. Партийнай дьаһал быһыытынан кинигэ издательствотыгар, “Социалистическая Якутия” хаһыат редакциятыгар отдел сэбиэдиссэйинэн үлэлээн ааспыта. Саша эдэр сааһыгар эмискэ баран хаалта, ийэтигэр ыарахан сүгэһэри хаалларан. Саша биир уоллаах, Красноярскай кыраайга үлэлиир, кэргэнэ Люда уолун батыһа сылдьар.

Саха норуотун биир биллэр киһитэ Василий Спиридонович Петров 103 сааһын туолла. Эдэр сааһыгар төрөөбүт оройуонугар учуутал, комсомол, партийнай салайааччы, биир чаҕылхай сайдыылаах киһи, В.И.Ленин үлэлэрин дириҥник үөрэппит биир саха.

В.С.Петров Ленинскэй комсомол отут сылынан 1948 сыллаахха “Бочуот Знага” орденынан наҕараадаланар. Республика үлэһит дьонун тыа хаһаайыстыбатыгар, промышленноска ситиһиилэрин бэлиэтээн орденнарынан, медалларынан наҕараадалаабыттара, онон 1947 сыллаахха “Үлэҕэ килбиэнин иһин” медалынан, онтон 1957 сыллаахха Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитинэн эмиэ медалынан наҕараадаламмыта, 1945 сыллаахха Советскай Союз Германияны кыайбытынан бастакы медалынан бэлиэтэммит. Өр сыллаах сыралаах үлэтэ дойду салалтатынан киэҥник бэлиэтэммит, билиниллибит.

Иван БОРИСОВ, журналистика ветерана 08.06.2022

Гаврил Иосифович Чиряев, 1955-1958 сс.
ССКП Үөһээ Бүлүүтээҕи райкомун II сэкирэтээрэ

1956 сылтан республика үрдүнэн репрессияламмыт советскай-партийнай үлэһиттэри ааттарын төнүннэрии үлэтэ саҕаламмыта. Саха судаарыстыбаннай, политическай деятелэ Исидор Никифорович Барахов онно суохха буруйдаммытын көтүрэр, аатын тилиннэрэр ССРС Үрдүкү Суутун Байыаннай коллегиятын быһаарыыта 1956 сыл алтынньы 31 күнүгэр тахсыбыта.

Тутанына Үөһээ Бүлүүгэ Барахов аатын тилиннэриигэ Үөһээ Бүлүүтээҕи партия райкомун II секретарынан үлэлии сылдьар Гавриил Иосифович Чиряев үлэни саҕалаабыта. Кини республика архыыптарыгар үлэлээн баар чахчылары хомуйан, Барахов кэргэнэ Александра Андреевнаҕа суруйан «Кыым», «Коммунизм суолунан» хаһыаттарга ыстатыйалары бэчээттэппитэ. Үөһээ Бүлүү оройуонун үс нэһилиэктэрин Н.С. Хрущев аатынан, «Победа», «Чолбон» колхуостары холбоон биир бөдөҥ хаһаайыстыба тэриллибитэ уонна И.Барахов аата иҥэриллибитэ. Үөһээ Бүлүү 1-кы оскуолатыгар (дириэктэр Дмитрий Спиридонович Спиридонов) Барахов аата иҥэриллибитэ, оройуон киинин уулуссата ааттаммыта.

Биир дойдулаахпыт Василий Спиридонович Петрову кытта кэпсэтэн «Славный путь большевика» диэн аан бастакытын Барахов олоҕун уонна үлэтин туһунан брошюра 1961 сыллаахха нууччалыы тылынан бэчээттэнэн тахсыбыта.

Д.С. Спиридонов дьиэ кэргэнин кытта
Письмо секретариата Верховного суда СССР жене Черепановой Анастасии Андреевне, о посмертной реабилитации И. Барахова