Главная / Библионовости / 1922 сыл ахсынньы 27 күнүгэр Саха АССР-ы тэрийэр бастакы сийиэс аһыллыбыта

1922 сыл ахсынньы 27 күнүгэр Саха АССР-ы тэрийэр бастакы сийиэс аһыллыбыта

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ, 24 саастаах Исидор Никифорович Барахов киирии тылын ис хоһооно маннык этэ : «Бүгүн манна үлэһит норуот үтүө, бастыҥ дьоно муһунна. Хайдахтаах курдук мүччүргэннээх ыар кэмнэри мүччү түһэн, уоттаах сэриини ортотунан аастыбыт! Билигин олоҕу айыы эйэлээх кэмэ кэллэ. Ол бэйэтэ туспа олус уустуктардаах, ыарахаттардаах буолуо. Контрреволюция хара дьайдаах сэриитэ билигин даҕаны бүтэ илик. Билигин илинтэн Пепеляев генерал ааҥнаан киирдэ; саҥа ыспытаанньалары ааһыахха наада. Ол сатарыйбыт хаһаайыстыбаҕа эбии ыарахан баастары хаалларыаҕа. Ол да гыннар, төһө да ыарахаттары көрсүбүппүт иһин, иннибит диэки өһөстүк уонна кыайыылаахтык баран иһиэхпит. Биһиги соҕотох буолбатахпыт. Биһигини кытта бүтүн Россия Федерацията баар».