О.Д. Федорова аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи киин модельнай библиотекаҕа учуутал уонна уһуйааччы сылыгар анаан, учуутал күнүгэр сөп түбэһиннэрэн алтынньы 5 күнүгэр “Олох кэрэ” бырайыак ыалдьыттарынан РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Үөһээ Бүлүү улууһун, Тамалакаан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Ираида Михайловна Иванова уонна РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх учуутала, Учууталлар учууталлара Надежда Ивановна Николаева кэлэн күндү ыалдьыт буоллулар.
Бу күн ураты эйгэни олохтуур, сайдар суолу солуур үтүөкэннээх дьон-педагогтар оччотооҕу кэмнэрин, эдэркээн саастарын, учуутал идэтин бастакы хардыыларын уу сахалыы санаан-ахтан сэһэргээһиннэрэ дьон болҕомтотун тартылар, долгуттулар. Тэрээһиҥҥэ улуус дьаһалтата, үөрэх управлениета уонна кинилэр үөрэппит оҕолоро – билигин аҕам саастаах дьон, үлэлээбит оскуолаларын директордара, коллегалара кэлэн истиҥ тылларын эттилэр, эҕэрдэлээтилэр.








