Үөһээ Бүлүүтээҕи О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа алтынньы 6 күнүгэр Үөһээ Бүлүү оройуонугар Ойуур хаһаайыстыбата тэриллибитэ 80 сылыгар ананан тахсыбыт кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Үөрүүлээх тэрээһини эҕэрдэ ырыаларынан арыйдылар Саха сирин культуратын туйгуннара, мелодист Николай Чуручанов уонна Николай Борисов.
Бу кинигэҕэ Ойуур хаһаайыстыбатын историятын сүрүн кэрдиис кэмнэрэ, ойуур хаһаайыстыбатыгар үлэлээн ааспыт Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэрэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи лесничество историята, Үөһээ Бүлүү улууһун Саха Республикатын государственнай автономнай тэрилтэ “Якутлесресурс” историята, Үөһээ Бүлүү авиаотделение историята, ытык-мааны, дьоһун үлэһит бэтэрээннэрин уонна үлэһиттэрин ахтыылара, хаһыаттан ыстатыйалар уонна хаартыскалар киирбиттэр. Кинигэ Дьокуускай куорат “Алаас” кинигэ издательствотыгар 100 ахсаанынан, 280 сирэйдээх таҕыста.
Тэрээһиҥҥэ улууспут баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Семен Анатольевич, кинигэни хомуйан оӊорбут Үөһээ Бүлүү улууһун Ойуур хаһаайыстыбатын салайааччыта Тимофеев Павел Викторович, Үөһээ Бүлүү улууһун Ойуурун хаһаайыстыбатыгар 34 сыл эҥкилэ суох салайааччынан үлэлээбит, ойуур хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ Семенов Егор Михайлович, Россия ойуурун хаһаайыстыбатын туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү лесничествотын салайааччытынан 2008-2021 сылларга үлэлээбит Терехов Афанасий Васильевич, Үөһээ Бүлүү улууһун “Якутлесресурс” Саха Республикатын государственнай автономнай тэрилтэ директора Захаров Алексей Владимирович, элбэх сыл ойуур хаһаайыстыбатыгар инженеринэн үлэлээбит Игнатьев Филипп Егорович уонна араас сылларга үлэлээн ааспыт бэтэрээннэр кэлэн күндү ыалдьыт буоллулар, кинигэ бэлэх ылан үөрүүлэрэ икки төгүл үксээтэ.
Бу күн урукку үлэлээн ааспыт кэмнэрин, эдэр саастарын олус истиҥник, сылаастык ахтан-санаан аастылар, элбэх истиҥ тыллар, эҕэрдэлэр этилиннилэр.
Күөх суугуммут көҕөрө чэлгийдин,
чыычаах ырыатынан, көтөр-сүүрэр саҥатынан чуопчаара турдун,
күндү түүлээх, кыыл-сүөл хорҕойор көмүс-ньээкэ уйата буоллун!





