Дмитрий Федосеевич Наумов – үбүлүөйдээх 75 сааһын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһин

Алтынньы 14 күнүгэр Н.И. Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта, Саха сирин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү, Амма, Томпо улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, аныгы кэм биллэр суруйааччыта, драматура Дмитрий Федосеевич Наумов – үбүлүөйдээх 75 сааһын бэлиэтиир “Саха уйгута – тыа сирэ” үөрүүлээх тэрээһинэ буолан ааста.

Дмитрий Наумов “Ааспыт үйэ кэпсээнэ” айымньытынан дьүһүйүү көрдөрөн дьоро киэһэтэ саҕаланна. Тэрээһини норуот айымньытын киинин салайааччыта А.К. Босикова уонна СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, П. Тобуруокап түмэл уһаайбатын салайааччыта И.Е. Чычахов иилэн-саҕалаан ыыттылар. Дмитрий Федосеевич айар үлэтин туһунан чугас доҕотторо Иван Чычахов, Георгий Степанов истиҥ иһирэх ырытыыны оҥордулар. Суруйааччы «30 кэпсээн» уонна «Ааспыт үйэ оҕолоро, аныгы үйэ… оҕонньотторо» диэн саҥа тахсыбыт кинигэлэрин билиһиннэрдилэр.

Улуус баһылыгын э.т. С.А. Михалев, улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Н.Н. Николаев уонна улуус култууратын департаменын салайааччыта С.С. Ильинова эҕэрдэ тылларын эттилэр.
“Санаа ситимэ” айар түмсүү кыттыылаахтара Дмитрий Наумов айымньытыттан дэриэбинэ туһунан быһа тардыыны ааҕан иһитиннэрдилэр. Улуустааҕы О.Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека коллектива Полина Победа суруйуутугар, Николай Чуручанов матыыбыгар норуодунай суруйааччыга анаммыт “Көмүс күтүөт” диэн ырыаны аан маҥнайгытын ыллаан сэргэхситтэ.
Оҕо искусство оскуолатын фойетыгар Нам нэһилиэгин орто агро хайысхалаах оскуолата быыстапка-дьаарбаҥканы уонна “Сиккиэр” түмсүү урукку кэми ахтан-санаан ааһар сэргэх быыстапканы тэрийдилэр.